Бетпак-Дала

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бетпак-Дала, (каз.Бетпакдала)Хотугу Аччык истиэп - Караганда, Соҕуруу Казахстан уонна Жамбыл диэн Казахстан уобаластарыгар баар кураанах сир. Сарысу өрүс аллараа өттүн, Чу өрүс, Балхаш күөл икки ардыларынан сытар. Координаттара (46°02'N 70°12'Е). Хотугу өттүгэр 46°30' параллель аттынан Казах мелкосопочнигын кытта кыраныыссалаһар. Иэнэ 75000 кв. км., уһуна, арҕааттан илин 500 килэмиэтир кэриҥэ, хотуттан соҕуруу 170 килэмиэтигэ диэри. Бетпак-Дала - хаптаҕай уонна сытыары долгуннардаах курдук көнө сир, орто үрдүгэ 300-350 м. Саамай үрдүк туочуката - Жамбыл хайа( муора таһымыттан 974 м.үрдүк). Бетпак-Дала илин өттө Казахскай мелкосопочник каледонскай структураларын салгыыта. Кини, аллараа сытар көнө сир, онно намыһах субурҕа хайалар элбэх хотооллору кытта солбуйсаллар. Арҕаа өттүгэр, палеозойскай породалар сытыары, мезозойскай уонна палеогеновай көпсөркөй араҥалар(кумах, кумах быыстаах, туойдаах, галечниктаах) анныларыгар тимирэн сырыынньа хаспахтардаах, хоруулардаах көнө сиргэ кубулуйар. Климата континентальнай, сайына кураан уонна итии, кыһына сымнаҕас, аҕыйах хаардаах(хаарын халыҥа 10-15 см. үрдээбэт) салгын орто сылааһа -12,-14°С, от ыйыгар 24-26°С. 30 м.диэри дириҥник сытар сир аннынааҕы уута дэлэгэй. Сылга 100-150 мм сөҥүү түһэр. Баһыйар үксэ буурай, биитэр, сиэрэйдээх буурай буккуспут өҥнөөх почвалаах кураанах сир. Намтыыр сирдэригэр такырдар уонна солончактар элбэхтэр. Сарысу уонна Чу өрүстэр аттыларынааҕы томтордуу уонна субурҕалыы сытар үрдэл кумахтары саксауллар уонна терескены, сиэрэй полыны, житиягы санатар үүнээйилэр баһылыыллар. Фауна бэрэстэбиитэллэрэ - архар уонна косуля, күөх оттоох налыыларга уонна хайалар тэллэхтэригэр сытар көнө сирдэргэ - сайгак, джейран; курупааскы, улар, дрофа эмиэ бааллар. Бетпак-Дала сирэ Караганда, Жамбыл, Шымкент, Кызылорин уобаластар хаһаайыстыбаларыгар сааскы уонна күһүҥҥү мэччирэҥ сирэ буолаллар. Саас сүөһүнү хоту, сайыҥҥы мэччирэҥҥэ Казахскай мелкосопочникка үүрэллэр, күһүн кыстыкка соҕуруу - Мойынкум кумаҕар уонна Чу өрүс налыытыгар илдьэллэр. Бетпак-Далаҕа, 25000 га иэннээх зоологическай заказник тэриллибитэ. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%91%D0%B5%D1%82%D0%BF%D0%B0%D0%BA-%D0%94%D0%B0%D0%BB%D0%B0 https://geosfera.org/aziya/kazaxstan/1573-betpak-dala.html