Бестинова Мария Васильевна
Бестинова Мария Васильевна — Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, РФ уопсай Үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ.
Олоҕун кэрчиктэрэ
1954 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕыс кылаас кэннэ ЯПУ-2 үөрэнэн бүтэрэн баран Хороҕо оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлээбитэ. 1982 сыллаахха СГУ историческай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Ити кэмтэн Хоро орто оскуолатыгар үтүө суобастаахтык история учууталынан үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.