Бернулли, Якоб

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бернулли, Якоб
Niklaus Bernoulli уруhуйа
Niklaus Bernoulli уруhуйа
Төрөөбүтэ Я́коб Берну́лли
27 Ахсынньы Базель, Швейцария
Өлбүтэ 16 Атырдьах ыйын Базель, Швейцария
Олорбут сирэ ШвейцарияFlag of Switzerland.svg Швейцария
Омуга Швед
Эйгэлэрэ Математика
Үлэлэрэ Базельский университет

Я́коб Берну́лли (математига. Вероятность (сабаҕалааһын) түөрүйэтин уонна Математическай ырытыы олохтооччулартан биирдэстэрэ. Бернулли, Иоганн убайа буолар. Кинилиин тэннэ Вариационнай исчисленияны саҕалаабыта. Чааhынай түгэни дакастаабыта Улахан чыыhыла сокуона — Бернулли теоремата буолар. Базель университетыгар математика профессора (1687 сылтан саҕалаан). Берлин уонна Франция билим академиятын чилиэнэ.

Олоҕун олуктара

Аҕата Николай Бернулли диэн фармацепт иэдэлээҕэ. Бастаан, аҕатын баҕатынан Базаель университетыгар таҥара үэрэҕэр үэрэммитэ, ол сылдьан бэйэтэ математиканан дьарыгырбыта. Университекка 5 омук тылын үэрэппитэ (французкай, итальянскай, английскай, латинскай уонна греческай). 1671 сыллаахха философия оттүнэн учуонай истиэпэнин ылбыта. 1676-1680 сылларга Европаны кэрийбитэ. Ол сылдьан Францияҕа Декарт идеяларын үэрэппитэ. Дойдутугар төннөн баран чааhынай учууталынан үлэлээбитэ. 1682 сыллаахха Нидерландыга уонна Англияҕа сылдьыбыта. Ол сылдьан Гюйгенстыын, Гуктуун уонна Бойллыын билсибитэ. Эһиилги сылыгар Юдит Штупанус диэн кыыһы кэргэн ылбыта. Уоллаах кыыс оҕоломмуттара. 1683 сылтан Базель университетыгар физикаҕа лекция ааҕар буолбута. 1687 с. Базель университетыгар профессорынан талыллыбыта, онно олоҕун тухары улэлээбитэ. 1699 сыллаахха Франция билим академиятын чилиэнэ буолбута, онтон 1702 сыллаахха Берлин билимин академиятыгар эмиэ киирбитэ. 1705 с. атырдьах ыйын 16 күнүгэр сэллик ыарыттан сылтаан суох буолбута. Базель сборугар көмүллүбүтэ. Уҥуоҕун маhыгар логарифмическай спираль уруhуйдаммыта. Якоба уонна Иоганна Бернулли ааттарынан ый кратера ааттаммыта.

Ситиһиилэрэ

1690 сыллаахха кривой Лейбнициҥ токур формалаах сорудаҕын суоттаан, дакаастабылын таhаарбыта. Ол үрдүнэн дифференциальнай интеграл суотун оҥорбута, маны суоттуон иннинэ «интеграл» диэн өйдөбүл биллибэт этэ.

Туhаммыт литература