Башар Асад

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Башар Асад (Башар Аль Асад) - Сирия президена.

Өстөөхтөрө кинини "бэйэтин норуотун өлөрөөччү, демократияны утарааччы, АХШ өстөөҕө, Владимир Путин доҕоро" - диэн ойуулууллар.

Башар уонна Асма аль-Асад, 2003 с.

Дьиэ кэргэнэ

Башар Асад Хафез Асад уонна Анис үһүс оҕолоро. Киниттэн ураты өссө үс уол: убайа Басиль, бырааттара Махер уонна Маджид, уонна эдьиийэ Бушра бааллар.

2001 сыл тохсунньу 1 күнүгэр Башар Асад Асма аль-Ахрас диэн биллэр суннит уустарыттан төрүттээх кыыһы ойох ылбыта[1]. Кэлин Асма аль-Асад кэпсээбит: «Кыра эрдэхпититтэн билсэбит. Оҕо сылдьан доҕордоһуубут тапталга кубулуйбута.[2]». 2001 сыллаахха Хафез диэн уолу, 2003 сыллаахха — Зейн диэн кыыһы, 2004 Карим диэн өссө биир уолу төрөппүттэрэ[3].

Быһаарыылар

  1. Ольга Калинина, Кирилл Новиков (08.03.2004). "Биографические Страницы". Еженедельник "Коммерсантъ". http://www.kommersant.ru/doc/455742?isSearch=True. 
  2. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); Ассад диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  3. "Bashar al-Assad". nndb.com. http://www.nndb.com/people/089/000029999/#FN1.