Баабыр

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
?
Баабыр
Баабыр
Билим классификацията
Саарыстыба: Харамайдар
Кэлим: Хордалыктар
Кылаас: Кыыллар
Аймах: Carnivora
Кэргэн: Felidae
Уус: Panthera
Көрүҥ: P. tigris
Латыынныы аата
Аан дойдуга биллэр аата ыйыллыбатах
Вы можете помочь проекту,
поставив latin=название
внутри шаблона taxobox в тексте статьи

Баабыр – Бабыр (Panthera ууhун 5 биэс "бөдөҥ куоскаларыттан" биирдэстэрэ. Төрүт үөскээбит сирдэрэ — Суматра арыыга (альбинос. Баабыр размера массыынаҕа тэҥнээх - 3 миэтэрэ, онтон ыйааһына 170

— 330 киилэ. Уһуна 1,5 - 2 миэтэрэ, кутуругун уһуна 1 - 1,15 миэтэрэ, үрдэ 1 миэтэрэ. Баабыр кыһыл кинигэҕэ киирэр. Сэдэх кыыл тириитин түүтэ уһун - түүтэ Баабыры тымныыттан харыстыыр, онтон хара сурааһыннара саһарга, маскировкаланарыгар көмөлөһөр. Дьүһүнэ кыһынын уонна сайынын уларыйбат, кыһынын арыый сырдык соҕустук көстөр. Атаҕа арыый кэтит соҕустар, халыҥ хаарынан хаамарыгар көмөлөһөр. Баабыр кыһыл кинигэҕэ киирэр. 1930 сыллаахха булчуттар кэриэтэ барыларын өлөрбүттэр. Кыылы быыһыыр туһугар судаарыстыба кыһыл кинигэҕэ киллэрбитэ, ол кэннэ 1960 сыллаахтан ахсааннара арыый элбээбиттэрэ. 90 сыл устата 20 төгүл элбээбит. Билигин территорияҕа олоруохтарын сөп, тоҕо диэтэргэ олорор сирдэригэр элбэх аһыыр астаах буоллахтарына. Аһыыр астара суох, ол эбэтэр бүппүт буоллаҕына салҕыы көрдүү бараллар. Баабырдар олорор территорияларыгар бэлиэ хааллараллар, ол эбэтэр хаспыт буолаллар, сурааһын хаалларбыт буолаллар. Атын кыыллар, ол эбэтэр атын Баабыр киирбит буоллаҕына охсуһаллар. Бултууругар олох сэрэнэн сэрэнэн чугаьаан, күүтэн баран биирдэ эмискэ кэннин атахтарынан тэбинэн баран саба түһэр. Баабырдар икки сылга биирдэ төрүүллэр. 3-4 ый кэннэ Ийэ Баабыр иккиттэн түөрткэ диэри оҕолорун таһаараллар. Аан бастаан үүтүнэн аһаталлар онтон 2 ыйдарыгар бастакыларын эт боруобалыыллар. Ийэлэрэ биир нэдиэлэ эрэ оҕолорун кытта күнү быһа сылдьар онтон бултуу барар. Икки саастарыгар диэри бултуурга үөрэтэр, 3-4 саастарыгар этэргэ дылы, улааталлар.