Аһынар санаа
Аһынар санаа диэн киһиэхэ эрэ үөскүүр үтүө, үчүгэй көмөлөһөр, көмүскүүр санаа ааттанар.
Хас киһи барыта бэйэлэрэ тус-туспа эттээх-сииннээх, куттаах-сүрдээх буолуулара, өйдөрө-санаалара эмиэ тус-туспа буоларыгар тириэрдэр. Киһи бэйэтин өйүн-санаатын атын дьон сабыдыалларыттан сатаан харыстыыр, көмүскүүр күүстээх санаалаах буолара наада. Күүстээх санаалаах киһи бэйэтин хаһан баҕарар көмүскэнэр кыахтаах буолар.
Ырыынак кэмигэр харчы күүһэ баһылыыр буолан, элбэх харчылаах киһи атын киһини баһылыыр, салайар буолуутугар толору кыах бэриллэр. Дьон кыахтаах өттүлэрэ бэйэлэрэ бас билэн салайар дьонноноллоро кыаллар буолла. Ырыынак сокуоннара киһи киһиэхэ сыһыаннарын төһө эмэ кытаатыннаран, ордук аһынымтыата суох, дьэбир оҥордулар. Бэйэ иннин аан маҥнай көрүнэр буолуу ордук сайынна, «Бэйэ ырбаахыта этиттэн чугас буолара» чахчы билиннэ.
Киһи бэйэтин кыаҕын кыра эрдэҕиттэн сайыннаран, күүстээх санаалаах буола улаатара олох ирдэбилэ буолла. Бэйэ кыаҕа суох буолуута атын дьон сабыдыалларыгар киирэн биэриигэ тириэрдэр буолан ордук уустуктары үөскэтэр. Кыаҕа суох киһи хайа сабыдыалга киирэн биэрэрин бэйэтэ да билбэккэ хаалара элбээтэ.
Киһи бэйэтэ атын киһи баһылааһыныгар аһара киирэн биэрбэтэ ордук. Бэйэтэ өйдөөх-санаалаах киһи ханнык баҕарар уустук кэмнэргэ бэйэтин өйүнэн-санаатынан салаллар буола үөрэнэрэ кыра эрдэҕиттэн наада. Кыра оҕону аһынан «Эн кыраҕын дии, кыайбаккын» диэн үөрэтии оҕо өйүн-санаатын хам баттааһыҥҥа тэҥнэнэр. Дьулуура, тулуура суох киһи оҥорор, барытыгар-бары атын киһи көмөтө, аһынара наада буолан иһэр. Аһынар санаа киһиэхэ «Бэйэм мөлтөх эбиппин» диэн өйдөбүлү иҥэрэр буолан кыра оҕону үөрэтэргэ олох да туттуллубата ордук буолуо этэ. Дөлбү түһэн тугун эмэтин өлөрбүт оҕону аһынан: «Оҕом буорайда»,- диири кытта дьэ ытаан тоҕо барар. Санаатын көтөҕөн имэрийэ түһэн баран: «Тулуйдахха ааһааччы»,- диэн үөрэттэххэ оҕо тулуура улаатар. Аһыннара үөрэммит киһи туох эмэ быһаарыыны ылынар кэм тирээн кэллэҕинэ атын киһи өйүгэр-санаатыгар киирэн биэрэрэ олус элбэх. Атын киһи аһынарыгар, көмөтүгэр үөрэммит буолан анараа киһитэ эппитин толорооччу буолан хаалар.
Төрөппүттэр кыра оҕолорун аһара аһынан, ымманыйан «Оҕом кыра, кыаммат» диэн этиилэрэ, үөрэтиилэрэ оҕолорун өйүгэр-санаатыгар куһаҕаны, «Бэйэм мөлтөхпүн» диэн өйдөбүлү үөскэтэн кэбиһэр. Аһыннара үөрэммит оҕо сыппах, атын дьон көмөлөрүгэр, аһыналларыгар наадыйар киһи буола улаатан хаалар. Төрөппүттэр оҕолоругар үтүөнү, үчүгэйи оҥорор сыалтан, өйүн-санаатын сайдыытын хааччахтаабат наадаҕа, аһара аһынар санааларын истэригэр туталлара ордук туһалаах.
Атын киһи өйүгэр-санаатыгар баһыттарбат туһугар, анараа киһи этиилэрин бары өттүнэн сыаналаан көрөргө үөрэниэххэ, кини этиитигэр быһаччы киириммэт буолуу өй-санаа баһыттарбатын бэлиэтэ буолар. Анараа киһи этиитэ бэйэҕэ төһө туһалаах буолуутун, бу этииттэн туох уларыйыылар тахсыахтаахтарын аан маҥнай быһааран, ырытан баран сөбүлэһэр ордуга быһаарыллар.
Киһи атын киһи баһылааһыныгар киириитин биир холобурунан аһынар санаа буолар. Бэйэтэ олус үчүгэй санаа. Хас киһи аайы бэриллибэт үтүө майгы буолар. Киһи барыта биир буолбатынан, бу аһынар санааны бэйэлэрин тустарыгар туһаныахтарын баҕарар дьон баар буолаллар. Туохтара барылара кыаттарбатын туһунан дьоҥҥо кэпсээн кинилэргэ аһынар санаа үөскүүрүн ситиһэллэр. Атын киһиэхэ аһынар санаа үөскүүрүн ситиһии аһыннарыы диэн ааттанар.
Киһи киһини аһынар буолуута кини баҕатын толорорго тириэрдэр. Аһынар санааттан анараа киһи бары баҕатын толоруу, кини эппитин курдук оҥоруу, кини баһылааһыныгар толору киириини көрдөрөр. Аһынар санаа киһи өйүн-санаатын арыйар. Көмүскэлэ суох оҥорор. Урут харыстана сылдьыбыт санаата суох буолан өйө-санаата арыллар.
Дьоҥҥо аһыннара сатыыр дьон, бэйэлэрэ аһынар киһини бас билиилэригэр киллэрэ сатыыллар. Ханан эмэ аһыннаран, тугу эмэни көрдүөххэ диэн санаалара киирэр. Аһыннара сатыыр киһи олус элбэх араас көрдөһүүлэрэ барылара кини баҕатын курдук толоруллан иһэллэригэр баҕарар. Кини бары баҕатын эппитин курдук толорон иһии кини толору баһылааһыныгар киирэн биэриини бэлиэтиир.
Аһыннара сатааһын атын киһини бэйэ өйүгэр-санаатыгар киллэрии биир көрүҥүнэн ааҕыллар. Аһынар киһи көмөлөһө сатыыр, анараа киһи баҕатын кыаҕа баарынан толорор. Аһыннарар киһи баҕата эбиллэн иһэрэ кини бэйэтин баһылааһыныгар киллэрэ сатыырын чуолкайдыыр.
Бэйэмсэх киһи куруук бэйэбэр эрэ үчүгэй буоллун диэн санаата хаһан баҕарар баһыйа сылдьар, аһыннаран бэйэлэрин тустарыгар туһанар санаалара элбэх буолар.
Төһө да аһыннар даҕаны бэйэтин санаатын бас бэриннэримиэн баҕарар киһи, анараа киһи баҕатыгар өйүнэн-санаатынан утарсан иһиэхтээх. «Маннык буолбат» эбэтэр «Мин бу курдук оҥоробун» диэн бэйэ өйүн-санаатын араарына сылдьар буоллаҕына анараа киһи баһылааһыныгар киирэн биэрбэт.
Дьон бары өйдөрө-санаалара тус-туһунаннар. Олус бэйэмсэх, миэхэ бэйэбэр эрэ үчүгэй буоллун диэн санаалаах төрөппүттэр оҕолоругар олус аһыннаран кинилэринэн бэйэлэрин араас баҕаларын барытын толорторо сатыыллар. «Бары барыта кэмнээх буолуохтаах» диэни саха дьоно билэллэр. Ол иһигэр аһыныы эмиэ киирсэр. Аһынар санаа элбэх буоллаҕына аһыннарыан баҕалаах элбиир.
Аһынар санаа - үтүө, үчүгэй санаа. Киһи киһиэхэ сыһыаныгар аһынар санаа баар буолара ордук. Киһи барыта биир тэҥ күүстээх, кыахтаах буолбатах. Бэйэттэн мөлтөх, кыаҕа суох дьону кытта сыһыаҥҥа аһынар санаа бастакы миэстэни ылара ордук туһалаах. Кыахтаах дьоҥҥо элбэх аһынар санаа баар буолуута киһи киһиэхэ сыһыанын лаппа тупсарар. Дьону барыларын сөптөөх кэмээйинэн аһынар буолуохха, үчүгэй санаалаах дьону ордук аһыныахха.
Аһыныы диэн ким эмэ кыһалҕатыттан уйадыйа санааһыны, кыһалҕатын өйдүүр буолууну этэллэр. Киһи аһына санаатаҕына эньиэргийэтэ көҕүрүүр. Элбэх эньиэргийэлээх дьон аһыныгас буолаллар, аһынар санаалара күүстээх. Киһини аһынар санааҕа киллэрэн аһыннара сатыыр дьон аһынар дьонтон эньиэргийэлэрин эбинэллэр, күүс-кыах ылаллар. «Аһыныгас киһи» диэн чахчы кыахтаах, элбэх эньиэргийэлээх киһини этэллэр. Кини аһынар санаата элбэх киһиэхэ холкутук тиийэр буолан итинник ааты иҥэрэллэригэр кыахтаах буолар.
Ыарахан олоххо үөскээбит дьон аһыныгастар. Кинилэр бэйэлэрэ кыһалҕалаах олоххо үөрэнэннэр атын киһи кыһалҕатын таба өйдүүргэ үөрэммиттэр. Туох баалларынан барытынан көмөлөһө сатыыллар. Сөптөөх кэмигэр көмөлөһө сатааһын киһи санаатын көтөҕөр, күүс биэрэр буолан ураты суолталаах. Кыаҕа суох буолбут, санаата түспүт киһиэхэ көмөлөһүү кэнниттэн саҥа күүс киирэн бэйэтин кыанар буолан барыан сөп.
Аһынар санаа уонна аһыннарыы диэн бэйэ-бэйэлэриттэн үөскээн тахсар утарыта өйдөбүллэр буолаллар. Киһи киһиэхэ сыһыаныттан үөскээн тахсалларыттан дьон олохторугар куруук баар буолаллара наада. Дьон олохторун сиэрин быһыытынан хайалара да аһара барбаттара ордук туһалаах. (1,31).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Киһи буолуу. - Дьокуускай: Издательский дом "Якутия", 2005. - 80 с.