Ашина
Ашина (кыт.: 阿史那, пиньинь: Āshǐnà) — VI—IX үйэлэргэ былыргы түүр хаҕаннарын аҕа ууһа.
Ашина төрүтэ
Үгүс чинчийээччилэр, холобур, Х. В. Хауссиг[1], А. Н. Бернштам[2], Ю. А. Зуев[3], Д. Г. Савинов[4], С. П. Гущин[5], Рон-Таш[6], Р. Н. Фрай[7], Финдли[8], В. У. Махпиров[9] сабаҕалыылларынан Ашина аҕа ууһа сака-усунь төрүттээх. Картер Финдли этэринэн «Ашина» аҕа ууһун аата Орто Азиятааҕы Ираанныы төрүттээх тылларга «күөх» диэн суолталаах[10].
Х. В. Хауссиг[1] уонна С. Г. Кляшторнай[11] сабаҕалыылларынан Ашина аҕа ууһун аата былыргы перстии ахşаẽnа «халлаан күөх» диэн тылтан үөскээбит буолуон сөп[12], онтон бу аат «гөк-түрк», ол эбэтэр «күөх түүр» диэҥҥэ кубулуйбут. Ону таһынан С. Г. Кляшторнай «Ашина» аат сакалыы asana «аар, үтүө» диэнтэн үөскүөн сөп диир[13].
Дьоппуон чинчийээччилэрэ сабаҕалыылларынан «Ашина» аат дьиҥэ «Ашинас» диэн уонна хайа эрэ түүр аҕа ууһун аата буолуохтаах. Онно эбии бу чинчийээччилэр этэллэринэн Ашиналар тоҥус төрүттээх буолуохтарын сөптөр[14].
Л.Н. Гумилев[15], Н. Я. Бичурин[16] уонна М. И. Артамонов[17] чинчийиилэрин түмүктэригэр Ашиналар моҕол төрүттээхтэр диэн санааҕа кэлбиттэр.
Ашина хаҕаннарын хааннарын чинчийии
Генетиктар Бумын-хаҕан сыдьааннарын хааннарын үөрэтэннэр Ашиналар R1a гаплогруппа Z93, Z94+, Z2123-, Y2632 салааларыгар сыһыаннаахтар диэн түмүккэ кэлбиттэр[18].
Ашина бэлиэтэ
Ашина аҕа ууһун бэлиэтэ судургутуллубут чубуку уруһуйа этэ[19].
Ашина удьуора
Ашина аҕа ууһун төрүттээччилэрэ Бумын (илиҥҥи салаа) уонна Истэми (арҕааҥҥы салаа) хаҕаннар буолаллар. Бу аҕа ууһун дьоно үрдүк сололордоох этилэр, холобур йабҕу — хаҕан кэнниттэн бастакы соло, тыгын — хаҕан нэһилиэнньигэ. Хаҕан солотун Ашина аҕа ууһун дьоно эрэ ылар кыахтаах этилэр[20].
Илиҥҥи салаа
- Бумын хаҕан — 542—552 сс., 551 сылтан хаҕан.
- Хара Иссик хаҕан — 553—554 сс.
- Муҕан хаҕан — 554—572 сс.
- Татпар хаҕан — 572—581 сс.
- Амрах хаҕан — 581 с.
- Ышбара хаҕан — 581—587 сс.
- Баҕа хаҕан — 587—588 сс.
- Тулан хаҕан — 588—599 сс.
- Тарду — 599—603 сс.
Арҕааҥҥы салаа
Түүр хаҕанат арҕааҥҥы салаатын салайааччылара
- Истэми — 554—576 сс.
- Тарду — 576—599 сс.
- Нири — 599—603 сс.
Арҕааҥҥы Түүр хаҕанатын хаҕаннара
- Нири хаҕан — 603—604 сс.
- Басыл тыгын — 604 с.
- Таман хаҕан — 604—612 сс.
- Шэгуй хаҕан — 612—618 сс.
- Тоҥ Йабҕу хаҕан — 618—630 сс.
- Күлүг Сибир хаҕан — 630—631 сс.
- Сы Йабҕу хаҕан — 631—633 сс.
- Дуолу хаҕан — 633—634 сс.
- Ышбара Толис хаҕан — 634—639 сс.
- Ышбара хаҕан (Ашина Хэлү) — 653—657 сс.
- Ашина Дужи — 676—679 сс.
- Ашина Хусэлуо (Бөри шад) — 693—704 сс.
Литература
- Гумилёв Л. Н. Древние тюрки. М.-Л., Наука, 1967.
- Кляшторный С. Г. Древнетюркская надпись на каменном изваянии из Чойрэна // СНВ. Вып. XXII. М.: 1980. С. 90-102.
- Кляшторный С. Г. Версия древнетюркской генеалогической легенды у Ал-Бируни // Среднеколетный Восток. История. Культура. Источниковедение. М., 1980.
- Савинов Д. Г. Антропоморфные изваяния и вопрос о ранних тюрко-кыргызских связях // Тюркологический сборник 1977. М., 1981.
- Кляшторный С. Г., Савинов Д. Г. Степные империи древней Евразии. СПб., 2005.
Быһаарыылар
- ↑ 1,0 1,1 Haussig Н.W. Byzantinische Qullen über Mittelasien in ihrer historischen Aussage // Prolegomena to the sources on the history of pre-Islamic Central Asia. Budapest, 1979. S. 55-56.
- ↑ Бернштам А. Н. Никита Яковлевич Бичурин (Иакинф) и его труд «Собрание сведений…» М.-Л., Наука, 1950.
- ↑ Зуев Ю. А. Тамги лошадей из вассальных княжеств (Перевод из Китайского сочинения 8-10 вв. Танхуйяо, том 3, глава (цзюань) 72, стр. 1305—1308)
- ↑ Савинов Д. Г. Владение Цигу древнетюркских генеалогических преданий и таштыкская культура. // Историко-культурные связи народов Южной Сибири. Абакан: 1988. С. 64-74.
- ↑ Муратов Б. А. ДНК-генеалогия тюркоязычных народов Урала, Волги и Кавказа. Том 4, серия «Этногеномика и ДНК-генеалогия», ЭИ Проект «Суюн». Vila do Conde, Lidergraf, 2014, илл. ISBN 978-5-9904583-2-1.
- ↑ Róna-Tas 280.
- ↑ Frye Richard N. Turks in Transoxiana
- ↑ Findley 39.
- ↑ Махпиров В. У. Имена далеких предков / В. У. Махпиров. — Алматы: Инс-т востоковедения МН АН РК, 1997, С.137-138.
- ↑ CARTER VAUGHN FINDLEY.THE TURKS IN WORLD HISTORY. 2005, с.39,41.
- ↑ Kjyashtorny S.G. The Royal Clan of the Turks and the Problem of its Designation//Post-Soviet Central Asia. Edited by Touraj Atabaki and John O’Kane. Tauris Academic Studies. London*New York in association with IIAS. The international Institute for Asian Studies. Leiden-Amsterdam, P.366-369.
- ↑ Кляшторный С.Г., Савинов Д. Г. Степные империи древней Евразии. — СПб: 2005. — 346 с.. kronk.spb.ru. Тургутулунна 25 Муус устар 2019.
- ↑ Кляшторный С. Г. Проблемы ранней истории племени тÿрк (ашина) // Новое в советской археологии / МИА № 130. М.: 1965. С. 278—281.
- ↑ Osawa, Takashi, «A hypothesis on the etymology of the Old Turkic royal clan name Ašina/Ašinas and the transformation process in the early Abbasid period», Chronica, S.11, (2011), s.145-153
- ↑ Гумилёв Л. Н. Древние тюрки. М.-Л., Наука, 1967.
- ↑ Бичурин Н. Я. Собрание сведений о народах, обитавших в Средней Азии в древние времена. — Москва-Ленинград: Академия наук СССР, 1950. — С. 184.
- ↑ Артамонов М. И. История хазар. — Рипол Классик, 2013. — С. 103. — 530 с. — ISBN 9785458275170
- ISSN 2410-1788, Volume 3, No. 2 [1,2]. March 2016. p. 154—157. R.R. Suyunov, Муратов Б. А., Суюнов Р. Р. Саки-динлины, аорсы, Ашина и потомки кланов Дешти-Кипчака по данным ДНК-генеалогии // Вестник Академии ДНК-генеалогии (Бостон, США) → Том 7, № 8, Август 2014, стр. 1198—1226., Muratov, Муратов Б. А. ДНК-генеалогия тюркоязычных народов Урала, Волги и Кавказа. Том 4, серия «Этногеномика и ДНК-генеалогия», ЭИ Проект «Суюн». Vila do Conde, Lidergraf, 2014.
- ↑ Тюркологический сборник. 2009—2011. М., 2011, С. 211.
- ↑ CARTER VAUGHN FINDLEY.THE TURKS IN WORLD HISTORY. 2005, с.44.