Алтай тыллара
Алтай тыллара — тыл ууһун тиэрминэ, түүр, монгуол, уонна тунгус-маньчжур тыллар салаалара киирэллэр; сороҕор кэриэй тыла киирэр, мөккүөрдээх дьоппуон-рүкү тыл салаата киирэр[1]. Алтай хайаларын чиэһигэр ааттааммыт.
Бу тыл уустара элбэх майгынныыр билиэлээхтэр. Төрүтэ ыйытыылаах. Биир түмсүү "алтайыыстар", бу тыллар биир праалтай тылыттан тахсыбыттар дииллэр. Атын түмсүү "антиалтайыыстар", бу тыллар маарыннаһыылара сибээстэһии иһин буолан таҕыстылар дии саныыллар. Сорох лингвистар бу икки теориялар син биирдэр диэн санаалаахтар.
Иһинээҕи классификация
Үс аннынааҕы уус:
- арҕаа (түүр-монгуол) 4 б. э. инн. тыһыынча сыл аҥаарыгар түүр уонна монгуол салааларга арахсыбыт;
- орто тунгус-маньчжур салаатын киллэрэр;
- илин (дьоппуон-кэриэй) 3 б. э. инн. тыһыынча сыл аҥаарыгар дьоппуон уонна кэриэй салааларга арахсыбыт.