Албыннааччылар элбэхтэр
Албыннааччылар элбэхтэр диэн этии киһи өйө-санаата сайдан албыҥҥа киирэн биэрбэтигэр ыҥырар.
Кэлин оскуоланы буруйдуура хаалан хаалбат.
Эдэрдэр буруйу-сэмэни оҥороллоро элбээһинэ төрөппүттэр оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһи быһыылаах буолууга ииппэттэриттэн ордук улахан тутулуктаах. Улаатан истэҕинэ аан бастаан аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары урутаан билэн, олору оҥорбот буоларыгар үөрэтии суох буолбутуттан, бу куһаҕан быһыылары үчүгэйдэртэн арааран билбэттэриттэн оҥорон кэбиһэллэрэ аһара баран эрэр.
Оҕо өйө-санаата сайдан, үүнэн үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран, туһалааҕы оҥорор буола үөрэниэр, киһи буолууну баһылыар диэри тэптэрэн, киһиргэтэн биэрии ордук улахан куһаҕаны оҥорор. Оҕо өйүн-санаатын икки өрүтэ; үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥоруута тэҥҥэ сайдан иһэринэн хайалара оҥорорго эрэйэ суоҕун булан, чэпчэкитин аан бастаан оҥорор кыахтанар. Манна куһаҕан быһыылар оҥорорго ордук дөбөҥнөрүнэн, судургуларынан, боростуойдарынан олору урутаан оҥоро үөрэнэн хаалыан сөп. Улаатан иһэр оҕо куһаҕан быһыылары аан бастаан арааран билэрэ, олору оҥорбот буола үөрэнэрэ эрэйиллэр.
Перестройка уларыта тутуутун кэнниттэн эдэрдэр буруйу, куһаҕан быһыыны оҥоруулара элбээһинигэр “айыыны оҥор” диэн сыыһа үөрэтии улахан буруйдаах. Сахалыы өйү-санааны үөрэтии түмүгэ итинник быһаарыыны оҥорор кыаҕы биэрэр.
Төрөппүттэр биир эмэ оҕону кыра эрдэҕиттэн киһилии быһыыга үөрэппэккэ, “айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн этэн үөрэттэхтэринэ, ону-маны, буолары-буолбаты оҥоро, саҥаны айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥоро сатаан сыыһа-халты, аһара туттунарыттан куһаҕан быһыыны элбэтиэн, өссө аһара бардаҕына бэйэтэ буруйга-сэмэҕэ тиксиэн сөп.
Салгын кут өйө-санаата аһара түргэнник сайдан иһиитин буор кут ситэн ылыммакка, эккэ-сииҥҥэ иҥэрбэккэ хаалан хаалар кыаҕа аныгы кэмҥэ улаатта. Өй-санаа, салгын кут аһара сайдыыта дьоҥҥо туһата аҕыйах, эт-сиин үөрүйэх буолуута өй-санаа сайдыытын кыайан сиппэт, хаалан хаалар кутталланар.
Оҕо өйө-санаата сайдан иһиитэ элбэх айыыны оҥорон иһэригэр, үөрэҕи-билиини иҥэринэригэр тириэрдэр. Оҕо өйүгэр-санаатыгар үөрэҕи билии эмиэ саҥаны билиитэ, арыйыыта, айыыны оҥоруута буолан ийэ кутун быһалыы үөскэтэр.
Өй-санаа мэйиигэ үөскүүр. Мэйии соҕотох эрэ. Киһи биир мэйиитинэн толкуйдаан, ырытан, быһааран туох эмэ дьыаланы, быһыыны оҥорор. Киһи бу оҥорбут быһыытын атын дьон туох дии саныылларыттан үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн сыаналанан икки аҥы арахсар. Оҕо бэйэтэ улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны аан маҥнай араарбат, хайата бэйэтигэр ордук туһалааҕын, оҥорорго чэпчэкитин урутаан оҥорорго үөрэнэн хаалыан сөп. Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарыыга атын дьон этиилэрин, көрдөрөн биэриилэрин биллэҕинэ эрэ таба арааран туһанарга үөрэнэрин төрөппүттэр билэн оҕолорун бэйэлэрин үтүгүннэрэн, батыһыннаран иитэллэр, үөрэтэллэр.
Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран үөрэтиини сахалар “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн этэллэр. Ситэ арааран билбэт киһини “Үрүҥү, хараны араарбат” диэн өйө-санаата ситэ тиийбэтин биллэрэллэр.
Дьон үгүстэрэ үчүгэй, туһалаах быһыы диэтэхтэринэ бу быһыы үчүгэй диэн быһаарыллар, ылыныллар, үгүстэр үтүктэ сатыыллар. Үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥорору бары кэриэтэ сөбүлүүллэр эрээри, үгүс өттө бэйэлэригэр үчүгэйи оҥоруу буолан тахсар. “Киһи ырбаахыта бэйэтиттэн чугас” диэн этии хаһан да уларыйбат.
Дьон киһи оҥорбут быһыытын сөбүлээбэтэхтэринэ, сөп диэбэтэхтэринэ, бу быһыы куһаҕан, сөбө суох быһыыга кубулуйар. Маннык куһаҕан быһыылары киһи оҥорорун дьон тохтото, хааччахтыы сатыыллар. Арыгыны аһара иһэр куһаҕан, онтон кыратык, кээмэйин билэн истэххэ туһалааҕа биллэр.
Хайдах мин “үчүгэй киһи” туох эмэ куһаҕаннаах буолуохпунуй? – диэн бэрдимсийэр, улуутумсуйар санааттан өйү-санааны икки аҥы араарыыны бэйэлэрин үчүгэй эрэ курдук сананааччылар, үксүгэр салайааччылар оҥороллор. Улахан салайааччылар, православнай таҥара үлэһиттэрэ былыргы кэмнэргэ мин эрэ үчүгэйбин, үчүгэйи эрэ оҥоробун диэн санааларыттан улахан таҥара үөрэхтэригэр өй-санаа эмиэ икки аҥы арахсан тус-туспа тылларынан ааттаныыларын олохтообуттар уонна олоххо киллэрбиттэр. Холобурга, нууччалар үчүгэйи – “хорошо”, онтон куһаҕаны – “грех” диэн букатын туспа тылынан этэллэр. Нууччалары быһалыы үтүктэр үөрэхтээхтэр итини эмиэ үтүктэн сахалыы айыы диэн тыл икки өрүттээх; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах өйдөбүлүн суох оҥоро сатыыллар, сахалыы өйү-санааны буккуйаллар, сахаларга букатын суох “аньыы” диэн тылы булан бэйэлэрин сыыһаларын саптынан, дьоҥҥо туһаннара сатыыллар.
Сахалар нууччалар буолбатахтар, өй-санаа үөрэхтэрин уратылара элбэхтэр. Ол иһин төрөппүттэр арҕааҥҥы үөрэхтээхтэри үтүктүбэтэхтэринэ, оҕолору көрсүө, сэмэй, киһи быһыылаах буолууга ииттэхтэринэ бэйэлэрэ абыраналлар, оҕолор сыыһа-халты туттунууттан харысхаллаах буолаллар.
Былыргы хараҥа, үөрэх-билии суох кэмигэр өйү-санааны итинник буккуйуу кыаллар эбит буоллаҕына, билигин оннук буолуо суоҕа. Биир эмэ билбэт, көрбөт быһалыы итэҕэйэр киһини албынныахха сөп эрээри, элбэх дьону албынныыр сурук-бичик баарынан аны кыаллыбат. Дьон албыннаппыттарын хойутаан да буоллар син-биир билиэхтэрэ уонна сөбүлээбэттэрин биллэриэхтэрэ.
“Айыы үөрэҕин” айааччылар биһиги эрэ үчүгэйбит, үчүгэйи эрэ оҥорор дьоммут диэн санаалара сыыһа. Киһи өйүн-санаатын кэнники икки тыһыынча сыллардааҕы сайдыытын букатын да билбэттэриттэн итинник сыыһаны оҥостон сылдьаллар. Айыы диэн тыл куһаҕан өрүтэ быдан элбэҕиттэн туттуллара аҕыйах, улаханнык саҥарыллыа, алгыска туттуллуо суохтаах.
Киһи өлүүтэ диэн олус улахан уларыйыы, киһи буолан бүтүү буолар. Онтон өй-санаа айыы буолуута киһи өллөҕүнэ биирдэ кэлэр. Өй-санаа киһи өллөҕүнэ туспа барар, өлбүт этин-сиинин быраҕан Үөһээ дойдуга баран бэйэтин уратытынан, атыттарга маарыннаабатынан айыы буолар дьылҕаланара хаһан да уларыйбат.
Ханнык баҕарар сыыһаны оҥоруу кэнниттэн хойутаан да буоллар эппиэтэ кэлиэхтээх. Билигин эдэрдэр куһаҕан быһыылары, буруйу элбэхтик оҥорор буолуулара “айыы үөрэҕин” быһаччы, куһаҕан сабыдыала диэтэххэ сыыһа буолбат.
Тыл үөрэхтээхтэрэ ханнык эрэ, саха тылыгар букатын да суох тылы, “аньыы” диэни булан киһи куһаҕаны оҥорор быһыытын туспа арааран ааттыы сатыылларын билбэт эрээри үтүктээччилэр бааллар. Кинилэр быстах санааларыгар куһаҕаны туспа арааран ааттаатахха дьон ордук билиэхтэрэ диэн көнөтүк саныыллар. Киһиэхэ үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн сотуллубат дьаралык сыһыарар букатын сыыһа. Куһаҕаны оҥорор дьону туспа арааран хаайа сылдьар кыаллыбат, куһаҕаны оҥорбут да киһи сотору көнөн үчүгэйи оҥорон, үчүгэй киһи буолуон сөбүн бу дьон аахсыбаттар. "Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр" диэн өс хоһоонун тыл үөрэхтээхтэрэ билэн тутуһуохтара этэ.
Итэҕэли үөрэтэр ааттаах дьон өй-санаа сайдыытын билбэттэриттэн куһаҕаны оҥорор дьону араарар, ыйар, туоратар, туспа ааттаан бэлиэтиир санаалаахтар. “Ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн сахалар этиилэрин тыл үөрэхтээхтэрэ билиэхтэрэ, тутуһуохтара этэ. Киһи хайдах киһи буоларын тас көрүҥүттэн көрөн билии кыаллыбат, арай киһини билиэххин баҕардаххына оҥорор быһыыларыттан эрэ булан арааран билии кыаллыан сөп. Үчүгэйи, туһалааҕы оҥорор киһи үчүгэй киһи, онтон буортулааҕы, куһаҕаны оҥорор киһи куһаҕан киһи буолара быһаарыллар кыахтанар.
Айыы диэн тыл аҥардастыы үчүгэйи эрэ бэлиэтиир тыл буолбатах. Бу тыл икки өрүтүн, үчүгэйин уонна куһаҕанын холбуу иҥэринэн сылдьар тыл. Киһи үчүгэйи эрэ буолбакка, куһаҕаны эмиэ оҥорон кэбиһэр кыахтааҕын биллэрэр. Олортон куһаҕан өттө лаппа баһыйар. Киһи биир өйүнэн-санаатынан, мэйиитинэн үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорор кыахтааҕын быһаарара хаһан да уларыйбат.
Тыла иҥэн сылдьар сахалыы өйү-санааны ситэ билбэт аата тыл үөрэхтээхтэрэ сымыйанан дьону үөрэтэ сатааһыннара улахан буортуну, кэлэн иһэр көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын туруга суох оҥорууга тириэрдэр, элбэх дьону, сахалары барыларын албыннааһын буолар. Элбэх дьону албыннааһын хаһан да таах хаалбат, иэстэбилэ син-биир кэлэр.
Бу, сэбиэскэй былаас тобохторо дьон, оҥорор быһыылара куһаҕаҥҥа тириэрдэрин арыйан ыраас мууска таһаарыллар. Саха дьонун өйдөрө-санаалара туруктаах буоларын туһугар өй-санаа, таҥара үөрэҕэ ханнык да сыыһата, халыйыыта, онтон-мантан булуута, эбиитэ суох буолуохтаах, уһун үйэлэргэ сайдыыны түстүөхтээх.
Икки сирэйдээх буолуу суруйааччыларга, тыл үөрэхтээхтэригэр, учуонайдардарга сэбиэскэй былаас кэмиттэн баар буолбута уонна ол былаас тобохторо билигин да ону салҕаан иһэллэр. Биир сирэйдэринэн саха тылын харыстыахха, саханы элбэтиэххэ диэн айдаараллар, онтон дьыалатыгар тиийдэххэ бары нууччатымсыйан бүппүттэр, саха дьонун төрүт өйдөрүн-санааларын буккуйууга туруннулар.
2006 сыллаахха саха тылыгар анаммыт конференцияларын нууччалыы тылынан ыытаннар саха тылын нууччалыы саҥаран көмүскүү сатаабыта буоллулар.
Өйү-санааны быһаарар диэн ааттаан саха тылыгар букатын суох “аньыы” диэн тылы былыргы таҥара үөрэхтээхтэрэ нууччалыы мэлииппэлэри сахалыы тылбаастаарылар булан кэбиспит тылларын туһанан киһи куһаҕаны оҥорор майгынын айыы диэн тылынан туспа арааран ааттыырга оҥостоллор. Айыы диэн бэйэтэ киһи оҥорор быһыыларын барыларын холбуу ылан быһаарар икки өрүттээх өйдөбүллээх тылы икки аҥы араараары оҥостоллор. Саха дьонун барыларын албынныыр санаалаахтар.
Бука бары саха тыла олус уһун үйэлээх эбитин билигин билэллэр. Аналлаах үөрэхтээхтэр булан Азия үгүс олохтоохторо уонна Америка индеецтэрэ 15 тыһыынча сыл анараа өттүгэр саҥарар тыллара биир эбитин уонна саха тылыгар ордук маарынныырын булан дакаастаан эрэллэр.
Икки аҥар тыһыынча сыллар быдан иннилэринэ үөскээбит олоҥхолору үөрэтии сахалар өйдөрө-санаалара ол кэмҥэ сайдыбытын, тыл киэҥник туттулларын быһаараллар. Өй-санаа иҥмит айыы диэн тылын ордук кыһанан харыстыырга олоҥхону, былыргыны үөрэтээччилэр аан бастаан кыһаныахтара этэ.
Тоҕо баччаҕа, сүүрбэһис үйэҕэ диэри саха тылыгар маннык киэҥ өйдөбүллээх “аньыы” диэн тыл суоҕа эбитэй диэн биир эмэ суруйааччы, ойууммут диэн ааттанааччылар санаан да көрбөккө сылдьалларый? 2008 сыллаахха диэри элбэхтэ тахсыбыт араас тылдьыттарга бу “аньыы” диэн тоҕо суоҕуй диэн биир эмэ сахалыы билэр, үөрэхтээх киһи ыйытта дуо? Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэҕин умнубуттарыгар, билбэттэригэр тэптэрэн уонна үөрэхтээхтэр диэн ааттанар дьону быһалыы итэҕэйэллэриттэн үлэһиттэр бары балыттаран, албыннатан сылдьаллар.
Бу “аньыы” диэн тылы сэбиэскэй былаас кэмигэр коммунистар, биһиги эрэ оҥорор саҥаны айыыбыт барыта үчүгэй буолар диэннэр ону-маны саҥаны үтүктэ сатыыр суруйааччылар уонна аһара нууччатымсыйбыт тыл үөрэхтээхтэрин, учуонайдарын, учууталларын көмөлөрүнэн саха тылыгар киллэрэ сатаабыттара хас да уонунан сыл буолла. 1956 сыллаахха П.А.Ойуунускай үлэлэрин хаттаан бэчээттииргэ бу “аньыы” диэн тылы туттубуттара. Ол тухары маннык тыл сахаларга суох этэ диэн ким эмэ эттэ, баар, туттулла сылдьар тылдьыттары ыйан туран, бу дьоҥҥо көрдөрдө дуо?
Кэнники кэмҥэ бэчээт үлэтигэр чугас туралларынан туһанан бу дьон саха дьонун бука барыларын балыйа, албынныы сылдьалларыттан кыратык да кыбыстыбаттар. Саха омук сайдыытыгар, үлэһиттэр, оҥорон, тутан таһаарааччылар кыһаннахтарына эрэ табыллар кэм кэллэ. “Сытыйбыт интеллигенция” дьоно омук сайдыытыгар туһаны оҥороллорунааҕар буортуну оҥороллоро элбээн эрэр.
Оҕо аан маҥнай саҥарар ийэ, аҕа, эбэ, эһэ диэн тылларыттан саха буолуу саҕаланар. Сахалары көмүскээччилэрбит диэн ааттанааччы тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар бу тылларбытын көмүскээн тугу эмэ оҥордулар дуо? “Мык” да диэбэттэр.
Айыыны оҥоруу куһаҕанын уолаттар урут бастаан билэргэ тиийэллэр. Ону-маны, дьон оҥорботторун оҥоро охсоору сыыһа-халты туттунан куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэн хаайыыга түбэһэллэрэ элбээбитигэр бу дьон хата кыһамматтар.
Суруйааччылар суруйар дьоннорун өйдөрүн-санааларын билбэттэрэ эбиллэн иһэр. Бу сылаас дьиэҕэ олорон эрэ суруйар дьон бэйэлэрин эҥэрдээхтэрин элбэхтик суруйалларыттан үлэһиттэртэн, оҥорор, тутар дьонтон тэйбиттэрэ букатын ыраатта.
Суруйааччылар, дьон өйүн-санаатын билэн, арыйан суруйар киһи айыы диэн тыл төрүт суолтатын, икки утарыта өйдөбүллээҕин; үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу иҥэринэн сылдьарын, киһи үчүгэйи оҥоробун диэн санаатыттан куһаҕаны оҥорон кэбиһэр уратытын биллэхтэринэ табыллар.
Араас элбэх поэттар, тылы дьүөрэлээн, дорҕооннорунан наардаан, сөп түбэһиннэрэн үтүө бэйэлээх хоһооннору айааччылар “эйэ-дэм” диэн холбуу этии куһаҕан суолталааҕын, дорҕоонноро бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэттэрин, утарыта охсуулаахтарын билбэттэриттэн киһи хомойор эрэ. (1,39).
Тыл дорҕооннорунан дьайыыта тыл иччитэ диэн ааттанар уонна киһиэхэ быһалыы ийэ кутугар тиийэр. Аныгы, сэбиэскэй былаас өйдөрүн-санааларын буккуйбутун салгыы илдьэн иһэр дьон оннооҕор айыы диэн тыл “ыы” диэн куһаҕан ытааһын дорҕооннооҕун билбэттэр. Кырыыс эттэххэ куһаҕаны түстүүр тыллар дорҕооннорун дьайыылара киһи куттарыгар быһаччы тиийэн уларытыылары киллэрэрэ кырыыс тиийиитигэр тириэрдэр.
“Аньыы” диэн куһаҕаны этэр буоллаххына, тойон, салайааччы тугу эппитин толорор эрэ киһи буола түһүллэр. Бэйэҥ кыайан үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбакка, ким эрэ бу куһаҕан диэбитин хатылыырга, үтүктэргэ эрэ тиийэн хааларын саха дьоно сөбүлээбэттэр.
Тойон, салайааччы, улахан баай киһи ыйбыт, эппит куһаҕана бэйэтэ үлэһит киһиэхэ сөп түбэспэккэ куһаҕан диэн ааттаммат буолуон сөп. Сэбиэскэй былаас кэмигэр суораты уонна тары куһаҕан астар, дьадаҥылар эрэ аһыыр астара диэн сирэр дьон бааллара, ол эрээри бу астар киһи этигэр-сиинигэр ордук улахан туһалаахтарын оннооҕор аныгы наука дакаастаан билигин саҥалыы тарҕанан эрэллэр. (2,16).
Биһиги үчүгэйбит, тойотторбут, салайааччыларбыт диэн сананар дьон үчүгэй диэн бу баар, маны тутуһуҥ, куһаҕан диэн ол, ону быраҕыҥ, үтүктүмэҥ, ол аата бу айыы, онтон бу “аньыы” диэн этиилэрэ, көрдөрөн биэриилэрэ барылара аан маҥнай бэйэлэригэр үчүгэй буоларыгар, барыһыралларыгар туһуланар, онтон элбэхтэри албынныы сылдьалларыгар көмө буолар.
Үчүгэйи уонна куһаҕаны булан таба араарыыга киһи бэйэтин үлэтин-хамнаһын, олоҕун көрдөбүллэрэ аан маҥнайгынан тураллар. Үлэһит киһи уонна улахан баай киһи үчүгэй уонна куһаҕан диэн тус-туспа араарыылара элбэх сөп түбэспэт, өссө утарыта өрүттэрдээхтэр. (3,57).
Сэбиэскэй былаас кэмигэр ыраахтааҕы саҕанааҕы баайдар үлэһиттэри элбэхтик үлэлэтэн баран хамнастарын ситэ төлөөбөккө, куруук иэскэ киллэрэллэрэ, үөрэҕи-билиини ситиһэллэрин хааччахтыыллара диэн этэллэрэ. Ол барыта кырдьык этэ. Үөрэҕэ-билиитэ суох дьону эһиэхэ бу да сөп буолуо, эһиги үчүгэйгит бу баар, өллөххүтүнэ ырайга тиийиэххит, онно дьэ үчүгэйдик олоруоххут диэн быһаччы албынныыллара ордук табыллар этэ.
Тыыннаах киһиэхэ этэ-сиинэ суох буолуута өлүүгэ тириэрдэр. Этэ-сиинэ өлбүт киһи өйө-санаата үөр, айыы буолан, үгэстэринэн үрэллэн тус-туспа ыһыллар, сахалар үөрэхтэринэн Үөһээ дойдуга тиийэр. Ол өйдөртөн-санаалартан биирдиилээн үгэстэр ордон хаалбыттарын түүлбүтүгэр көрөбүт, туох өйү-санааны илдьэ сылдьалларын таба тойонноон туһаныллар.
Суруйааччылар бары туох үчүгэйин, куһаҕанын араарбакка эрэ, саҥа эрэ буоллун диэн үтүктэн иһэллэринэн үчүгэйдэр. Уруккуттан саха тылыгар ханна да суох “аньыы” диэн тылы бары кэриэтэ үтүктэн суруйууларыгар ханан эрэ кыбытан аастахтарына эрэ табыллар курдук саныыллар. Бу тыл дьайыыта сахаларга, үүнэн иһэр көлүөнэлэргэ төһө куһаҕан охсуулаах буолуоҕун туһунан санааларыгар да оҕустарбаттар.
Туох эмэ туһунан суруйууттан бэйэлэригэр туох эмэ туһа тахсар буоллаҕына дьон интэриэстэрэ улаатар, сонно үтүктүбүтүнэн барыахтарын сөп. Онтон ночооту, аҕалыан сөптөөх суруйууну ааҕа да сатаабаттар, аахтахтарына даҕаны сонно умна сатыыллар.
Саха дьоно боччумнаахтар, ону-маны үтүктүүгэ сарыкынаһа көппөттөр, солумсахтара суохтар, туох эмэ үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын аан маҥнай бэйэлэрэ боруобалаан, тутан-хабан көрөн быһааран баран ылыналлар. Чахчы сөбүлээтэхтэринэ, үчүгэй диэтэхтэринэ үтүктэ, батыһа сатыыллар. Бу эмиэ сахалар үйэлээх үгэстэрэ буолар.
Аһара нууччатымсыйбыт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар була сатаан оҥорбут “айыыларын үөрэҕин” үлэһиттэр ылымматтар. Оҕону иитии, үөрэтии көрсүө, сэмэй буолууга олоҕуруута үөскээн, сахалыы таҥара үөрэҕэ тарҕаннаҕына бэрээдэги тутуһар, үлэһит дьон элбииллэр.
Туһаныллыбыт литература.
1. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС (Я), 2013. – 108 с.
2. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. – Дьокуускай: РИМЦ, 2007. – 84 с.
3. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.