Акимова Акулина Николаевна
Акулина Николаевна Акимова — Арассыыйа ырыаһыта, «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбылын артыыһа. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа.
Олоҕун олуктара
1969 сыллаахха Уус Алдан улууһун Майаҕаһыгар элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ.
Бороҕоҥҥо 6 сыл интэринээккэ олорон үөрэммитэ, онно 1981-1986 сс. “Кэнчээри” ансаамбылга ыллаабыта (салайааччыта В. С. Парников).
1987 сылтан «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбылын ырыаһыта[1].
М. Н. Жирков аатынан музыкальнай училищены 1992 сыллаахха бүтэрбитэ.
2006 сыллаахха СӨ Музыка Үрдүкү оскуолатын вокальнай кылааһын бүтэрбитэ.
2017 сыллаахха “Ырыа – санаам кыната” диэн айар киэһэтэ буолан ааспыта[2].
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа.
Дьиэ кэргэнэ
Кэргэннээх, Айыына диэн кыыс оҕолоох.
Быһаарыылар
| Бу саха ырыатыгар уонна ырыаһыттарыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |