Айхал (тыл)
Айхал — бэйэ туругун харыстыыр былыргы саха тылларыттан биирдэстэрэ. Үөрүүлээх түбэлтэҕэ этиллэр. Киһи үөрбүт кэмигэр айыыларын санаабатаҕына үөрүүтэ кэрэгэй буолуон сөп. "Айыы кэл" диэн тыллартан үөскээбитэ буолуо диэн сабаҕалааһын баар. Онон бу тыл айыылары ыҥырар. Оччоҕо кини үөрүүтэ толору буолар[1].