Ада Лавлейс
Августа Ада Кинг (төрөөбүтүнэн Байрон), графиня Лавлейс, Ада Лавлейс аатынан быдан биллиилээх — ангылыйа математига. Чарльз Бэббидж суоттуур массыынатын ойуулаабытынан уонна бастакынан бырагыраамма суруйбутунан биллэр. «Цикл» уонна «рабочая ячейка» диэн тиэрминнэри олоххо киллэрбит. Аан дойдуга бастакы программиһынан аатырар[1][2].
Олоҕун олуктара
Ада Лавлейс Анна Изабелла Байрон (Анабелл). Анна Изабелла Байрон математиканы интириэһиргиириттэн, кэргэнэ кинини «Королева параллелограммов» диэн хос ааттаабыт. 1816 сыллаахха муус устар 21 күнүгэр Байрон кэргэнин кытта арахсан Ангылыйаттан көһөн барбыта.
Кыыһы аҕатын бииргэ төрөөбүт эдьиийин аатынан ааттаабыттар Огаста (Августа) диэн. Ийэлээх аҕата арахсыбыттарын кэннэ кинини Ада диэн ааттыыр буолбуттар, эбиитин библиотекаттан аҕатын кинигэлэрин суох оҥорбуттар.
Ийэтэ саҥа төрөөбүт оҕону төрөппүттэригэр хаалларан баран, чэбдигирдэр круизка барбыт. Кыыһа сааһын ситэн эрдэҕинэ төҥнөн кэлбит. Ада төрөппүттэрин кытта сыһыана чуолкайа суох.
Аданы үөрэттэрэргэ ийэтэ урукку учууталын шотнлан математигы Огастес де Морганы уонна биллилээх Мэри Сомервилльи, француз тылыттан «Трактат о небесной механике» Пьер-Симон Лаплас кинигэтин тылбаастаабыта, ыҥырбыт. Мантан ыла Ада Мэрины холобур туттар буолбут.
1833 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр Ада Чарльз Бэббиджтыын көрсөр, кини туһунан бастакытын Мэри Сомервилльтан истэр. Билсэр бириэмэлэригэр Чарльз Бэббидж Кэмбриджскай үнүбэрситиэткэ математика хаапыдарытыгар бэрэбиэссэрдиир. Ада киниттэн ураты өссө атын улуу дьоннору кытта билсиһэр: Дэвид Брюстердыын, Чарльз Диккенсомныын уонна да аттыттары кытта.
Бэрэпиэссэр буолуон иннинэ Бэббидж ахсааны сүүрбэ чыыһылаҕа диэри туочунай суоттуур массыынаны ойулаабыт. Бу массыынатын ойулааһынын чэрчитэ бирэмийиэр – миниистиргэ тиэрдиллибит. 1823 сыллаахха суоттуур массыынаны тутарга бастакы субсидия бэриллибит. «Большая разностная машина Бэббиджа» бастакы көмпүүтэр буолар. Массыынаны 10 сылы быһа туппуттара, кини конструкцията ыараан испитэ, уонна 1833 сыллаахха үп-харчы бэриллэн бүппүтэ.
1835 сыллаахха мисс Байрон 29-с саастаах Уильям Кинга, Кинг 8-с баронугар, кэргэн тахсар. Сотору соҕус кэргэнэ Лавлейс лордун аатын сүгэр. Кинилэр үс оҕолоноллор: Байрон, 1836 сыллаахха ыам ыйын 12-с күнүгэр төрөөбүт, Анабелла (Леди Энн Блюн), 1837 сыллаахха балаҕан ыйын 22 күнүгэр төрөөбүт, уонна Ральф Гордон, 1839 сыллаахха от ыйын 2 күнүгэр төрөөбүт. Ол гынан баран, Ада кэргэнин да, оҕолорун да сөбүлүүр дьарыгар мэһэйдэппэтэх. Кэргэн тахсыбыта улахан туһахтаах этэ, кини үлэлитигэр уп-харчынан көмө баар буолбута.
1842 сыллаахха Чарльз Бэббидж Туринскай үнүбэрситиэткэ бэйэтин аналитическай массыынатын туһунан семинар ааҕарга ыҥырыллыбыт. Ол кэмҥэ Луиджи Менабреа, итальянскай инсэнийиэр уонна кэлин Италия бирэмийиэр-миниистирэ, Бэббидж лиэксийэлэрин франсуус тылыгар суруйан, Женева Уопсастыбаннай библиотекатыгар таһааттарбыт. Бэббидж доҕоро, Чарльз Уитстон Аданы Луиджи кэниспиэктэрин аангылыйа тылыгар тылбаастаан уонна быһааран суруйарга көрдьөспүт. Леди Лавлейс үлэтин ААЛ диэн акронимнаах тарҕаппыттар, үлэтэ бэйэтэ Менбреа бэлиэтэниитин кытта уонна 52 сирэй ойулааһыннаах быдан киэҥ буолбут.
Бу үлэ иһигэр Ада аналитическай массыынаҕа Бернулли чыыһылаларын суоттаныытын ойуулуур. Бу ойуулааһыны бастакы көмпүүтэргэ туттуллар бырагыраамма диэн биһирэммит. Ада олоҕун тухары массыына Бэббиджа оҥоруллубатаҕа, ол да буоллар Ада Лавлейс бастакы программист буолар. Кини үлэтигэр Жаккардовый станок сибэкки уонна сибэрдэх тигэрин курдук аналитическай массыына сатаан алгебраическай формулалары суоттуон сөбүн суруйбут.
Ада Лавлейс 1852 сыллаахха сэтинньи 27 күнүгэр ыраак ыарыытын эмтиир бириэмэлэригэр хаана баран өлбүт (аҕата эмиэ хаана баран 36 сааһыгар өлбүт). Кинини Байроннар фамильнай склептарыгар аҕатын таһыгар көмпүттэр.
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ
- James Essinger. Ada's Algorithm: How Lord Byron's Daughter Ada Lovelace Launched the Digital Age. — Melville House, 2014. — ISBN 9781612194080.
- Dorothy Stein. Ada: A Life and a Legacy. — MIT Press, 1985. — (Mit Press Series in the History of Computing). — ISBN 9780262192422.
- Betty Alexandra Toole. Ada, the Enchantress of Numbers: Poetical Science. — Critical Connection, 2010. — ISBN 9780615397269.