Аан дойду үрдүнэн быһыттары утарар күн

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аан дойду үрдүнэн быһыттары утарар күн эбэтэр Өрүстэр күннэрэ — «Өрүстэр аан дойдутааҕы ситимнэрэ» (АХШ) диэн түмэт тэрилтэ көҕүлээһининэн сылын ахсын кулун тутар 14 күнүгэр бэлиэтэнэр[1].

Быһыттары тутуу уу күүһүн туһанан электириичэстибэ ылаары, халаан уутутуттан көмүскэнээри уонна бааһыналары ууннан хааччыйаары ыытыллар. Аан дойдуга 45 тыһыынча бөдөҥ быһыт (15 миэтэрэттэн үрдүк) баар. Улахан быһыттар саамай элбэхтик Кытайга тутуллубуттар: 22 тыһыынча (аан дойду быһыттарыттан 45%). Иккис миэстэҕэ АХШ - 6575, онтон урукку ССРС, Ииндийэ уонна Япония. Онтон аҥаардара уу кутууга аналлаахтар: үүнээйи үүннэрэр сирдэр 30 - 40% быһыттан тутулуктаахтар. 75 дойдуга бөдөҥ быһыттар халаан уутун тохтотоллор. Дойдулар үс гыммыт биирдэрэ электириичэстибэлэрин улахан аҥаарын гидростанциялартан ылаллар.

Ол эрээри быһыт тутуута - айылҕаны уларытыы биир көрүҥэ. Кэлиҥҥи 50 тыл тухары бөдөҥ быһыттары тутуу түмүгэр 30-60 мөл. киһи көһөргө күһэллибитэ. Быһыты тутуу түмүгэр 400 тыһ. кв. км өҥ буордаах сирдэр уонна сыаналаах ойуур тимирдиллибитэ. Саха сиригэр алмаас хостооһунугар электроэнергия ирдэммитигэр Бүлүү өрүскэ 60-с сс. быһыт туппуттара. Ол түмүгэр Туой Хайа бөһүөлэк олохтоохторун көһөрбүттэрэ, өбүгэлэрин сирэ, уҥуохтара уу анныгар хаалбыта. Быһыт үөһээ өттүгэр үөскээбит Бүлүү байҕалын түгэҕэр тыа тимирбитэ, онтон сылтаан өрүс фенол холбоһуктарынан уонна атын сытыйыы бородуукталарынан сүһүрдүллүбүтэ.

Быһыттар туһалаах өрүттэрин сэргэ омсолоох өрүттэрин болҕомтоҕо ыларга анаан аан дойдуга 80-с сс. быһыттары утары хамсааһыннар баар буолбуттара. Холобур, Латвияҕа Даугава өрүһү быһыттыыр бырайыагы утарыыттан саҕалаан дойду ССРС-тан арахсарыгар тиийэ туруорсубуттара. ССРС-ка Сибиир өрүстэрин соҕуруу Орто Азияҕа хайыһыннарар бырайыак баар буола сылдьыбыта. Маны элбэх киһи, экологтар утарбыттара.


Быһаарыылар