Аан дойдутааҕы тыал күнэ

Аан дойдутааҕы тыал күнэ (ааҥл. Global Wind Day) — сыл аайы бэс ый 15 күнүгэр бэлиэтэнэр официальнайа суох бырааһынньык. Сыала — дьон болҕомтотун ветроэнергетикаҕа уонна экологическай, экономическай уонна энергетическай боппуруостарыгар уурарга[1][2].

Тыал күнүн Ветроэнергетика европейскай ассоциацията (ааҥл. European Wind Energy Association) уонна Тыал энергиятын аан дойдутааҕы сэбиэтэ (ааҥл. Global Wind Energy Council) олохтообуттара[3][4].

Бырааһынньык сиэрэ-туома

Аан дойдутааҕы тыал күнэ ханнык эмэ сиэри тутаһарга ыйбат. Ол эрээри элбэх дойдуларга тыал электростанцияларга экскурсиялар, экспертары кытта көрсүһүүлэр, лекциялар уонна семинардар тэриллэллэр. Тэрээһиннэргэ ким баҕарар тыал энергията хайдах төрүүрүн көрүөн сөп.

Арассыыйа Аан дойдутааҕы тыал күнүн бэлиэтиир дойдулар тиһиликтэригэр киирбэт: официальнай таһымҥа тэрээһиннэр суохтар[5].

Быһаарыылар

  1. 15 июня Всемирный день ветра. Чеченская Государственная Телерадиокомпания "Грозный" (15 июня 2017). Сигэнии күнэ: 22 Ыам ыйын 2024.
  2. 15 июня отмечают Всемирный день ветра. Метеовести (15 июня 2016). Сигэнии күнэ: 22 Ыам ыйын 2024.
  3. 15 июня на нашей планете отмечается Всемирный день ветра (Global Wind Day). Климатический центр Росгидромета. Сигэнии күнэ: 22 Ыам ыйын 2024.
  4. Российская Ассоциация ветроиндустрии поздравляет всех участников рынка ветроэнергетики с Днём ветра! Российская Ассоциация Ветроиндустрии (15 Бэс ыйын 2022). Сигэнии күнэ: 22 Ыам ыйын 2024.
  5. 15 июня – Всемирный день ветра. scientificrussia.ru. Портал «Научная Россия» (5 Бэс ыйын 2020). Сигэнии күнэ: 22 Ыам ыйын 2024.