«Киhи этин-сиинин кѳрдѳрѳр тыллар саха ѳhүн хоhоонугар»
Киириитэ
Ханнык баҕарар норуот олох муудараhын, үтүѳ ѳйүн-санаатын мунньан, түмэн сылдьар, үйэттэн үйэҕэ умнуллубакка, хата, ордук чочуллан, ситэн-буhан иhэр тыллаах-ѳстѳѳх буолар. Сахаҕа эмиэ оннук ѳс хоhоонноро бааллар.
Саха, былыр тѳhѳ да суруга – бичигэ суох буоллар, бэйэтин санаатын, баҕарар баҕатын уус-уран, күүстээх тыл куорматынан эппэт буолуон сатаммат этэ. Ол курдук ырыалары-хоhооннору, таабырыннары-чабырҕахтары, ѳс хоhооннорун, олоҥхолору-остуоруйалары бэрт үгүhү айбыта. Ол барыта норуот тылынан уус-уран айымньыта фольклор дтэн ааттанар.
Алексей Елисеевич Кулаковскай этиитинэн, ѳс хоhооно Саха сирин устатын тухары биир тэҥник тэнийэн турар.
Бу ѳйдѳбүл икки тылтан турар: ѳс уонна хоhоон. Ѳс диэн түүрк омуктар сѳс, сүз диэн тыллара инники дорҕооно түhэн биhиэхэ билиҥҥэ дтэри тиийэн кэлбит.
Саха билиҥҥи тылыгар үксүгэр атын тыллара: тыл – ѳс, ѳс киирбэх үѳскэтэр, эбэтэр фольклор айымньыларыгар туттуллар (холобур, ѳс эт, ѳскүн кэпсээ). Ѳс диэн тыл итини таhынан үгэс, абыычай диэн тыл суолтатыгар туттуллар. Холобур: «бу дойду дьонун ѳhѳ маннык» диэн этиллэр.
Онтон хоhоон – саха билиҥҥи тылыгар литературнай термин: атын тыллары кытта холбостоҕуна, араас суолталаах сомоҕо ѳйдѳбүллэр үѳскүүллэр (тыл хоhооно, ис хоhооно).
Холобур: «Албын тыла сыатааҕар минньигэс» диэн ѳс хоhооно албын түѳкэй быhыылаах киhини этэр, эбэтэр «Үтүѳ ат биир кымньыылаах, үчүгэй киhи биир тыллаах» диэн, эрэннэрбитин булгуччу толорор үтүѳ, үчүгэй майгылаах, иитиллиилээх киhини этэр.
Ѳс хоhоонун үлэhит норуот айар, ол иhин кыайыылаах үлэ, сытыы мындыр ѳй үрдүктүк сыаналанар, үтүѳ майгы-сигили, сыhыан мэлдьи хайҕанар, убаастанар
Үлэ актуальноhа:
1) Билиҥҥи саха тыла сүтэр, симэлийэр, сыыс тылланар диир кутталлаах кэмигэр мындыр ѳбүгэлэрбит айан хаалларбыт фольклор биир кѳрүҥүн – эккэ-сииҥҥэ сыhыаннаах тыллары ѳс хоhооннорун күннээҕи саҥарар саҥаҕа уонна сурукка-бичиккэ киэҥник туттуу
2) Саха норуотун ѳhүн хоhоонун аныгы үйэ киhитэ сиэр-майгы ѳттүнэн иитиилээх буоларыгар тѳhүү ѳйѳбүл, сүбэ-ама быhыытынан кѳрүѳххэ сѳп.
Сыала:
Эккэ-сииҥҥэ сыhыаннаах тыллардаах ѳс хоhооннорун хомуйан, олору наардаан, тэҥнээн кѳрүү.
Соруга:
1) Араас автордар кинигэлэриттэн эти-сиини кѳрдѳрѳр тыллардаах ѳс хоhоонун булуу
2) Эти-хааны үѳрэтэр науканы кытта билсиhии
3) Ѳс хоhоонун наардааhын
4) Ѳс хоhоонноругар дорҕоон дьүѳрэлэhиитин чинчийэргэ холонуу
Чинчийии объега:
Саха ѳhүн хоhоонун хомуурунньуктара.
Чинчийии предмета:
Хомуурунньукка баар киhи этин-хаанын хоhуйар тыллардаах ѳс хоhоонноро
Сүрүн чааhа
Саха киhитэ былыр-былыргыттан тобуллаҕас толкуйдааҕын кѳрдѳрѳр фольклор биир этигэн кѳрүҥэ ѳс хоhооно буолар. Кини сатабыллаах эт-хаан араас уорганнарын бэргэнник туhанан маннык ѳс хоhооннорун айбыта. Мин киhи этин-хаанын 4 чааска араардым: тѳбѳ, түѳс, ис уонна илии-атах. Ити уорганнарга сыhыаннаах ѳс хоhооннорун наардаатым
Ѳс хоhоонноругар киирбит тѳбѳ чааhын уорганнара – айах, бас, кэтэх, кулгаах, мурун, мэйии, сирэй, сүүс, сыҥаах, тиис, тыл, уос, харах:
Л.Н.Попова «Ѳс хоhоонноро». Пословицы. Proverbs and sayings»
· Киhи тыла уоттааҕар абытай
· Кырдьыктан харах саатар
· Ыт ыксаан-ыксаан хараҕа суох оҕону тѳрѳтѳр
· Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар
· Сирэйиттэн суорат салыаҥ буоллаҕа
И.К.Попов «Саха таабырыннара, ѳс хоhоонноро, чабырҕахтара»
· Айахха киирбиччэ саҥарар
· Элбэх сырыылаах атаҕа кирдээх, элбэх саҥалаах айаҕа кирдээх
· Сыҥааҕын сыаланнын, айаҕын арыыланнын
· Киhи айаҕын саба туппаккын
· Аата, кини айаҕыттан кыhыл кѳмүс тохтуо буоллаҕай
· Хоммут уоhа хоҥунна, ѳрѳѳбүт уоhа ѳhүлүннэ
· Сордоҥ ѳллѳҕүнэ тииhэ хаалар, ырыаhыт ѳллѳҕүнэ ырыата хаалар
· Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаhы кѳрѳр
· Хара харах кѳрбѳтѳх, хаптаҕай кулгаах истибэтэх
· Тыл сүhүѳҕэ суох
· Тыл уҥуоҕа суох
· Тойон ики харахтаах, хатыҥ биир харахтах
· Кинилэр айахтарыттан эрэ күѳх от үүнэр дуо?
· Эhэ баhа буолан олорор
· Бас атах буолуо, атах бас буолуо
· Суор суорун хараҕын оҥпот, тойон тойонун түhэн биэрбэт
· Сирэйгэ- харахха анньа турар
· Суут баhа мэкчиргэ баhын курдук, ханна баҕарар хайыhар
· Буруйа суохха арай саллаат баhа быстар
· Кураанах хамыйах айахха баппат
· Тылга иҥнэрдэ, дьыалаҕа тарта
· Босхону сүгэ сылдьан, хараҕа суоҕу сиэтэ сылдьан сүбэлэт
· Таптыыртан харах арахпат, абааhы кѳрѳртѳн тыл арахпат, ыалдьартан илии арахпат
· Таптал харахха баар
· Сымнаҕас айахтаах кулун тиэрэн иhинээҕи биэни барытын эмэригэр дылы
· Хараҕы тэhэ аалар сыыс, куолайы туора турар бултас
· Мунна сыты билбэт, айаҕа амтаны билбэт
· Сымыйаччы тылыгар турбат
· Ынах тыла уhун да, тугу да кыайбат
· Айаҕа суох киhи
· Айаҕынан эрэ айдаарар, атыны тугу да гыммат
· Айаҕа эрэ хараарар
· Айаҕыттан таhаарарыгар харбат
· Күѳт айах
· Үѳhээ-аллараа сыҥаах буолума
· Тииҥ мэйиитэ мэйиилээх
· Бэдэр мэйии, сээркээн сэhэн
· Балыктааҕар тыла суох, сымыыттааҕар бүтэй
· Баhын кырбана олорор
· Хараҕа ырааҕы кѳрбѳт, кулгааҕа чугаhы истибэт
· Мунна сыты билбэт, айаҕа амтаны билбэт
· Тыл уҥуоҕа суох диэбиккэ дылы
· Уу-хаар тыллаах
· Аhаҕас айах, бэлэм бэлэс
· Айаҕа эрэ хараарар, айаҕа атыны туойар, бэйэтэ атыны оҥорор
· Аллараа сыҥаах буолар
· Хоҥ мэйии, улар мэйии
· Акаары тѳбѳ атаҕы иллэҥ оҥорбот
· Ѳйѳ суох киhи хараҕа-кулгааҕа суох
· Албын тыла мүѳттээҕэр минньигэс
· Тыла мүѳттээх, сүрэҕэ муустаах
· Муннунан да, айаҕынан да тыммат
· Булбута муннугар, туппута тумсугар
· Баhа суох маанымсык, тѳбѳтѳ суох үтүѳмсүк
· Хаhынара хараҕа, оҥосторо уоhа
· Аалым баhа хоҥнон биэрбэтэ
· Аата, Кыычыкын баhа буоллаҕа
· Хараҕын далыттан таhаарбат
· Саатар сырай суох
· Сырайгыт эрэ кытарар
· Кулгааҕа-хараҕа кэҥээбит киhи
· Түѳкүн мэлдьэҕин эрэнэр, ыт тииhин эрэнэр
· Миигинэн тииhиҥ сааҕын сууйума
· Үрүҥ хараҕы ѳрѳ кѳрдѳрбѳт
И.И. Стручкова «Саха бэргэн тыла ѳhѳ»
· Үѳрэҕэ суох киhи хараҕа суох кэриэтэ
· Үлэ үксэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй
· Тылгынан эппиккин эрэнимэ үлэлээн толорбуккун эрэн
· Тылтан дьыалаҕа тахсыахха наада
· Тылы дьыаланан солбуй
· Тыл эрдии, киhи – оҥочо
· Тыл - киhи ис дууhатын кэрэhитэ
· Быhах сытыыта, тыл чобуота ордук
· Сиэрдээх тылы утарар кытаанах
· Кырдьыктаах тыл ѳhүллүбэт, кытаанах кэлгиэ сѳллүбэт
· Этэр тыл эҕэлээх, саҥарар тыл саталаах
· Киhи тыла сүүс кѳhү саба сүүрэр
· Куhаҕан тылтан бэл от-мас хагдарыйар
· Киhи тыла күлүүс тыла буолбатах – тылын ыллым диэн эрэнимэ
Кыhыл тылынан кумахтан ѳтүү хатар
Ѳс хоhоонноругар киирбит түѳс чааhын уорганнара – сүрэх, тыҥа, хабарҕа
И.К.Попов «Саха таабырыннара, ѳс хоhоонноро, чабырҕахтара»
· Баай, мэник иккигэ халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан
· Киhи санаалаах, туу сүрэхтээх
· Сүрэхтээх киhи туохтан да маппат
· Сүрэх билэр – сүhүѳх билбэт
· Эр сүрэҕинэн, эhэ тыҥыраҕынан
· Хаҥыл сүрэхтээх киhи ханныктан да хаалбат
· Таас сүрэх, муус сүрэх
· Сүрэх сүрэххэ дылы, быар быарга дылы
· Сүрэх баҕарда, сүрэх тиийбэт
И.И. Стручкова «Саха бэргэн тыла ѳhѳ»
· Дьэбин тимирин сиир, санаа сүрэҕи сиир
· Тэбэр сүрэхтээх, тардар тымырдаах
· Сүрэхтээх сүгүн ѳлбѳт
· Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх
· Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх
· Сүрэҕэ суох үлэ чэпчэкитин, ас минньигэhин талар
· Кус сүрэх, куттас куобах
· Тыла мүѳттээх, сүрэҕэ муустаах
Н.В.Емельянов «Саха ѳhүн хоhооннорун хомуура»
· Киhи санаалаах, туу сүрэхтээх
· Сүрэхтээх киhи туохтан да маппат
· Сүрэх билэр – сүhүѳх билбэт
· Сүрэҕэ сѳбүлээбит сүгэhэрдээх умнаhыкка да сүктэр
· Таптыыр сүрэх таайыгас буолар
· Баҕарартан харах арахпат, сѳбүлүүртэн сүрэх арахпат
· Тарбаххынан талан, сүрэххинэн сѳбүлээн, хараххынан хайҕаан ыл
· Эр сүрэҕинэн, эhэ тыҥыраҕынан
· Сүрэхпэр-быарбар ыттардым
· Сүрэх-быар ыарыыта
Ѳс хоhоонноругар киирбит ис чааhын уорганнара – быар, куртах
И.К.Попов «Саха таабырыннара, ѳс хоhоонноро, чабырҕахтара»
· Атах туhугар атах тостор
· Мин да ытыспар турах саахтыа
Ѳс хоhоонноругар киирбит илии-атах чааhын уорганнара – атах, илии, сото, тобук, ытыс
· Итэҕэр икки атахтаах бары тыллаах
· Элбэх сырыылаах атаҕа кирдээх, элбэх саҥалаах айаҕа кирдээх
· Сордооххо сото уҥуоҕа түбэhэригэр дылы
· Топпутун тобуга уйбат
· Ойуурдаах саhыл кутуругунан оонньуур, дьонноох киhи сототунан оонньуур
· Киhи таҥара илиитин иhигэр сылдьар
· Илии хамнаатаҕына, айах хамныыр
· Ыалдьартан илии арахпат, таптыыртан харах арахпат
· Атас туhугар атах тостор, кэргэн туhугар кэтэх туллар
· Ытыс үрдүгэр түhэрдилэр
· Тимир илии, кытаҕас ытыс
· Биэрэр илии билэр, ылар илии билбэт
· Муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан
· Дьолун тобугунан тоҕо түспүт
· Атаҕастыыбын диэн атаххыттан ыллараайаҕын
· Ыалдьартан илии арахпат
· Атах анныттан алдьархай тахсар, илии анныттан илдьиркэй тахсар
· Уол оҕо хаҥас илиитэ хара саарба
Түмүк
«Киhи этин-хаанын кѳрдѳрѳр тыллар саха ѳhүн хоhоонугар» диэн тиэмэбэр 4 автор кинигэтин кытта үлэлээн, 151 ѳс хоhоонун булан, «Эккэ-хаанна сыhыаннаах тыллардаах ѳс хоhооннорун хомуйан, олору наардаан, тэҥнээн кѳрүү» диэн сыал туруоран үлэлээн, маннык түмүккэ кэллим:
1) Түѳрт кинигэ ааптардара тыhыынчанан сыллар тыалларыгар бэриммэттии үтүмэн үйэлэр ѳксүѳннэригэр ѳлбѳѳрбѳттүү үтүѳ үгэстэрин умнубакка кѳлүѳнэттэн кѳлүѳнэҕэ аныгы үйэҕэ сахабыт тылын сайыннара тураллар.
2) Фольклор араас кѳрүҥүн чэчирэтэр, билиннэрэр, үйэтитэр кинигэлэринэн киэҥ туттабын, тѳhѳ кыалларынан үүрэтэбит
3) Лена Николаевна Попова аныгы үйэ тэтиминэн сиэттэрэн кыра оҕоҕо ѳйдѳнүмтүѳ гына уруhуйдаах, үс тылынан тылбаастаммыт кинигэтэ, саха норуота сайдар кэскилин суола буолар. Бу кинигэни араас омук бары кѳрѳн, бэйэлэрин тѳрүт тылларынан ааҕан саха норуота хайдах курдук баай, мындыр толкуйдааҕын, тыллааҕын-ѳстѳѳҕүн сѳҕѳ-махтайа кѳрѳллѳрѳ биир эмиэ улахан ситиhии буолар.
4) Ѳс хоhоонун дорҕоон дьүѳрэлэhиитэ киэргэтэр. Ол истэргэ да кэрэ, ѳйдүүргэ да кэбэҕэс. Дорҕоон дьүѳрэлэhиитин туттуу этиллэр саҥаны киэргэтэр, биир кэлимсэ оҥорор.
Туhаммыт литература
1) Емельянов Н.В. Саха ѳhүн хоhооннорун хомуура – Дьокуускай, 1965 с.
2) Стручкова И.И. Саха бэргэн тыла-ѳhѳ – Дьокуускай «Бичик», 1997 с.
3) Попов И.К. Саха таабырыннара, ѳс хоhоонноро, чабырҕахтара – Дьокуускай «Бичик», 2006 с.
4) Попова Л.Н. Ѳс хоhоонноро_ Пословицы. Proverbs and sayings, - Дьокуускай «Бичик», 2012 с.
5) Аргунова О.В. Киhи – Дьокуускай, «Бчичк», 2005 с.
6) Угаров Г.С. Русско-якутский словарь биологических терминов – Якутск, 1993 г.
7) Дмитриев П.Н., Попов Г.В. Саха фольклора – Дьокуускай, 1986 с.
8) Киhи. Сахалыы мультимедийнай кинигэ – Дьокуускай «Бичик», 2011 с.
9) Тѳрѳѳбүт тыл уонна литература №1 – 2012 с. Саха оскуолатын учууталларыгар аналлаах научнай-методическай сурунаал – Дьокуускай, 2012 с.
10) Суорун Омоллоон айымньыларын уонна үлэлэрин 14 томнаах толору хомуурунньуга, Т.Б: Саха фольклора Дьокуускай: Якутия, 2006 с.
11) 80 лет со дня рождения Н.В.Емельянова//Якутия – 2001: Календарь знаменательных и памятных дат, - Якуск, 2000, - стр 22-24
Өссө маны көр
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |