"Первый учитель" (сэһэн)
«Маҥнайгы учуутал» — кыргыыс биллэр уонна ытыктанар биир бөдөҥ суруйааччыта Чингиз Айтматов 1962 сыллаахха суруйбут сэһэнэ. Сэһэҥҥэ Кыргыстаан суола ииһэ суох, ыраах, түгэх сытар аилларыгар үөрэх уонна оскуола диэн өйдөбүл кэлиитин, урукку хаалынньах олох көстүүлэрин, үгэстэрин кытта охсуһуу ойууланар.
Ис хоһооно
Чингиз Айтматов сэһэнэ Худуоһунньук кэпсээниттэн, кини аатыттан саҕаланар. Худуоһунньугу Куркуреу диэн кини бэйэтэ төрөөбүт аилыгар оскуола аһыллыытыгар ыҥыраллар. Тэрээһиҥҥэ олус элбэх биир дойдулаахтара ыҥырыллаллар, олор ортолоругар Сулайманова диэн академик дьахтар баар буолар.
Кэлин Москубаҕа кини аатыгар Сулаймановаттан сурук кэлэр. Кини ол суругу Алтынай аатыттан сэһэргии сэһэргии бэчээккэ таһаартарар.
Дюйшен (Болот Бейшеналиев) диэн хомсомуол, улахан үөрэҕэ суох эдэр уол аилга көһөн кэлэр уонна эргэ, быраҕыллыбыт сылгы тутар хотону сөргүтэн, ону оскуола оҥостон, оҕолору үөрэтэн киирэн барар. Кини биир үөрэнээччитэ -- Алтынай диэн аҕатын аймаҕар олорор тулаайах кыыс. Алтынай дьоно кыыс күн аҥаарын быһа оскуолаҕа сылдьарын, дьиэҕэ уокка көмөтө аҕыйаабытын иһин сөбүлээбэттэр, абааһы көрөллөр. Сотору буолан баран Алтынайы аймахтара ойох гына аттынааҕы аил киһитигэр атыылыыллар. Ол кини Алтынайы оскуола дьиэтиттэн кэлэн илдьэ барар. Дюйшен утарылаһан көрбүтүн кырбыыр. Хас да хонон барана Дюйшен кыыһы тиийэн күрэтэн ылар, милииссийэлэр били киһини туталлар. Алтынайы Ташкеннааҕы оҕо дьиэтигэр биэрэллэр. Кини онно киирэн үөрэҕин салгыыр уонна кэлин тиһэҕэр академик буолар.
Ол гынан баран, академик Сулайманова төрөөбүт аилыгар оскуола арыллыытын бырааһынньыгар кэлэн баран, аил бастакы учуутала Дюйшены бырааһынньыкка ыҥырбатахтарын истэн билэн баран, кыбыстан, бырааһынньыкка сылдьыбакка барар.
Экранизацията
Андрей Кончаловский режиссер бу сэһэн сюжетынан толору метрдаах "Первый учитель" диэн киинэни устубута.