Zidisha
Zidisha | |
---|---|
Көрүҥэ | Некоммерческая организация |
Тэриллии сыла | 2009 |
Төрүттээччилэр | Джулия Курниа |
Сирэ | Muirfield Circle #104, Стерлинг, Виргиния, АХШ |
Деятельность сферата | социальное предпринимательство, микрокредитование (равноправное кредитование) |
Ситим-сир | zidisha.org |
Zidisha — сайдан иһэр дойдуларга көнө микрокридетованиенан дьарыктанар Эмиэрикэ эргиэнэ суох тэрилтэтэ. Zidisha микрокридетование системата кыра эргиэнинэн дьарыктанар аҕыйах харчылаах заемщигы уонна кредитору тас көмөлөһөөччүтэ суох zidisha.org диэн ситим сиринэн уонна туспа мобил программатынан ситимниир. Суаһили тылыгар zidisha «улаатыы» эбэтэр «тэнийии» диэн суолталаах. Тэрилтэни 2009 сыллаахха Джулия Курниа тэрийбитэ, Вирдьиния ыстаакка баар[1][2][3][4][5][6][7].
Остуоруйата
United States African Development Foundation (Y Combinator диэн венчурнай пуонда буолар[2][9][10][11][12][13].
Zidisha идеята
Zidisha ситим сиринэн биэриллэр кредиттар дьадаҥы дойдуларга кыра эргиэн тэрилтэлэрин тэрийэргэ кыах биэрэллэр. Иэстэрин төнүннэрбиттэрин кэннэ олор саҥа кыһалҕалаах дьоҥҥо көмө оҥороллор. Система саҥардыыта диэн кредиты биэрээччи уонна ылааччы икки ардынан үһүс киһи суох. Кредит ылыан баҕалаах бэйэтэ кредиторга заявка ыытар уонна кинини кытта бэйэтэ кэпсэтэр. Дойду талбыт киһитэ Zidisha ситим сиригэр заемщик суотун арыйыан сөп. Кредиты ылааччы бигэргэтиэхтэрин иннинэ кини кредитнай остуоруйатын бэрэбиэркэлииллэр. Ону таһынан Zidisha сайдан иһэр дойдуларга кредитнай рейтиҥнар суохтарын толорор уонна кредиты ылааччылар иэстэрин төнүннэрэллэрин кэтииллэр[2][14][15].
Иэһин төнүннэриититтэн көрөн харчыны ылбыт киһи рейтиҥа оҥоһуллар (eBay эбэтэр Amazon.com рейтиҥын курдук). Кэлин үчүгэй рейтиҥнаах киһи иэс элбэх харчыны ылара быдан чэпчики буолар[2].
Быдан ордук Zidisha Кенияҕа, Буркина-Фасоҕа, Сенегалга, Ганаҕа, Индонезияҕа уонна Гвинеяҕа үлэлиир. Харчы иэстээх сылга 10,6 % төлүүр, онтон Аан Дойду орто көрдөрүүтэ 35 %. Zidisha кутталлартан туох да гарант биэрбэит эрээри курс уларыйыытыттан барыс ылары да боппот[16][17].
Быһаарыылар
- ↑ Y Combinator Nonprofit Zidisha Changes Microfinance Equation(ааҥл.). The Wall Street Journal. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 2,0 2,1 2,2 2,3 Zidisha(ааҥл.). GuideStar. Тургутулунна 8 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Microfinance without the MFI? Zidisha tests the boundaries of microlending methodology(ааҥл.). Financial Access Initiative at NYU Wagner. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Zidisha Launches A Kickstarter-Style Micro-Lending Platform For Low-Income Entrepreneurs In Developing Countries(ааҥл.). TechCrunch. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Financing Social Change(ааҥл.). McKinsey & Company. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Is Microfinance for You?(ааҥл.). Entrepreneur. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Zidisha forges a path in microfinance industry(ааҥл.). The Washington Post. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Senegal Ecovillage Microfinance Fund (SEM)(ааҥл.). Kiva. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Founding Story(ааҥл.). Zidisha, Inc. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Why I Founded Zidisha(ааҥл.). The Huffington Post. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Paul Buchheit, Gmail Creator, Will Donate If You Tweet, Facebook About This Important Cause(ааҥл.). The Huffington Post. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Meet the ‘tech for good’ startups at Y Combinator’s demo day(ааҥл.). VentureBeat. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Zidisha: The Online Micro-loan Platform That Kiva Wants to Be Like(ааҥл.). Mashable. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Zidisha: Fostering entrepreneurship one loan at a time(ааҥл.). ONE. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ So that thing Kiva just started doing? Zidisha was already doing it(ааҥл.). Find What Works. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Variations in Microcredit Interest Rates(ааҥл.). The World Bank. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Kiva vs. Zidisha: Comparing Microfinance Alternatives(ааҥл.). Daily Kos. Тургутулунна 9 Ыам ыйын 2015.
Сигэлэр
Бу хампаанньа уонна тэрилтэ туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |