The Big Issue

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

The Big Issue (ааҥл. «улахан кыһалҕа») — Великобритания уонна Аан Дойду үрдүнэн киэҥник тарҕаммыт уулусса хаһыата[1][2].

Буоларын курдук, хаһыаты дьиэтэ суох дьон тарҕатар, ол эрээри сүрүн уратыта диэн хаһыаты идэлээх суруналыыстар оҥороллор[2].

Хаһыат сыала-соруга — дьиэтэ суох дьоҥҥо харчы өлөрөргө кыах биэрии уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарыы[1].

Бу сыалы-соругу ситиһэр иһин дьиэтэ суох дьон хаһыаты сыанатын аҥарынан атыылаһар уонна толору (этиллибит) сыанатынан атыылыыр[1][2].

Остуоруйата

Дьон Бйорд уонна Анита Роддик 1991 сыллаахха Лондоҥҥа The Big Issue диэн сурунаал тэрийэллэр[1][2][3],  кинилэргэ 1989 сыллаахха Нью-Йоркка тахсыбыт Street News диэн бастакы уулусса хаһыата холобур уонна тирэх буолбута[4][5][6]. Бастакы көмөнү Body Shop диэн тэрилтэ 50 000 доллары биэрэн оҥорбута[5].

Бырайыак тахсарын саҕана биир нүөмэр сыаната 50 пенс этэ, ол эрээри кэлин 2,5 фуҥҥа тиийэ улааппыта[7].

Бастаан сурунаал ыйга биирдэ тахсар этэ, ол гынан баран 1993 сыл бэс ыйыгар The Big Issue нэдиэлэ аайы тахсар буолбута.

1995 сыллаахха Дьон Бйорд хаһыат ситиһиилээх буолбутун кэннэThe Big Issue Foundation диэн дьиэтэ суох дьоҥҥо көмөлөһөргө уонна уулусса хаһыатын идеятын тарҕатарга анаммыт тэрилтэни тэрийэр[8].

2001 сыллаахха хаһыат 300 000 экземпляры атыылаан рекорд олохтуур[5].

2000 сыллар ортолоруттан саҕалаан The Big Issue ааҕар дьон ахсаана аҕыйыыр[2]. The Big Issue тирааһа 167 000-ттан (2007 с.) 125 000-ҕа (2012 с.) түһэр[1]. Атыылааччылар да быыстарыгар конкуренция үрдүүр. Уулусса хаһыата туруорбут сыалларын-соруктарын кыайан ситиспэт кыһалҕатыгар тиийэн саҥа ньымалары көрдүүр[2].

Бастакы ньыма: QR-куоттаах анал карталары атыылыахха сөп этэ. Бу карта сыаната хаһыат сыанатыгар тэҥнээх буолуохтаах (2,5 фунт)[2]. Сурунаал саҥа нүөмэрин ааҕарга карта атыылаһаҕыҥ уонна бу QR-куоду гаджет хаамыратынан сканируйдуугуҥ, эбэтэр хаһыат ситим сиригэр киирэн бу куоду бэйэҥ суруйаҕыҥ[2].

Иккис ньыма: атыыһыттартан репортер оҥоруу. 2011 сыллаахха хаһыат хас да тыһынча дьиэтэ суох киһиэхэ смартфон биэрэргэ былааннаммыта. Бу смартфон көмөтүнэн ситим үөскүөхтээх этэ: түбэлтэ буолбут сириттэн хаартыскалары, аудиону уонна видеону ылыы.

Ол да буоллар, 2012 сыллаахха редакция үгэс буолбут суолунан барар: хаһыат тас көрүҥүн уларыталлар, политика туһунан суруйар буолаллар, саҥа суруйааччылары ыҥыраллар уонна сыанатын үрдэтэллэр[1][3].

Быһаарыылар

  1. The Economist (7 January 2012 </noinclude>). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  2. 2,0 2,1 2,2 2,3 2,4 2,5 2,6 2,7 Ксения Вознюк. The big issue: о британских СМИ, помощи бездомным и переходе на «цифру»(нууч.). sibnovosti.ru (31 октября 2012 </noinclude>). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  3. 3,0 3,1 Revamped Big Issue hits streets(ааҥл.). BBC (16 January 2012 </noinclude>). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  4. Danna Harman. Read all about it: street papers flourish across the US(ааҥл.). The Christian Science Monitor (17 November 2003 </noinclude>). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  5. 5,0 5,1 5,2 Boukhari, Sophie. The Press Takes to the Street(ааҥл.). UNESCO Courier (February 1999 </noinclude>). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  6. Александра ОСИНА. Работа с бездомными, западный опыт(нууч.). Милосердие.ru (29 апреля 2009 </noinclude>). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  7. Big Issue magazine to be sold by the jobless(ааҥл.). BBC (4 June 2011 </noinclude>). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  8. 1049077 - THE BIG ISSUE FOUNDATION(ааҥл.). Charity Commission. Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.

Сигэлэр