Samasource
Samasource — Аан Дойду саамай дьадыҥы дойдулар олохтоохторугар информационнай технологияларга сыһыаннаах үлэни биэрэр Эмиэрикэ эргиэнэ суох тэрилтэтэ[1].
Тэрилтэ
Samasource эргиэнэ суох тэрилтэни Лейла Джана 2008 сыл бэс ыйын 1 к. тэрийбитэ[2]. Samasource тэрийэргэ бастакы хапытаалын (20 000 евроны) Лейла Нидерландыга буолбут Аан Дойдутааҕы бизнес-планнар күрэхтэһиилэригэр кыайбыта[2][1].
Джана Samasource уларыйбат салайааччыта буолбута[1].
Тэрилтэ аата «сама» - "тэҥ" суолталаах санскрит сыһыарыытыттан уонна «source» - "төрүт" диэн суолталаах английскай тылтан үөскээбит[3]. Лейла баҕа санаатынан бу аат дьон тэҥ кыахтааҕын көрдөрүөхтээх этэ[1][3].
Samasource киинэ Сан-Франциско куоракка (АХШ) баар[1][3].
2013 сыл туругунан Samasource офистара Гаитига, Индияҕа уонна Угандаҕа бааллар этэ[1].
2015 сыл туругунан Samasource Лейла тэрийбит үс тэрилтэлээх Sama Group диэн хампаанньаҕа киирэр (иккис тэрилтэ Samahope уонна үһүс - Samaschool )[1][4].
Бизнес-модель
Samasource бизнес-модела IT-индустрия бастыҥ тэрилтэлэриттэн сакаас ылыыга уонна бу сакааһы дьадаҥы дойдуларга баар микроүлэ кииннэригэр тарҕатыыга олоҕурар[1].
«Микроүлэ» (TED кэнпириэнсийэтигэр кииллэрбитэ[1][5][3][2]. Samasource тэрийээччитин санаатынан микрокредит харчы кыһалҕатын суох оҥорорун курдук «микроүлэ» үлэ кыһалҕатын суох оҥоруохтаах[1][3][2].
Samasource биэрэр үлэтэ олус судургу уонна ону оҥорорго туох да үөрэх наадата суох, ол эрээри автомат кыайан оҥорбот. Холобур, администрирование уонна интернет-ресурстарын модерация.
Үлэ көрдөрүүлэрэ
Samasource бастакы килийиэнэ Benetech диэн эргиэнэ суох түмэт тэрилтэтэ буолбута[3].
2013 сыллаахха Samasource 2 700 дьадаҥы дьахтарга уонна эдэр ыччакка 2 мөл доллары төлөөбүт. Уопсайа 10 тыһ тахса Африка, Соҕурууҥҥу Аасыйа уонна Карибтар олохтоохторун өйөөбүт[1][3].
2014 сыллаахха тэрилтэ 5 500 үлэ сирин биэрбитэ[2].
2015 сыл туругунан Samasource кытта gettyimages, tripadvisor, Walmart, Microsoft, LinkedIn улахан хампаанньалар үлэлииллэр[5][3][2].
Сыанабыал
Samasource үлэтин Google FoundationCisco Foundation, eBay Foundation өйөөбүттэрэ[3].
Samasource Рокфеллер уонна Мулаго пуондаларын (ааҥл. Mulago Foundation) стипендиата[6][3].
2012 сыллаахха АХШ госсэкэрэтээрэ Хиллари Клинтон тэрилтэҕэ$500 тыһ. премияны биэрбитэ[1].
Быһаарыылар
- ↑ 1,00 1,01 1,02 1,03 1,04 1,05 1,06 1,07 1,08 1,09 1,10 1,11 1,12 Jill Iscol, Peter W. Cookson (Contributor: Bill Clinton) The laptop is the new sewing machine: the Leila Janah story // Hearts on Fire: Stories of Today's Visionaries Igniting Idealism into Action. — Random House Publishing Group, 2013. — P. 62-72. — 176 p. — ISBN 081299390X, 9780812993905
- ↑ 2,0 2,1 2,2 2,3 2,4 2,5 Gerben van der Marel. Handel in banen voor de armsten (nk). fd. (4 July 2014 </noinclude>). Тургутулунна 15 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 3,0 3,1 3,2 3,3 3,4 3,5 3,6 3,7 3,8 3,9 Leila Janah – WOMAN of ACTION(ааҥл.). A Celebration of Women (18 January 2014 </noinclude>). Тургутулунна 15 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Christina Farr. How Sama Group’s donations model connects and aids the world’s poor(ааҥл.). Venture Beat (5 November 2013 </noinclude>). Тургутулунна 15 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 5,0 5,1 Daniel Scheffler. Leila Janah's 'microwork' - power to many(ааҥл.). sfgate.com (30 December 2012 </noinclude>). Тургутулунна 15 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Leila Janah(ааҥл.). techfellows.com (2011). Тургутулунна 15 Ыам ыйын 2015.
Сигэлэр
- Ситим сирдэр:
- Samasource: samasource.org.
- Sama Group: samagroup.co.
- Facebook: facebook.com/samasource.
- Сылааҕы оччуоттар: 2012, 2014.
- CrunchBase: crunchbase.com/organization/samasource.
Бу хампаанньа уонна тэрилтэ туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |