SWIFT

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Society for Worldwide Interbank Financial Telecommunication
Көрүҥэ Кооператив
Тэриллибитэ 1973
Штаб-квартира La Hulpe, Belgium
Индустрията Ситим
Оҥоһуулара Үп-харчы ситимэ
Үлэhиттэрэ >2000
Ситим-сир swift.com

SWIFT диэн Society for Worldwide Interbank Financial Telecommunication кылгатыллыбыта буолар. үп-харчы тэрилтэрэ туттар ситимнэрэ. Атын ааттара SWIFT-BIC (англ. Bank Identifier Codes), BIC code, SWIFT ID эбэтэр SWIFT code.

1973 сыллаахха тэриллибитэ, 15 дойдуттан 237 баан хомуйсан олохтообуттара.

SWIFT — коопертивнай уосастыба, ол аата 2010 сыллаахха 209 дойдуттан 9000 бааннарга бас билинэр этэ. Бельгия сокуоннарынан үлэлии, төбө офиһа Брюссельга баар.

Хас холбоммут баан SWIFT-куоду ылар, уонна биир дойдуттан атын дойдуга харчы ыытыаххын баҕардаххына IBAN-код эрэ ирдэбиллээх буолар.

Күн аайы SWIFT нөҥүө харчы ыытыытын, араас сыаналаах кумааҕы хамсааһынын туһунан мөлүйүөнтэн тахса эпирэссийэ ааһар.

Санкцияларга туһаныы

2012 сыллаахха АХШ Иран санкцияларын түмүгүнэн Иран бааннары уонна Иран киин баанын SWIFT систематтан араарбыттара. Онуоха майгыннатан 2014 сыллахха Холбоһуктаах Хоруоллук Россия Украинаҕа конфликка кыттыһыытын иһин бааннарын SWIFT ситимиттэн араарар санааны тарҕаппыта.[1] Ол гынан баран SWIFT ону оҥорору аккаастаабыта, биллэриитигэр "SWIFT батааһын оҥоруллубутуттан уонна медиа спекуляцията баарыттан хомойор, тоҕо диэн SWIFT туттар тэрилтэлэр төрүт система буоларын мөлтөтөр"[2]

Быһаарыылар

Атын сигэлэр