Rise Asset Development
Rise Asset Development — Канада түмэт урбаан микрофинансовай тэрилтэтэ[1][2], психикаларыгар кэһиллиилээх уонна наркотиктан тутулуктарын эмтэммит дьоҥҥо бэйэлэрин биизинэстэрин арыйалларыгар кредит биэрэр.
Остуоруйата
Онтарио биэс олохтооҕуттан хас биирдиитэ психикаларыгар кэһиллиилээхтэр эбэтэр наркотиктан тутулуктана сылдьыбыт опыттаахтар[3]. Оннук дьон үлэни бэрт эрэйинэн булаллар уонна кредит историялара куһаҕан буолан заайым ылар кыахтара суох[4]. 2009 сыллаахха Ротман биизинэс-оскуолата уонна Centre for Addiction and Mental Health клииника кыттыыларынан Сандра Ротман Rise Asset Development диэн хампаанньаны арыйбыта[1]. Хампаанньа үс сылга болдьохтоон биизинэс арыналларыгар эбэтэр баар биизинэстэрин өйүүллэригэр кредит биэрэр (ортотунан үстэн биэс тыһыынча дуолларга дылы). Rise Asset Development итини таһынан эдэр урбаанньыттарга анаан бизнес-тренингтары ыытар.
2013 сылга Rise Asset Development 200 тыһыынча дуоллар сууммалаах кредиты биэрбит. 2012 сыллаахха Оттаваҕа, сыл буолан баран Лондоҥҥа хампаанньа бэрэстэбиитэлистибэлэрэ аһыллыбыттара[5]. Rise Asset Development психикаларыгар кэһиллиилэрдээх дьоҥҥо тэҥ усулуобуйаны оҥорор туһугар һлэлиир түмэт тэрилтэтэ буоларын быһыытынан Social Entrepreneurship in Mental Health Equity Award наҕараадатынан бэлиэтэммитэ[6].
Быһаарыылар
- ↑ 1,0 1,1 Anne Mcirlroy. Starting a company while coping with mental illness(ааҥл.). The Globe and Mail (9 November 2012 </noinclude>). Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Impact: A Social Enterprise Strategy for Ontario(ааҥл.). Ontario. Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Respect, Recovery, Resilience:(ааҥл.). Health.gov.on.ca. Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Micro-lending to the more unlikely(ааҥл.). The Economist (25 January 2012 </noinclude>). Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Press Release: Rise Asset Development comes to London(ааҥл.). Ivey (17 October 2013 </noinclude>). Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Linda Roxon. Cooperation and Debate at the Toronto International Microfinance Summit 2012(ааҥл.). Social Finance (7 November 2012 </noinclude>). Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
Сигэлэр
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |
Бу хампаанньа уонна тэрилтэ туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |