Nadin (тэрилтэ, Арассыыйа)
«Nadin» — Арассыыйаҕа бастакы[1][2][3], истибэт уонна мөлтөхтүк истэр үлэһиттэрдээх, баттах кыргар сир. 2012 сыллаахха Москубаҕа аһыллыбыта.
Остуоруйата
2012 сыллаахха мөлтөхтүк истэр Кирилл Васильев уонна кини ойоҕо, баттах кыргааччы Надежда Шарапова тэрийбиттэрэ[4][5].
Надежда куһаҕаннык истэр буолан, үлэҕэ моһоллору көрсөрө, клиеннар истэр маастардары ордороллоро, онон киниэхэ судургу уонна кыра төлөбүрдээх закаазтары биэрэллэрэ[6]. Сарбыйыллыыны утаран кэргэнниилэр истибэт дьоҥҥо анаан баттах кыргар сир бырайыагын оҥорбуттара. Бырайыактара «Биһиги кэскилбит» пуонда тэрийбит «Түмэт урбаан-2011» куонкурус биир кыайыылааҕынан буолбута уонна заайым ылбыта, үлэ сирин буларга Москуба бырабыыталыстыбата көмөлөспүтэ[7]. Салон аһыллыытын прессаҕа киэҥник сырдаппыттара[3][8].
Фирма үлэҕэ сүнньүнэн истибэт уонна мөлтөхтүк истэр маастардары ылар, клиеннар ахсааннарыгар истэбэт да истэр да дьон бааллар[6], истибэт дьоҥҥо өҥөнү оҥорууга чэпчэтии көрүллэр[9].
Быһаарыылар
- ↑ Кирилл Миловидов. Парикмахерская для глухих открылась в Москве. Милосердие.ру (19 Бэс ыйын 2012 </noinclude>). Тургутулунна 28 Муус устар 2015.
- ↑ Виктория Лашкул. Открыта первая в России парикмахерская для глухих. www.voginfo.ru. DeafNet (22 Бэс ыйын 2012 </noinclude>). Тургутулунна 28 Муус устар 2015.
- ↑ 3,0 3,1 Елена Шамраева. Проблемы со слухом – не проблема для бизнеса. «Дождь». Тургутулунна 28 Муус устар 2015.
- ↑ Татьяна Борисова. Страна глухих. Hair.su (31 Атырдьах ыйын 2012 </noinclude>). Тургутулунна 28 Муус устар 2015.
- ↑ Вести-Москва. Парикмахерская для глухонемых открылась в Москве.. Россия 1. Nadin. Тургутулунна 28 Муус устар 2015.
- ↑ 6,0 6,1 Инне Финочка. "Тихая" парикмахерская: как работать человеку с инвалидностью. РИА Новости (27 Балаҕан ыйын 2013 </noinclude>). Тургутулунна 28 Муус устар 2015.
- ↑ Алена Гетман. Частное дело. Парикмахерская для глухих. Большой город (5 Ыам ыйын 2012 </noinclude>). Тургутулунна 28 Муус устар 2015.
- ↑ Салон-парикмахерская NADIN. vmdaily.ru. D/Slife.ru (22 Атырдьах ыйын 2012 </noinclude>). Тургутулунна 28 Муус устар 2015.
- ↑ Зоя Скуратова. В стране глухих: как живут люди с нарушением слуха. Glamour. Тургутулунна 28 Муус устар 2015.