Maxthon
Maxthon (урукку аата MyIE2, сахалыы тылбааһа «Мокустуон былыт көрдөрөөччү») - босхо Maxthon Asia Ltd. диэн кытай хамаанньата. Mac OS, iOS платформаларга баар.
Бүтэһик 4.1.0.3000 версията бэс ыйын 27 күнүгэр тахсыбыта.
Устуоруйата
- 2003 - MyIE2 тахсар;
- 2004 - MyIE2 аата Maxthon диэҥҥэ уларыйар, аны браузер аан дойдуга биллэр буолар;
- 2005 - Maxthon кыбытыктары синхронизациялааһыннаах бастакы браузер буолар;
- 2006 - Дьуҥуаньцунь куоракка сүрүн офис аһыллар, Maxthon 2 бета-версията тахсар;
- 2007 - Maxthon 2 тахсар, холбоһук пуондата тэриллэр;
- 2008 - Maxthon браузеры 170 мөлүйүөн киһи туруорунар, браузер Webware 100 уонна атын наҕараадалары сүүйэр;
- 2010 - Maxthon 500 000 000 хачайдааһыннаах буолар, Европаҕа "саамай талыылаах" диэн ааттанар;
- WebKit буолар;
- 2011 - Android платформаҕа тахсар;
- Mac OS уонна iOS платформаҕа тахсар.
Көрдөрөөччү туһунан
Көрдөрөөччү бастакы версияларыгар Trident (Internet Explorer) диэн мотуор туттуллар үһү. Ол кэмнэргэ элбэх ситим-сир (сайт) Internet Explorer-га эрэ үлэлиир этэ, оттон ол көрдөрөөччү кыаҕа аҕыйах этэ. Maxthon буоллар атын көрдөрөөччүлэргэ көстүбэт ситим-сирдэри сөпкө көрдөрөр, уонна кыаҕа быдан элбэх.
Үһүс версияттан саҕалаан WebKit мотуор туттуллар, ол гынан баран Былыргы эрэһиим диэн пуунсуйаннан туһанан Trident туттуохха сөп. Maxthon 3.0 Internet Explorer-га эрэ үлэлиир ситим-сирдэри аптамаатынан быһаарар.
Төрдүс версияттан «Былыт көрдөрөөччү» (Cloud Browser) диэн иккис ааттаах. Туһанааччы кыбытыктара, сиэссийэлэрэ, көрдөрөөччү сурунаала уонна туруоруулара синхронизацияланыахтарын сөп. Туһанааччы билэлэрин Былыкка ыытыан син, онтон атын оҥоһууттан (холобур, төлөпүөнтэн эбэтэр планшеттан) ол билэни хачайдыан сөп. Ол иһинэн, Былытынан атын дьоннорго сигэлэри, тексты уонна нүөмэри ыытыахха сөп.
Кыаҕа
Наҕараадалара
- Webware 100 (2008 с., муус уст.)
- Webware 100 (2009 с., ыам ыйа)
- Best Android Browser (2013 с., кулун тутар)
- Best iPad Browser (2013 с., кулун тутар)
- Best Small Market Desktop Browser (2013 с., кулун тутар)
- уо. д. а.