Fortran

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Fortran
IBM 704 (Алтынньы 15, 1956), Fortran'ҥа программалааччыларга аналлаах бастакы салалтата
Парадигмата мульти-парадигма: процедуралаах, императив, структураламмыт, объекка ыйдарыылаах
Үөскээhинэ 1957
Айааччыта Дьон Бэкус
Developer Дьон Бэкус & IBM
Типтааhын дисциплината күүстээх, статик
Тахсыыта Absoft, Cray, GFortran, G95, Intel, Lahey/Fujitsu, Open Watcom, Pathscale, PGI, Silverfrost, Sun, XL Fortran, Visual Fortran, others

Fortran (урут FORTRAN) диэн процедуралаах императив Дьон Бэкус) айыллыбыта, үөрэх уонна инженерия эйгэлэригэр туттууга анаан.

Fortran аат The IBM Mathematical Formula Translating System (формула тылбаастыыр система) диэнтэн кылгатыы буолар.

Историята

1953 с. бүтүүтүгэр, Дьон Бэкус IBM 704 мейнфрейм көмпүүтэргэ аналлаах тылы айар санаатын ассемблер тыллааҕар ордук туhалаах буоларын гына. Бэкус FORTRAN'ы айар хамаандатыгар киирбит программалааччылар: Ричард Голдберг, Шелдон Бэст, Харлан Херрик, Питер Шеридан, Рой Натт, Роберт Нельсон, Ирвиҥ Циллер, Луис Хэбт уонна Дэвид Сэйр.

The IBM Mathematical Formula Translating System айааhына 1954 с. ортотугар түмүктэммит. FORTRAN бастакы салалтата 1956 алтынньытыгар баар буолбут, бастакы кэмпилээтэрэ 1957 муус устарыгар тахсыбыт.

1960 дылы, FORTRAN IBM 709, 650, 1620 уонна 7090 көмпүүтэрдэргэ аналлаах версиялара тахсыбыттар. Тыл биллиитэ улаатыытын кытары, көмпүүтэр оҥорооччулара массыыналарыгар FORTRAN кэмпилээтэрдэрин туруорар буолбуттар. Ол курдук FORTRAN элбэх көмпүүтэр архитектураларыгар өйөбүллээх уонна киэҥник туттуллар аан бастакы программалааhын тыла буолар.

Тыл сайдыыта:

  • FORTRAN
  • FORTRAN II
  • FORTRAN III
  • FORTRAN IV
  • FORTRAN 66
  • FORTRAN 77
  • Fortran 90
  • Fortran 95
  • Fortran 2003
  • Fortran 2008

Программа холобура

Hello World программа

Хатыылаах формат:

^^^^^^PROGRAM hello
^^^^^^PRINT*, 'Hello, World!'
^^^^^^END

Көҥүл формат:

program hello
print *, "Hello, World!"
end