Dialogue Social Enterprise
Dialogue Social Enterprise GmbH[1] (DSE; ниэм. Consens Ausstellungs GmbH[2]) — кырдьаҕас уонна инбэлиит дьонугар анаммыт түмэт урбаан ниэмэс хампаанньата[3][4][5]. Хампаанньа инбэлииттэр билиилэрин көмөтүнэн семинардары уонна трениҥнары ыытар.[3][4][5].
Тэрилтэ
Dialogue Social Enterprise GmbH хампаанньаны 2008 сыллаахха Андреас Хайнеке уонна кини кэргэнэ Орна Коэн (ааҥл. Orna Cohen) тэрийбиттэрэ[3][6]. Хампаанньа ол кэмҥэ кинилэргэ баар бырайыактары барытын биир түмсүүгэ түмпүтэ. Кэлин саҥа хайысхаларга да үлэлиир буолбуттара.
Хампаанньаны Андреас Хайнеке салайар[3][7].
Хампаанньа киинэ Гамбург куоракка (Ньиэмэс сирэ) баар[3].
Хампаанньа Manpower Inc, Ашок Пуондатын, Шваб Түмэт урбаан Пуондатын, Bain & Company, McKinsey & Company, Lovells Corporate уонна Springer and Jacoby Group курдук тэрилтэлэри кытта тэҥҥэ үлэлиир[3].
Дьарыга
Dialogue Social Enterprise GmbH хампаанньа инбэлииттэр уонна көннөрү дьон икки ардыларыгар баар мэһэйи суох оҥорорго уонна инбэлииттэр көннөрү олоххо туһанар дьоҕурдарын доруобай дьоҥҥо тириэрдэр туһугар үлэлиир[3].
Ол туһугар эҥин араас түмэллэри, көрүлтэлэри (быыстапкалары) уонна семинардары тэрийэллэр, ыыталлар[3].
Хампаанньа сүрүн бырайыактара[3]:
- Хараҥаҕа кэпэстии (ааҥл. Dialogue in the Dark) — Гамбург куоракка баар хараҕа суохтарга анаммыт түмэл, көрүлтэлэр уонна семинардар.
- Уу чумпуга кэпсэтии (ааҥл. Dialogue in Silence) — дьүлэй уонна куһаҕаннык истэр дьоҥҥо анаммыт көрүлтэлэр уонна семинардар.
- Кэми кытта кэпсэтии (ааҥл. Dialogue with Time) — экспериментальнай хайысха — кырдьаҕастар ыытар көрүлтэлэрэ уонна оонньуулара.
Ону таһынан тэрилтэ кэлиилэр (миграннар) уонна хаайыыттан тахсыбыт дьон билиилэрин ылыы бырайыактарын оҥорор[8].
Хампаанньа лицензияларын атыылаан харчы оҥорор[4][5]. Ылбыт харчыларынан DSE оросхуоттарын сабаллар уонна сайдарга ыыталлар[4].
2010 сыллаахха хампаанньа 5,5 мөл доллар харчылаах этэ[9].
Быһаарыылар
- ↑ Ein Schritt ins Unbekannte (нем.). Deutscher Gründerprei (2011). Дата обращения: 4 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Vanesa Robles, Karls Juarez. "Mexico's Husband:. — The Lifestyle.
- ↑ 1 2 3 4 5 6 7 8 9 Company Overview of Dialogue Social Enterprise GmbH (англ.). Bloomberg. Дата обращения: 4 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 1 2 3 4 Dialogue in the Dark success story (англ.). Сеть социальных предприятий. Дата обращения: 4 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 1 2 3 Ram A. Cnaan, Diane Vinokur-Kaplan Chapter 11. Dialogue in the Dark: Mainstreaming Blind People in Germgany // Cases in Innovative Nonprofits: Organizations That Make a Difference. — SAGE Publications, 2014. — 336 с. — ISBN 148332432X, 9781483324326
- ↑ По данным самой компании, среди учредителей также были «Laura Gorni, Klara Kletzka and Thomas Richter».
- ↑ См.
- ↑ ANDREAS HEINECKE (англ.). Ашока (фонд). Дата обращения: 4 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Dialogue Social Enterprise (англ.). Фондом социального предпринимательства Шваба. Дата обращения: 4 Ыам ыйын 2015.
Сигэлэр
- Ситим сир: dialogue-se.com.
- Интервью: Vanesa Robles, Karls Juarez. "Mexico's Husband:. — The Lifestyle.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |
Алҕас: биллибэт пунктуация бэлиэтэ «[»Алҕас: биллибэт пунктуация бэлиэтэ «[»
![]() | Бу ыстатыйаҕа УРУБИИКИ атын ыстатыйалара сигэммэттэр. |