BASIC
Парадигмата | структураламматах, кэлин процедуралаах, кэлин объекка ыйдарыылаах |
---|---|
Үөскээhинэ | 1963 |
Айааччыта | Дьон Дьордь Кемень уонна Томас Юдьин Куртц |
Типтааhын дисциплината | күүстээх |
Тахсыыта | Apple BASIC, Commodore BASIC, Microsoft BASIC, TI-BASIC |
Atari BASIC диэн эрдэтээҥҥи BASIC тыл скриншота
Mono Basic, Open Office Basic уонна Gambas
BASIC (Beginner's All-purpose Symbolic Instruction Code) диэн үрдүк таhымнаах Дартмут колледжыгар (Дьон Дьордь Кемень уонна Томас Юдьин Куртц айбыттара, студеннары көмпүүтэргэ үлэлииргэ үөрэтэр соруктаах. BASIC уонна кини араастара 1970-с сс. бүтүүлэригэр - 1980 сс. микрокөмпүүтэрдэргэ киэҥник туттуллар буолбуттара. Тыл күн бүгүҥҥээҥҥи дылы киэҥ туттуулаах, киниттэн араас диалектар уонна саҥа тыллар сайдан тахсыбыттара (олор ахсааннарыгар Visual Basic). 2006 туругунан, .NET платформа айааччыларын 59% Visual Basic тылы тутталлар эбит.
BASIC аҕыс принциптара:
- Саҕалааччылар тутталларыгар судургу буолуу.
- Бүтүн аналлаах программалааhын тыла буолуу.
- Экспердарга сайдыылаах кыахтары биэрии.
- Интерактив буолуу.
- Сыыhалар тустарынан дьэҥкэ уонна өйдөнөр биллэриилэри биэрии.
- Кыра программаларга түргэн үлэ.
- Көмпүүтэр хардуэрын өйдүүрү ирдэбиллээбэт буолуу.
- Туттааччыны операциялыыр систематтан көмүскээhин.
Холобур
10 PRINT "Hello, World!"
Стандарттар
- ANSI X3.60-1978 «FOR MINIMAL BASIC»
- ISO/IEC 6373:1984 «DATA PROCESSING — PROGRAMMING LANGUAGES — MINIMAL BASIC»
- ANSI X3.113-1987 «PROGRAMMING LANGUAGES FULL BASIC»
- ISO/IEC 10279:1991 «INFORMATION TECHNOLOGY — PROGRAMMING LANGUAGES — FULL BASIC»
- ANSI X3.113 INTERPRETATIONS-1992 «BASIC TECHNICAL INFORMATION BULLETIN # 1 INTERPRETATIONS OF ANSI 03.113-1987»
- ISO/IEC 10279:1991/ Amd 1:1994 «MODULES AND SINGLE CHARACTER INPUT ENHANCEMENT»