Apertium
Apertium — бу массыынанан тылбаас сиһэ (платформа), маны Аликанте Үнүбэрсиэтигэр оҥороллор, ону Каталония бырабыыталыстыбалара үбүлүүллэр. GNU GPL усулуобуйаларыгар олоҕуран, бу хааччаҕа суох тарҕанар бырагырааманы таҥааччылар буор босхо үлэлииллэр.
Apertium диэн массыынанан тылбаас тиһигэ биирдиилээн тыл таһымыгар тахсар уларыйыыларга бүтэһиктээх кубулугу (конечные преобразователи), саҥа чаастарын бэлиэтииргэ эбэтэр тыллар халыыптарыгар баар бутууру туоратарга Марков айбыт, көстүбэт оҥкулларын (скрытые модели) туһанар.
Тыллар
Apertium массыынанан тылбаас туттугун (үнүстүрүмүөнүн) быһыытынан OpenTrad бырайыак чэрчитинэн үөскээбитэ, бастаан уруулуу тыллары тылбаастыырга анаан оҥоһуллубута, оттон билигин бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат тыллар паараларын эмиэ хабар кыахтанна. Аптамааттыы тылбаас саҥа систиэмэтин төрүттүүргэ XML анал пуорматыгар тыл түмүлүктэрин (тылдьыттары, быраабылалары) угуохха эрэ наада.
Бу бырагыраамаҕа анаан оҥоһуллубут тыл дааннайдара (Universidade de Vigo, Universitat Politècnica de Catalunya уонна Universitat Pompeu Fabra бииргэ үлэлээбиттэрин түмүгэ) билигин Испания романскай тылларын, испанскай (кастильскай), каталонскай, галисийскай, окситанскай, ону тэҥэ английскай, португальскай, французскай, румынскай тыллары уонна эсперантоны өйүүллэр.
Аллараа табылыыссаҕа тылбаас таҥыллыбыт түмүлүктэрэ (базалара) уонна олор кэлиҥҥи биэрсийэлэрэ (версия) көстөр. Сорох түмүлүк икки хайысхалаах тылбааһы өйүүр: бу табылыысса онтон биирин эрэ көрдөрөр, тиһиккэ баар бары тыллары көрдүүргэ табылыысса суортуур кыаҕын туһаныҥ.