Ыарыһах оҕо

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыарыһах оҕо диэн эмтэммэт ыарыылаах эбэтэр элбэхтик ыалдьан иһэр оҕо ааттанар.

Сахаларга “ы” дорҕоон – ыарахан дорҕоон. Бу дорҕоонтон ыар, ынчык, ыарыы, ыарыһах, ыарахан диэн тыллар үөскүүллэр. “Ы” дорҕоон хатыланан “ыы” диэҥҥэ кубулуйдаҕына өссө куһаҕаҥҥа тириэрдэр кыахтанар. Ас диэн үтүө тылбыт аһыы буолан быраҕыллар, ай диэн саҥаны айа сатыырбыт айыы диэҥҥэ уларыйан куһаҕана элбэх өйдөбүллэнэр. (1,17).

Доруобай оҕону төрөтүү төрөппүттэртэн ирдэнэр олох кытаанах көрдөбүлэ буолар. Ким да ыарыһах оҕолоох буолуон баҕарбат. Сэбиэскэй былаас дьахталлары аһара көҥүллэринэн ыыппыта эдэр эрдэхтэринэ уһуннук үөрэнэллэриттэн элбэх араас дьону кытта сиэксинэн аһара дьарыктананнар доруобай оҕолору төрөппөт буоллулар. Биир эмэ оҕону төрөппүттэрэ ыарыһах буолара элбээтэ. Ыалларга ыарыһах оҕо төрүүрэ таҥара накааһынан ааҕыллар. Таҥара накааһа хантан да атын сиртэн кэлбэт, киһи оҥорбут быһыыларыгар эппиэтэ буолан кэлэр.

Куһаҕан айыыны оҥорбут киһи сэккэ түбэһэр диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр. (2,13). Дьахталлар эдэр эрдэхтэринэ эргэ тахсыбакка элбэхтик күүлэйдии, аһыы-сии сылдьыбыттарын иэстэбилэ ыарыһах оҕо төрөөһүнэ буолар.

Киһи оҥорор быһыыларыгар эппиэтэ хайаан да кэлэр. Үчүгэйи элбэхтик оҥордоххо үчүгэйинэн эппиэттиир. Онтон куһаҕаны оҥоруу иэстэбили үөскэтэр. Туох куһаҕан оҥоруллубутуттан тутулуктанан тус-туһунан көрүҥнээх буолуохтарын сөп. Биллэр сокуоннары кэспит киһи араас суол эппитинэскэ түбэһэр. Улахан буруй буоллаҕына хаайыллар. (3,105).

Өй-санаа көрдөбүллэрин тутуспат буолуу иэстэбилэ хойутаан, көлүөнэлэр солбуйсууларын кэнниттэн кэлэринэн быстах санаалаах, айыыны оҥоро сатыыр биирдиилээн дьон билимиэхтэрин сөп. “Айыыны үчүгэй” диэн этии эдэр кыыс айыыны оҥорор санаатыттан кыыһын харыстаабакка көрсө түспүт киһитигэр биэрэн кэбиһэрин үөскэтэр. Уһун үйэлээх сахалар үөрэхтэринэн кыыс оҕо кыыһынан сылдьан эргэ тахсара хайаан да ирдэнэр. Ол барыта доруобай, эр киһи буор кутун ылыммыт оҕону төрөтүүгэ аналланар. (4,16).

Кыыс оҕолору сааһа ситтэр эрэ эргэ биэрии доруобай оҕолор төрүүллэригэр тириэрдэр соҕотох суол буолар. Сахалар урукку кэмҥэ өй-санаа бу көрдөбүлүн олохторугар туһаналлар этэ.

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2013, 108 с.

2. “Илин” сурунаал. 1997. №1,2.

3. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

4. “Туймаада уоттара” хаһыат. №88. 16.02.2012.