Ширакaци Анания
Анания Ширакаци (арм. Անանիա Շիրակացի; 610 сыл кэриҥэ — 685 сыл кэриҥэ ) — эрмээн геограба, философ, математик, картограф, историк, астроном уонна алхимик, былыргы армян естествознаниетын төрүттээччи.
Ширак уобалаһыгар төрөөбүтэ. Бэйэтин Ширакаванци диэн ааттанара, Ширакаван диэн сир аатынан. Аҕатын аата Ованнес диэн этэ. Трапезунд куоракка барар. Манна кини биллиилээх учуонай Тихиккэ үөрэнэр. Армян суругар-бичигэр киэҥ билиилээх учуонайга аҕыс сыл үөрэнэр. Ол кэннэ Арменияҕа төннөн кэлэн научнай үлэнэн, ону таһынан үөрэҕириинэн дьарыктанар. Квадриум төрүттэригэр олоҕурбут оскуолалары аһан үлэлэтэр.
Үлэлэрэ
Анания Ширакаци барыта сүүрбэттэн тахса үлэлээх:
- «Анания Ширакаци математиката — (ыйааһын уонна кээмэй туһунан)»
- «Ыйытыылар уонна суоттар» (арифметика садаачаларын хомуурунньуга)
- Халандаар уонна космография туһунан трактат.
- «География»
«Ыйытыылар уонна суоттар» арифметика садаачаларын хомуурунньуга биһиги кэммитигэр дылы тиийэн кэлбит арифметика үлэлэриттэн биир саамай былыргылара.