Цой Сон Хи
Цой Сон Хи | |
---|---|
кэр. 최선희 | |
| |
КНДӨ атын дойдулардааҕы дьыалаларын миниистирэ
|
|
с бэс ый 11 күнэ 2022 сыл | |
Предшественник | Ри Сон Гвон |
апрель 2019 — июнь 2022 | |
Предшественник | Ким Ке Гван |
февраль 2018 — апрель 2019 | |
Предшественник | Хан Сон Рёль |
|
|
Төрөөбүтэ |
10 атырдьах ыйын 1964 (60 саастаах) Пхеньян, КНДӨ |
Идэ | дипломат |
Цой Сон Хи (кэр. 최선희; төр. 1964 сыл атырдьах ыйын 10 күнэ, Пхеньян, КНДӨ)[1] — Хотугу Кэриэйэ судаарыстыбыннай диэйэтэлэ. 2022 сыл бэс ыйыттан КНДӨ атын дойдулардааҕы дьыалаларын миниистирэ[2][3].
Идэтийбит үлэтин КНДӨ атын дойдулардааҕы дьыалаларын министерствотын официальнай тылбаасчыта быһыытынан саҕалаабыта. Кини Хотугу Америка департаменын салайааччытын солбуйааччыта уонна салайааччыта этэ. Өр кэмҥэ КНДӨ хамаандатын сүрүн чилиэнэ, Америка Холбоһуктаах Штааттарын кытта ядернай программа туһунан кэпсэтиһии ыытааччыта этэ[4].
КНДӨ миниистирин солбуйааччытынан, атын дойдулардааҕы дьыалаларын бастакы вице-миниистиринэн үлэлээбитэ. 2022 сыл бэс ый 11 күнүттэн атын дойдулардааҕы дьыалаларын миниистиринэн анаммыт, бу дуоһунаска бастакы дьахтар буолар уонна Хотугу Кэриэйэҕэ итинник үрдүк дуоһунаска олорор аҕыйах дьахталлартан биирдэстэрэ буолбут[2][3].
Биография
Цой Сон Хи Чхве Ён Рим диэн Ким Ир Сен тус көмөлөһөөччүтэ иитэн ылбыта. Кини көмөтүнэн дойдутугар эрэ буолбакка, тас дойдуга үөрэнэр кыахтаммыт (Тхэ Ён Хо диэн дипломаты кытта биир кэмҥэ үөрэммитэ, кэлин кини Великобританияҕа КНДӨ посолун солбуйааччыта буолбута[5]. Ааҥыл тылын үчүгэйдик билбит, эбиитин кытайдыы саҥарар буолбут[5][6].
1988 сыллаахха КНДӨ атын дойдулардааҕы дьыалаларын министиэристибэтигэр үлэҕэ киирбитэ уонна ааҥыл тылтан официальнай тылбаас оҥорор буолбут[5]. 1990-с сылларга ядернай кэпсэтиилэргэ Хотугу Кэриэйэ делегациятын чилиэнэ этэ[7], эбиитин 2003—2009 сылларга алта өттүлээх ядернай кэпсэтиилэргэ[2][7]. 2010 сыллаахха КНДӨ атын дойдулардааҕы дьыалаларын министиэристибэтин Хотугу Америка департаменын дириэктэрин солбуйааччы дуоһунаһыгар үлэлээбитэ[5]. Тохсунньуга Ким Ке Гванныын Пекиҥҥэ дипломатическай көрсүһүүтүгэр сылдьыбыта[6]. 2016 сыл бэс ыйыгар Хотугу Америка департаменын салайааччыта буолбута[5][6].
2018 сыллаахха олунньу ыйыгар КНДӨ атын дойдулардааҕы дьыалаларын миниистирин солбуйааччынан анаммыта[7]. Кинини атын дойдулардааҕы дьыалаларын министиэристибэтин Европа дойдуларын (Франция, Улуу Британия уонна ХНТ Куттал суох буолуутун Сэбиэтин чилиэннэрэ) кытта сыһыаннаһыыга департаменыгар көһөрбүттэрэ. Бу иннинэ Австралияны уонна Азия дойдуларын кытта, ол иһигэр Пакистаны уонна Индияны кытта сыһыаннаһыыга кыттыбыта[8].
Ол сылга кини Ким Чен Ын Сингапурга буолбут саммитка[2], Пекиҥҥэ официальнай сырыытын кэмигэр[9], уонна биир сылынан Ханойга буолбут саммитка делегациятын чилиэнэ этэ[2][10].
Майк Пенс санкциялары суох оҥоруу оннугар ядернай сэбилэниилээх күүстэртэн босхолооһун туһунан этиитин кириитикэлээбитэ[5]. 2021 сыл кулун тутар ыйыгар АХШ Хотугу Кэриэйэни утары өстөөх политикатын, ол иһигэр Соҕуруу Кэриэйэни кытта бииргэ дьарыктары тохтоторун ирдээбитэ[2].
2022 сыл бэс ый 8-10 күннэригэр ыытыллыбыт Кэриэйэ Үлэһиттэр баартыйаларын Киин кэмитиэтин пленарнай мунньаҕар Цой Сон Хи КНДӨ атын дойдулардааҕы дьыалаларын миниистирин дуоһунаһыгар анааһын туһунан этии ылылынна[2][4][3].
Арассыыйаҕа сыһыаннаах политика
Тас бэлиитикэтээҕи үлэтин кэмигэр Цой Сон Хи Арассыыйа атын дойдулардааҕы дьыалаларын министиэристибэтин нөҥүө элбэх сибээстээх этэ.
Олег Бурмистров уонна РФ атын дойдулардааҕы дьыалаларын миниистирин солбуйааччы Игорь Моргулов көрсүбүттэрэ. Көрсүһүү кэмигэр Кэриэйэ арыытыгар уонна Азияҕа балаһыанньа туһунан кэпсэтии буолла, уонна субрегион кыһалҕаларын эйэлээх ньыманан быһаарар суоллары буларга бэлэм буолуу бигэргэтиллибитэ, ол иһигэр Кэриэй нэһилиэнньэлээх пуунугар нуучча-кытай «суол картатын» тарҕатыы[13][14].
2019 сыл атырдьах ыйыгар Пхеньян куоракка Арассыыйа Федерациятын оборуонатын миниистирин солбуйааччы Александр Фомины көрсүбүтэ. Ол сыл ахсынньытыгар Москваҕа Арассыыйа атын дойдулардааҕы дьыалаларын министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрин кытта икки өттүттэн сыһыаны сайыннарыыга хас да боппуруостары дьүүллэһэргэ көрсүһүүлэри ыыппыта, Арассыыйа Федерацията уонна КНДӨ Владимир Путин уонна Ким Чен Ын Владивостокка балаҕан ыйыгар, Хотугулуу-Илиҥҥи Азия регионун балаһыанньатын туһунан сыанабыллары атастаһыы туһунан сөбүлэһиилэри ситиспиттэр[15][16].
2018 сыл Игорь Моргулов) уонна Кытай (Кун Сюанью) атын дойдулардааҕы дьыалаларын миниистирин солбуйааччыларын кытта үс өрүттээх сүбэлэһиилэри ыыппыта, ол кэмҥэ Корейскай арыы кыһалҕаларын, КНДӨ икки ардыларыгар кэпсэтии былааннарын уонна АХШ, ону тэҥэ КНДӨ уонна Кэриэй Өрөспүүбүлүкэтэ сыһыаннаһыылары тупсарыыга, КНДӨ утары санкциялары хат көрөр наадатын ырыттыллар[17][18].
2019 сыл алтынньытыгар Александр Фомины көрсүбүтэ[19][20]. Ахсынньыга Москваҕа Арассыыйа атын дойдулардааҕы дьыалаларын министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрин кытта икки өттүттэн сыһыаны сайыннарыыга хас да актуальнай боппуруостары быһаарарга көрсүһүүлэри ыыппыта, ол туһунан Владивостокка балаҕан ыйыгар сөбүлэһиилэри түһэрсиллибиттэрэ Арассыыйа Федерациятын уонна КНДӨ салайааччылара Владимир Путин уонна Ким Чен Ын[21], Хотугулуу-Илиҥҥи Азия регионун балаһыанньатын туһунан сыанабыллары атастаспыттар[22][23].
2023 сыл атырдьах ыйыгар Кэриэйэ босхоломмутун 78 сылын көрсө, кини Арассыыйа уонна КНДӨ сыһыаннаһыыларын билиҥҥи балаһыанньатын туһунан маннык эппит[24]:
Дойдуларын суверенитетын уонна куттала суох буолуутун, ону тэҥэ аан дойду үрдүнэн эйэ иһин охсуһуу хаамыытын кэмигэр икки дойду икки ардыларыгар стратегическай уонна тактическай дьүөрэлэһии күүһүрэн иһэриттэн үөрэбин. |
2023 сыл Сергей Лаврову көрсүбүт2024-2025 сылларга атастаһыы былаана илии баттаммыта[26][27][28].
Цой Сун Хи 2024 сыллаахха Тохсунньу ый 15-17 күннэригэр Арассыыйа атын дойдулардааҕы дьыалаларын миниистирэ Сергей Лавров ыҥырыытынан Арассыыйа Федерациятыгар официальнай сырыытын оҥорбута[29][30]. Маннык боппуруостар быһаарыстылар, Арассыыйа Федерациятын уонна КНДӨ бииргэ үлэлээһиннэрин кэҥэтиитэ, Хотугулуу-Илиҥҥи Азия регионугар балаһыанньата. РФ уонна КНДӨ салайааччылара Владимир Путин уонна Ким Чен Ын көрсүһүүлэригэр 2023 сылга ылыллыбыт сөбүлэһиилэр бастакы түмүктэрэ оҥоһулуммуттара[31].
Эбии маны көр
- КНДӨ тас балыытыката
- АХШ уонна Соҕуруу Кэриэйэ сыһыаннара
- Кэриэйэ үлэ баартыйата
Быһаарыылар
- ↑ 1,0 1,1 최선희(여성) (ko)(суох сигэ — история). 북한정보포털.
- ↑ 2,0 2,1 2,2 2,3 2,4 2,5 2,6 Yoonjung Seo, Jake Kwon, Kathleen Magramo. North Korea appoints nuclear negotiator as first woman foreign minister(ааҥл.)(суох сигэ — история). CNN (June 11, 2022).
- ↑ ТАСС (11 июня 2022).
- ↑ Reuters (June 11, 2022).
- ↑ 5,0 5,1 5,2 5,3 5,4 5,5 5,6 5,7 5,8 Олег Кирьянов. «Железная леди чучхе»: МИД КНДР впервые возглавила женщина(суох сигэ — история). News.ru (18 июня 2022).
- ↑ 6,0 6,1 6,2 6,3 Choe Son-hui (Ch'oe So'n-hu'i)(ааҥл.)(суох сигэ — история). North Korea Leadership Watch (7 March 2018).
- ↑ 7,0 7,1 7,2 Oliver Hotham. Choe Son Hui promoted to vice-minister at DPRK foreign ministry: sources(ааҥл.)(суох сигэ — история). NK News (February 27, 2018).
- ↑ Chad O'Carroll. N. Korean vice foreign minister Choe Hui Chol takes over Europe dept: sources(ааҥл.)(суох сигэ — история). NK News (March 7, 2018).
- Известия (14 мая 2018).
- ↑ 10,0 10,1 Chad O'Carroll. Choe Son Hui promoted to first vice foreign minister, state media confirms(ааҥл.)(суох сигэ — история). NK News (April 12, 2019).
- ↑ Dagyum Ji. North Korea’s legislature replaces key officials in first meeting since election(ааҥл.)(суох сигэ — история). NK News (April 11, 2019).
- ↑ Dagyum Ji. N. Korea must deal a “blow” against hostile forces, Kim Jong Un tells ruling party(ааҥл.)(суох сигэ — история). NK News (April 10, 2019).
- ↑ Oliver Hotham. Top North Korean foreign ministry envoy in Moscow: state media(ааҥл.)(суох сигэ — история). NK News (September 25, 2017).
- Министерство иностранных дел Российской Федерации (29.09.2017).
- ↑ Oliver Hotham. Top North Korean foreign ministry envoy in Moscow: state media(ааҥл.)(суох сигэ — история). NK News (September 25, 2017).
- Министерство иностранных дел Российской Федерации (29.09.2017).
- РИА Новости (08.10.2018).
- Министерство иностранных дел Российской Федерации (10.10.2018).
- РИА Новости (21.11.2019).
- Министерство иностранных дел Российской Федерации (16.08.2019).
- ↑ Георгий Тадтаев. Путин стал шестым встретившимся с Ким Чен Ыном главой государства(суох сигэ — история). РБК (25 апреля 2019).
- Министерство иностранных дел Российской Федерации (20.11.2019).
- Министерство иностранных дел Российской Федерации (20.11.2019).
- РИА Новости (16.08.2023).
- РИА Новости (18.10.2023).
- РИА Новости (20.10.2023).
- Министерство иностранных дел Российской Федерации (19.10.2023).
- Министерство иностранных дел Российской Федерации (19.10.2023).
- Министерство иностранных дел Российской Федерации (14.01.2024).
- Министерство иностранных дел Российской Федерации (16.01.2024).
- РИА Новости (16 января 2024).