Це Ка Куи
Це Ка Куи | |
謝家駒 | |
Дьарыга: | |
---|---|
Төрөөбүт күнэ: |
1948 сыл балаҕан ыйын 10 к. (66 саастаах) |
Төрөөбүт сирэ: | |
Дойдута: |
Це Ка Куи (кит. 謝家駒; төр. 1948 сыл балаҕан ыйын 10 к.) — Хоҥ Коҥтан төрүттээх түмэт урбаанньыта. Це 1992 сыллаахха «K K Tse & Associates» диэн бэйэтин тэрилтэтин тэрийиэн иннинэ уон сыл иһигэр араас салайааччы дуоһунугар «Shui On Group» диэн хампаанньаҕа үлэлии сылдьыбыта. 2008 сыллаахха «Хараҥаҕа кэпсэтии (Хоҥ Коҥ) Ltd.» диэн хампаанньаны тэрийсибитэ.
Олоҕо
Це социологияҕа уонна экономикаҕа икки идэлээх Хоҥ Коҥ университетын бүтэрбитэ. Манчестер университетыгар социологияҕа доктор таһымын ылбыта. Це үлэтин Хоҥ Коҥҥа «Lam Soon Group» хампаанньаҕа менеджер быһыытынан саҕалаабыта. Онтон МВА таһымын ылаары Великобританияҕа барар уонна 1981 сыллаахха бу таһымы ылар. Онно үөрэнэ сылдьан ньууччалыы уонна кытайдыы тахсыбыт «Маркс уонна Спенсер: Великобританияҕа саамай таһаарыылаах салайыылаах хампаанньалар анатомиялара» (Оксфорд: Пергамон Пресс, 1985) диэн кинигэни суруйар.
Хоҥ Коҥҥа төннөн баран Це «Shui On Group» хампаанньаҕа киирэр. «K K Tse & Associates» диэн консалтинговай фирманы тэрийэн 1992 сыллаахха үлэтин быраҕар. Кини клиеннарын ахсааннарыгар CLP Group, VTech уонна Lenovo Group киирэ сылдьыбыттара.
«Хараҥаҕа кэпсэтии (Хоҥ Коҥ)» Патрик Чунгу кытта тэриллибитэ. Түмэт урбаанын ситиһиилээхтик ыытыы Хоҥ Коҥҥа түмэт эргиэнэ сайдарыгар улахан суолталаах этэ.
Хампаанньа чааһынай үбүлээһин көмөтүнэн үлэлиир, дойду салалтата көмөлөспөт. Хампаанньа сэттис ыйыгар ночооттоох буолан бүппүтэ, онтон иккис сылыгар дохуот аҕалар буолбута. «Хараҥаҕа кэпсэтии (Хоҥ Коҥ) Limited» Хоҥ Коҥ түмэт тэрилтэлэригэр инвестиционнай капиталы үрдэтии саҥа ньыматын көрдөрбүтэ. Бастакы капитал 20 чааһынай сирэйтэн хомуллубута. Олохтоох түмэт тэрилтэлэрин курдук атын партиялартан дуу, үтүөнү оҥорор тэрилтэлэртэн дуу биир да иэс эбэтэр көмө ылбатахтара.
Хампаанньа дохуоту үллэстии туһунан чуолкай принциптардаах. Үс гыммыт биир хампаанньа сайдарыгар барар. Үс гыммыт иккиһин дивидент быһыытынан акционердар үллэстэллэр[1][2].