Хуго Эккенер
Ху́го (Гу́го) Э́ккенер (Э́кенер) (ниэм. Hugo Eckener; 10.8.1868, Фленсбург— 14.8.1954, Фридрихсхафен) — ньиэмэс салгыҥҥа көтөөччүтэ (воздухоплаватель).
Биография
1868 сыллаахха атырдьах ыйын 10 күнүгэр Фленсбург диэн куоракка сигара оҥорон атыылыыр дьоҕус атыыһыт уонна саппыгы оҥорооччу кыыһын дьиэ кэргэнниргэр төрөөбүт. 1888 сыллаахха Фленсбург гимназиятын бүтэрэн Мюнхен университетын философия кафедратыгар үөрэнэ киирбитэ. 1890 (1889?) сыллаахтан Берлин университетыгар, онтон 1891с. Лейпцинг университетыгар үөрэммит, онно психологияны, экономиканы уонна историяны чинчийэр. Докторскай диссэртээссийэни1892 с. көмүскээбит («Untersuchungen über die Schwankungen der Auffassung minimaler Sinnesreize»). Ол кэнниттэн Фленсбурга байыаннай сулууспаны барар туһугар төннүбүтэ. Онтон сулууспалаан баран Эккенер Фленсбурга хаалбыта уонна журналистиканан уонна паруснай спордунан Балтийскай муораҕа дьарыктаммыта. 1897 сыллаахха Фленсбург типографиятын хаһаайынын кыыһын кэргэн ылбыта, уонна Илин дойдуларга уһун айаҥҥа баран кэлбитэ. Германияҕа төннөн баран Хуго Эккенер кэргэнин кытары Мюнхеҥҥа олохсуйбут. 1900 сылтан саҕалаан Эккенер «Франкфурт хаһыатыгар» («Frankfurter Zeitung») ыстатыйалары суруйбута, онно Граф Цеппелин диэн дирижабль көтүүтүн туһунан ыстатыйа суруйарга сорудах ылбыт. Ыстатыйата кириитикэлээх этэ. 1905 сыллаахха "Граф Цеппелин" хайаҕа саахалага түбэспит, бу туһунан эмиэ ыстатыйа суруйаары Эккенер аэростат сэмнэҕин баран көрбүт. Эмиэ кириитикэлиир ыстатыйа суруйбут. Бу кэнниттэн граф Цеппелин бэйэтинэн Эккенерга дирижабль техническэй кыһалҕаларын кэпсэтэ тиийбит. Түмүгэр Эккенеры үлэҕэ кытыннарбыттар. Манна 1908 сыллаахха бэс ыйыгар дирижабль саахалыгар түбэһиэр диэри үлэлээбит. Ол эрээри, бу саахал хата киһи сиэртибэтэ суох буолан, дирижабль репутациятыгар хоромньуну оҥорботоҕо, кылгас кэм устата 6 мөл. маарка суумалаах үбү-харчыны хомуйбуттара.
1910 с. Хуго Эккенер дирижабль хапытаана буолбута уонна «Германия дирижабллара» диэн граф Цеппелин арыйбыт аахсыйалаах уопсастыбатыгар көтүүнү салайааччынан анаммыт. Бастакы аан дойду сэриитэ 1914 с. саҕаламмытын кэннэ Нордхольц куоракка көтөр оскуолатыгар инструкторынан анаммыта. Цеппелин өлбүтүн кэннэ 1917 с. Хуго Эккенер кини оннугар хаалбыта.
Сири эйгийиитэ
1929 сыллаахха Эккенер дирижаблынан сири эргийэргэ быһаарыммыт. Спонсорунан АХШ баайа буолбут, онон эспэдииссийэ АХШ-тан саҕаланыахтаах буолан, дирижабль бастаан Германияттан Америкаҕа көппүт, онтон төннөн Европаны таарыйан ССРС үрдүнэн көтөн Токиоҕа тиийэр. Онтон айанын саҕалаабыт сиригэр Америкаҕа түмүктүүр.
Атырдьах ыйын 1 күнүгэр дирижабль Фридрихсхафентан арҕаа Америкаҕа Атлантика үрдүнэн көппүт. Атырдьах ыйын 5 күнүгэр дирижабль айан саҕаланыахтаах сиригэр Лэйкхёрст куоракка тиийбит, атырдьах ыйын 7 күнүгэр "официальнай" көтүүтүн саҕалаабыт. Атырдьах ыйын 9 күнүгэр Ла-Маншы туораабыт, уонна атырдьах ыйын 10 күнүгэр Фридрихсхафеҥҥа түспүт.
Атырдьах ыйын 15 күнүгэр Токиоҕа көтүүтүн саҕалаабыт. Маршрута: Фридрихсхафен — Ульм — Нюрнберг — Лейпциг — Берлин — Штеттин — Гданьск (Данциг) — Кёнигсберг (билигин Калининград) — Тильзит (билигин Советскай) — Вологда — Пермь — Иртыш өрүс төрдө (Ханты-Мансийскай диэкинэн) — Алын Тунгуска төрдө (Туруханскай диэкинэн) — Дьокуускай — Айаан — Николаевскай-на-Амуре — Токио. Онтон Чуумпу далай үрдүнэн: Токио — Сан-Франциско — Лос-Анджелес. Онон Хуго Эккенер устуоруйаҕа бастакы Сири эргийэр көтүүнү дирижаблынан оҥорбут. Кини салайбыт аэростата 21 суукка иһигэр 33 тыһ. км ордугу ааспыт, аара үс сиргэ тохтообут уонна хас да аан дойду рекордун олохтообут. Бу көтүүтүн иһин Эккенер ФАИ авиация көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Дьокуускай үрдүнэн көтүүтэ
ССРС үрдүнэн көтөрүгэр Москуба уонна Ленинград үрдүлэринэн көтөрүн туһунан көрдөспүттэрэ да, Эккенер тыалы сөпкө түһанаары батынан кэбиспитэ, ол да буоллар, көтүүнү боппотохторо. "Якутия" хаһыакка дирижабль ааһыахтааҕын туһунан биллэриини атырдьах ыйын 16 күнүгэр бээтинсэҕэ бэчээттээбиттэр[1]. Онно Осоавиахим чилиэннэрэ көмө оҥорорго бэлэм буолалларыгар эппиттэр, Малиновскай тэлэгирээммэтигэр сигэммиттэр, бүгүн эбэтэр түүн кэлиэҕэ диэбиттэр. Ол эрээри аэростат кэтэспит күннэригэр, түүннэригэр да, сарсыныгар да кэлбэтэх. Онтон ким да кэтэспэккэ олордоҕуна 18-с сарсыарда мыраан үрдүнэн көстүбүт. Бастакыннан пуоска часовойунан турбут ЯНВШ курсаана 6 чаас 27 мүнүүтэҕэ көрбүт, түрүлүөн биллэрбит. "Якутия" хаһыакка бэчээттэммит фельетоҥҥа суруйбуттарынан киһи барыта таһырдьа сүүрэн тахсыбыт, сорохтор дьиэлэр үрдүлэригэр ыттыбыттар. Бастаан сир аннынааҕы күдьүс тыас курдук иһиллибит, онтон чугаһаатаҕын аайы улам улахан тыастаммыт.
Халлаантан үс бакыат бырахпыттар. Биир бакыата кылабыыһаҕа түспүт, ону үс красноармеец тиийэн булбуттар, син бөдөҥ буолан биэрбит, суутун арыйбыттара тупсаҕай оҥоһуулаах тимир венок эбит. Венок нууччалыы уонна ньиэмэстии суруктаах лиэнтэлэрдээх эбит: "Павшим, в русской земле покоящимся товарищам. Союз бывших военно-пленных в Сибири. Бреславль (Германия)". Уонна веногу уҥуохха ууралларын туһунан көрдөһүү сурук баар эбит. Икки атын суу Октябрьскай уулусса 1 уонна 3 нүөмэрдээх дьиэлэрин тиэргэнигэр түспүттэр. Онтон бииригэр дирижабль көтөн иһэн түһэрбит көстүүлэрэ ойуулаах аккырыыккалар бааллар эбит. Бу аккырыыккалар Японияҕа, Германияҕа, Италияҕа, Испанияҕа аадырыстаммыттар, мааркаларыгар "атырдьах ыйын 18 күнэ" (көтөн ааспыт күнэ) диэн штампалаах эбиттэр. Иккис сууну оҕолор булбуттар быһыылаах, көстүбэтэх, хаһыакка "булбут дьон почтаҕа тиксэриҥ, онно баар корреспонденцияны аадырыстарынан ыытыа этибит" диэн баҕа санаа суруйбуттара баар[2]. Ол хаһыат бэлиэтээһинин аттыгар фельетон бэчээттэммит, онно суу иһигэр сакалаат, хаһыат, аккыырыкка иҥин баара ахтыллар[3].
Бу дирижабльга көтөн испит киһи оччотооҕу Дьокуускайы кинопленкаҕа устубутун BBC киинэ оҥорон таһаарбытыттан бысталаан "Grаf Zерреlin в Якутске 18/08/1929" диэн ролик оҥорбуттара ситимҥэ баар[4].
Быһаарыылар
- ↑ Встречайте дирижабль // Автономная Якутия : Перепечатка телеграммы Малиновского с припиской местного отдела Осоавиахима. — Якутск, 1929. — 16 Атырдьах ыйын (№ 186(2047)). — С. 1.
- ↑ З.Г. Дирижабль над Якутском // Автономная Якутия : заметка в газете. — 1929. — От ыйа (№ 189 (2050)).
- ↑ И.П. Дирижабль // Автономная Якутия : фельетон в газете. — 1929. — От ыйа (№ 189 (2050)).
- ↑ Grаf Zерреlin в Якутске 18/08/1929