Христианство үөскээһинэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Христианство сахалар "Кэриэстээ" диэн өлбүттэри кэриэстиир, бэстилиэнэй баҕа санааларын толорор итэҕэллэриттэн үөскээбит.

Дьон-аймах олоҕор итэҕэл биир сүрүн миэстэни ылар. Оҕо өйө-санаата сайдан туруктаах буолуутугар, киһи буолууну ситиһэригэр итэҕэл, таҥара үөрэҕин көмөтө олус улахан. Былыр-былыргыттан киһи-аймах үтүө санаалаах өттүлэрэ дьон олоҕо тупсарын, үлэ-хамнас таһаарыылаах буоларын иһин кыһаналларын таҥара үөрэҕин олохтообуттара биллэрэр. Дьон өйдөрө-санаалара сайдыытыгар, оҥорор быһыылара тупсуутугар, үлэни-хамнаһы кыайарыгар, омук үйэтэ уһууругар үчүгэйгэ, киһи-киһиэхэ сыһыана тупсарыгар ыҥырар итэҕэл баара олус улахан туһалаах.

Христианство хаһан уонна хайдах үөскээбитэ билигин да чуолкайдана илигинэн бу боппуруоһу быһаарыыга саҥа, урут туттулла илик быһаарыылары туһанаары бу үлэ саҕаланар. Бу үлэҕэ христианство үөскээһинигэр хуун омуктар Европаны сэриилээн ылыылара уонна кэлин кыаттаран бүтүн Европаны биир гына ыһыллан хаалыылара улахан оруолу ылбыта быһаарыллар. Христианство диэн итэҕэл туох төрүккэ олоҕуран дьон-аймах итэҕэлин ордук ылар буолбута быһаарыллар.

“Шаманизм и христианство” диэн үлэтигэр Г.В.Ксенофонтов Европаҕа христианство хайдах үөскээбит буолуон сөбүн ырытар. Таҥара дьиэтин үөрэхтээхтэрэ бу элбэх дьон итэҕэлин ылбыт улуу итэҕэл Христос диэн үтүө киһи аатыттан үөскээбит диэн этэллэр. Бу Христос диэн тыл сүрүн быһаарыытын грек омук “помазанник” диэн өйдөбүллээх тылыттан тахсыбыт буолуон сөп диэн быһаараллар эбит. Кини бу үлэтигэр “Христос” диэн Европаттан саҕалаан Аан дойдуга барытыгар киэҥник тарҕаммыт итэҕэл аҥардастыы грек омук “Христос” диэн тылыттан үөскээбитэ буолуо диэни саарбаҕалыырын биллэрэр.

Бу итэҕэл үөскээһинигэр ордук суолталаах буолуон сөптөөх “Хрестес” диэн эмиэ грек омук тыла баарын Г.В.Ксенофонтов булан бэйэтин үлэтигэр туһаммыт. “Хрестес” диэн тыл өтө көрөөччү, билгэлээччи диэн суолтата итэҕэл үөскээһинигэр ордук чугас эбитин быһаарар. “Хрестес” диэн тыл итэҕэл үөскээһинигэр ордук чугаһын Светоний диэн Рим историгын суруйуулара бигэргэтэллэр диэн кини ааҕар. (1,131). Бу историк суруйуутунан маҥнайгы таҥараһыттар бэйэлэрин “хрестианнарынан” ааттаналлар эбит.

Г.В.Ксенофонтов христианскай итэҕэл үөскээһинигэр Азия омуктарын ойууннарын итэҕэлэ олук буолбутугар сөп диэн сэрэйэн көрүүлэри оҥортуур. Былыргы дьон олохторун остуоруйаларын арыйарга аналлаах сэрэйэн көрүүлэри оҥороругар киниэхэ Азия омуктарын ойууннарын үлэлэрин үөрэтиитэ улаханнык көмөлөспүт. Бу үлэтигэр кини саха уонна бурят омуктар ойууннарын итэҕэллэрин, үөрэхтэрин туһаммыт. Арай кини бу үлэтин суруйар кэмигэр саха омук тыла Европаҕа тиийэ тарҕаммыта буолуо диэн сабаҕалаан көрүү даҕаны кыаллыбат суол этэ. Ол иһин кини толору арыйыытын ситэри оҥорбокко хаалбытыгар сөп.

Билигин саха омук тыла Илин Европаҕа киэҥник тарҕаммыта кимиэхэ да соһуччу солунунан буолбат. Историческай наука былыргы хуун омуктар сахалыы саҥарар этилэр диэн дакаастыыра чугаһаан иһэр. Илин Европаҕа элбэх сахалыы тылынан ааттаммыттарыгар сөптөөх бэлиэ сирдэр баалларын А.И.Эверстов бэйэтин “Айыы аймахтара. Күн улуустара” диэн үлэтигэр дириҥник арыйар уонна олохтоохтук дакаастыыры ситиһэр. Кини “Тму-торокань” диэн киэҥник биллэр эрээри нуучча тылынан кыайан өйдөммөт курдук топонимы саха тылын туһанан ылыннарыылаахтык быһаарар. (2,115-176).

Былыргы истиэп олохтоохторун дьиэлэрэ ураһа буолара дакаастаммыта ыраатта. Бу аҕыйах сис мастарга тириини тиирэ тардан түргэнник туруоруллар дьиҥнээх көһө сылдьар истиэп олохтоохторун дьиэлэрэ. Истиэп олохтоохторо мас үүнэр сирдэрин баһылаабыттарын кэнниттэн дьиэ-уот тутуута эмиэ уларыйбыт. Тутуу матырыйаала уларыйан бэрэбинэҕэ уонна хаптаһыҥҥа көспүтүн кэнниттэн ойуун дьиэтин кырыыһата эрэ ураһаҕа маарынныыр буолбут. Ураһаҕа маарынныыр кырыыһа аата билигин даҕаны “шатровай” диэн ааттанара итини туоһулуур.

Нуучча сиригэр тутуллубут былыргы таҥара дьиэлэрин колокуонньаларын кырыыһалара бары ураһа курдук оҥоруллаллар этэ. Маннык үрдүк, ураһалыы тутуулаах кырыыһалаах гына урукку православнай итэҕэл дьиэлэрэ тутуллубуттар. Кэлин тутуллубут таҥара дьиэлэрин кырыыһалара бары намыһахтар. Таҥара дьиэлэрин тутууларын уратыларын ырытан көрүү кэнниттэн истиэп олохтоохторун дьиэлэрэ, ураһалара, төһө эмэ өр кэм устата тутуу уратытын биллэрэр туспа көрүҥ быһыытынан туттулла сылдьыбыттара дакаастанар.

Христианство хайдах аан маҥнай үөскээбитэ билигин даҕаны чуолкайдык быһаарылла илик. Таҥара дьиэтин үөрэхтээхтэрэ бэйэлэрэ маннык улахан Европаны барытын хаппыт хамсааһын соҕотох биир “помазанник” диэн гректии тылтан үөскээбитэ диэн быһаараллара ханнык да олоҕо суох. Кинилэр этиилэринэн бу таҥара үөрэҕэ барыта гректэр үөрэхтэриттэн төрүттэнэн сайдан тахсыбыт эбит. Бу этиини Г.В.Ксенофонтов эмиэ итэҕэс диэн билинэр уонна бэйэтин көрүүлэрин эбэн биэрэр. Кини христианскай итэҕэл үөскээһинигэр Сибиир ойууннарын үөрэхтэрэ олук буолбуттара буолуо диэн быһаарыылара оруннаах эрээрилэр билигин да кыайан дакаастана иликтэр.

Христианскай таҥара үөрэҕэ гректэртэн төрүттэнэн тахсыбыта диэн быһаарыы таҥара дьиэтэ оччотооҕу кэмнэртэн ыла дьон-сэргэ олохторугар ылбыт оруолугар кыайан сөп түбэспэт. Европа норуоттарын барыларын кэриэтэ бииргэ түммүт сүүнэ итэҕэл үөскээһинэ биир ханнык эрэ кыра суолталаах тылтан саҕаламмыта буолуо диэтэххэ улахан итэҕэһэ быһаарыллар. Оччотооҕу, итэҕэл үөскээһинин кэмигэр грек омуктар сайдыылара мөлтөөн, атын омуктарга сабыдыаллара сүппүт кэмэ түбэһэр.

Таҥара дьиэтин итэҕэлэ үөскээһинин иннигэр ити итэҕэл курдук ааттаах элбэх киһи түмсэр ханнык эрэ хамсааһына хайаан да баар буолуохтаах. Элбэх дьон түмсэр улахан хамсааһына суох ханнык да итэҕэл үөскээмиэн сөп. Аан маҥнай итэҕэл үөскээһинигэр бу итэҕэли үөскэтэр, элбэх дьону түмэр, кинилэр баҕа санааларыгар сөп түбэһэр идиэйэ баара хайаан да ирдэнэр. Бу идиэйэ көмөтүнэн, онно тирэҕирэр хамсааһын, дьон улахан бөлөҕө баар буолан итэҕэлгэ кубулуппут диэн быһаарыы олохтоох.

Бу боппуруоһу быһаарарга ордук чуолкай эппиэти 19-с үйэ бүтүүтүттэн үөскээбит “идеята көмөлөһөр. Саҥа үөскээбит “коммунизм” идеята кыра, дьадаҥы дьон сырдыкка, үлэлиир, үөрэнэр быраапка, дьоллоох олоххо, эйэҕэ тардыһар баҕа санааларын түмүллүүтэ буолбута. Төһө эмэ өр кэмнээх эрэйдэнии, бэйэ кырдьыгын дакаастаһа сатааһын, араас хамсааһыннар, сэриилэр, революциялар кэннилэриттэн биирдэ “коммунизм” өйө-санаата Аан дойду үрдүнэн биллибитэ уонна дьэ тарҕанан барбыта. Онтон салгыы сайдан Аан дойду бары үлэһит дьонун итэҕэллэригэр, кинилэри көмүскүүр таҥараларыгар кубулуйан испитэ.

Билигин Сир үрдүгэр саҥа таҥара, “коммунизм” хайдах үөскээн, сайдыбытын туһунан киһи барыта билэр. Бу элбэх киһи итэҕэлэ үөскээһинин төрүтүнэн үгүс баттанар, туоратыллар дьадаҥы дьон өр кэмнээх охсуһууларын түмүгэ буолар. Кинилэр бэйэлэрин баҕа санааларын толороорулар үгүс эрэйи, өлүүнү-сүтүүнү көрсүбүттэрэ билигин биллэр. Марксизм-коммунизм идеятын иһин охсуһааччылар төһө эмэ уһун кэм устата кистэлэҥ тэрилтэлэри уонна партиялары тэрийэннэр үгүс дьону бэйэлэрин диэки тардыбыттара. Өр сыллар усталарыгар элбэх туоратыылары уонна эккирэтиилэри көрсүбүттэрэ. Араас дойдулар салайар өрүттэрэ бары үлэһит, оробуочай дьон көҥүллэрин уонна бырааптарын иһин охсуһааччылары түрмэлэргэ, хаайыыларга угаллара, сууттууллара, көскө ыыталлара.

“Коммунизм” таҥаратын, итэҕэлин үөскээһинэ элбэх үлэһит дьон бэйэлэрин олохторун тупсарар иһин түмсүүлээх хамсааһыннарыттан сайдан, тэнийэн барбыта. Бу элбэх дьадаҥы дьон бэйэлэрин көҥүллэрин иһин турунан туран охсуһуулара, элбэх ахсааннаах кистэлэҥ тэрилтэлэри бары государстволарга тэрийиилэрэ, итинник ааттаах таҥара, итэҕэл үөскээн барыытыгар олук буолбута кэрэһилэнэр. Аан дойду бары норуоттарын үлэһит дьоно коммунистар идеяларын сөбүлээннэр, бэйэлэрин олохторугар, үлэлэригэр-хамнастарыгар туһана, үөрэтэ сылдьаллар.

Аан дойду үрдүгэр биллиилээх тыллар, итэҕэллэр үөскээһиннэригэр итинник элбэх дьону түмэр хамсааһыннар баар буолуулара уонна олор үгүс дьон өйдөрүгэр-санааларыгар ылар оруоллара таба учуоттаналлара ирдэнэр. Кэнники кэмҥэ үөскээбит “коммунизм” диэн тыл, сорох дойдуларга таҥара итэҕэлигэр сыыйа кубулуйан иһэрэ үгүс дьоҥҥо биллэр буолбута өр буолла. Онтон бу тыл бэйэтэ аан маҥнай үөскээн, киэҥник тарҕанарыгар Аан дойду үрдүнэн тэнийбит оробуочайдар хамсааһыннара көмөлөспүтэ эмиэ биллэр. Оробуочай, үлэһит дьон бэйэлэрин олохторун тупсарар, үлэлииргэ бырааптарын уонна көҥүллэрин иһин туруулаһар хамсааһыннара, бу “коммунизм” диэн тылы бүтүн Аан дойду үрдүнэн тарҕаппыта.

“Коммунизм” диэн тыл кэнники кэмҥэ Аан дойду оробуочай, үлэһит дьону көмүскүүр уонна харыстыыр таҥара үөрэҕэр сыыйа кубулуйан иһэр. Билигин бу үөрэх оробуочай дьону көмүскүүрүн уонна харыстыырын дьон бары итэҕэйэр буоллулар.

Былыргы “Христос” диэн тыл, таҥара үөскээһинин кэмигэр Европаҕа ураты балаһыанньа үөскээбитэ. Ол кэмҥэ Европаҕа бу тыл, таҥара үөскээһинин иннигэр элбэх дьону түммүт хамсааһын хайаан даҕаны баар буолуохтаах. Улахан күүстээх итэҕэл үөскээн киэҥник тарҕанарыгар элбэх дьону биир санааҕа түмэр, ханнык эрэ чопчу сыалга сирдиир хамсааһын баар буоллаҕына табыллар. Бу хамсааһын баарын буллахха быһаарыы сөп буолара дакаастанар.

Европаҕа оччотооҕу кэмҥэ элбэх дьону түммүт хамсааһын баар эбит. Ол хамсааһыны оччотооҕу кэмҥэ Европа бары государстволарын сэриилээн кыайан бас бэриннэрэн сылдьыбыт, онтон мөлтөөн-ахсаан, ыһыллан, туоратыллан эрэр хууннар үөскэппиттэр. Бу быһаарыыны чуолкайдыыр суруйуунан Г.В. Ксенофонтов “Шаманизм и христианство” диэн үлэтигэр киллэрбит дааннайдара буолаллар. Кини онно суруйар:

“Но зато римские законы свободно разрешали устройство религиозных ассоциаций, так называемых похоронных коллегий, члены которых делали небольшие денежные взносы, чтобы накопить средства для своих похорон. Им разрешалось собираться раз в месяц. Они выбирали правление, имели общую кассу. Необходимо также отметить обычай всех религиозных ассоциаций привлекать богатых и уважаемых лиц в патроны, которые делали в кассу щедрые пожертвования.

Члены коллегии в дни общественных праздников собирались для совместной трапезы, а особенным почётом пользовались дни, посвещённые памяти умерших. Члены религиозных ассоциаций считались как бы состоящими в духовном родстве, называли друг друга “братьями и сёстрами”. Между прочим, обязывались не выступать друг против друга в качестве свидетелей на суде. По словам Гастона Буассье (Римская религия от времен Августа до Антонидов). Перев. с 7-го франц. издан., с. 613), от которого мы заимствуем данные о похоронных коллегиях: - “члены их принимают имя того бога, поклонниками которого они себя называют”. “По мнению знаменитого исследователя римских катакомб Росси, “христиане должны были непременно воспользоваться попущением, оказываемым похоронным коллегиям”. (Ibid 636 стр.) Как известно, христиане имели обыкновение собираться на могилах своих мучеников для братской трапезы. (1,132,133).

Маҥнайгы таҥараны итэҕэйээччилэр итинник түмсүүлэрин өлбүт дьоннорун ахта-саныыр кэмнэригэр түбэһиннэрэн оҥороллорун былыргы историктар бэлиэтииллэр эбит. Ол кэмнэргэ Италияҕа похороннай ассоциациялар диэн ааттаах элбэх дьон түмсүүлэрэ бааллара историктарынан бэлиэтэммит. Арай бу кимнээх холбоһор, мустар, биир санаалаахтарын биллэрэр тэрилтэлэрэ эрэ буолалларын быһаарыы эрэйиллэр.

Билигин история науката ылынан эрэринэн былыргы хуун омуктар сахалыы саҥарар буолуохтарын сөп. Кинилэр сахалыы саҥарар буолуулара “Христос” таҥара үөскээһинин быһаарыыга саҥа суоллары арыйар. История бу кэрдиис кэмигэр, саҥа үйэ саҕаланан эрдэҕинэ, Европа үгүс өттүн хууннар сэриилээн ылан бараннар хоттороннор, бүтүн Европаны биир гына ыһыллан сылдьаллар эбит. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта холбоһон, өссө түмсэн өрө тураарылар: “Сэриигэ өлбүт дьоммутун кэриэстиэҕиҥ! Кинилэр бүтэһик баҕа санааларын толоруоҕуҥ! Кэриэстэс, биһигини кытта!”- диэн ыҥырыылара киэҥник тарҕаммыт буолуон сөп.

Ытыктанар киһи өлбүтүн итинник ахта-санаан кэриэстээһин саха норуотугар былыр-былыргыттан дириҥник иҥмит, үгэс буолбут өйдөбүл, онтон өлбүт киһи баҕа санаатын толорууга аналлаах түмсүү саха дьонугар былыр-былыргыттан олохсуйбут итэҕэл биир көрүҥэ буолар уонна “Кэриэстээ” диэн ааттанар. Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта “Кэриэстээ” диэн тылы маннык быһаарар: “Өлбүт киһини эбэтэр туох эмэ ааспыты, суох буолбуту умнубакка үчүгэйдик санаа, ытыктаа. Кэриэстиэҕиҥ өлбүттэрбитин. Үлэ, сэрии дьоннорун!” (3,108).

Европаҕа буолбут оччотооҕу балаһыанньаны сахалар ис өйдөрүттэн-санааларыттан быһааран сыаналаатахха, ол кэмҥэ сэриигэ өлбүт дьону кэриэстиир, ахтар-саныыр түмсүүлэр “Кэриэстэс” диэн ааттаммыт буолуохтаахтара толору өйдөнөр. Бу курдук сахалар өлбүт дьону ахта-саныыр, кэриэстиир итэҕэллэрэ уонна дьиҥнээх историческай суруйуулар бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһиилэрэ “Христос” диэн таҥара “Кэриэстэс” диэн сахалар өлбүт киһи баҕа санаатын толорор итэҕэллэриттэн үөскээн тахсыбыт буолуон сөбүн дакаастыырга кыах биэрэллэр.

Өлөн эрэр киһи бүтэһик баҕа санаатын “кэриэс этиитин” сахалар хайдах толороллоро эмиэ итэҕэл буола сылдьар. Ол туһунан Эрилик Эристиин “Кэриэс туолуута” диэн сэһэнигэр толору арыйар. Былыргы кэпсээннэргэ эдэр киһи кырдьаҕас киһи “кэриэс этиитин” хайдах толорбутун туһунан элбэхтик ахтыллаллар.

Былыргы Рим историга Светоний суруйарынан Хрестус-билгэлээччи күөртээһининэн похороннай коллегиялар хамсааһыннара буолар эбиттэр. Кэлин тиһэҕэр боростуой, үлэһит дьон мустар хамсааһыннара “хрестеанство” баһылыыр итэҕэл, таҥара быһыытынан биллэриллибит. Ол итэҕэл туһунан Г.В.Ксенофонтов маннык суруйар:

“Окончательная победа цезарианской партии над республиканской и установление императорского режима означают гибель старых патрицианских традиций с их аристократическими культами и свещенный союз цезарей с простонародной массой. Вот почему цезари должны были уступить перед напором “хрестеанства” и объявить его новой государственной религией. Христианство по его мифологической оболочке не есть новая религия, а реставрация древнейщих языческих верований простонародных масс всего Средиземноморья”. (1,134).

Христос таҥара үөскээһинигэр өссө биир быһаарыыны киллэрэн биэриэххэ сөп. Аан дойду аҥар өттүгэр Кореяҕа уонна Кытайга былыргы христианнар эмиэ бааллара бэлиэтэнэр. Бу христианнар манна хантан тиийэн кэллилэр диэн ыйытыкка эппиэт христианство үөскээһинин быһаарар кыахтаах.

Олус былыргы кэмнэргэ сахалар Кореяҕа уонна Кытайга олоро сылдьыбыттара билигин остуоруйа үөрэҕинэн дакаастана сылдьар. Бу дойдулартан сахалар хоту диэки үтүрүллэн көспүттэрэ быһаарыллан эрэр. Сахалар көспүт, барбыт сирдэригэр олус өр кэмҥэ былыргы өбүгэлэрин кэриэстэрин толоро сатааһыннара “Кэриэстэс” таҥараны үөскэппитэ кэннилэригэр хаалан хаалбыт.

Аан дойду икки өттүгэр биир, Христос таҥара үөскээн олоххо киирэр кэмигэр “Кэриэстэс” итэҕэли тутуһар сахалар өлөр-тиллэр охсуһууга киирсэн, сэриигэ өлбүт дьоннорун ахта-саныы мунньустар кэмнэриттэн Христос таҥара үөскээбит.

Христос таҥара үөскээһинэ сахалар “Кэриэстэс”,- диэн өлбүт киһилэрин кэриэс этиитин толорор итэҕэллэриттэн төрүттэммит буолуон сөбө быһаарыллар кыахтанна. Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт, аатырбыт хуун омуктар эстэр-быстар кэмнэригэр таах олорон биэрбэккэлэр улуу итэҕэли, Христос итэҕэлин төрүттээн кэбиспиттэрин саҥа көлүөнэлэрэ билигин да билбэккэ сылдьаллар.

Христос таҥара итэҕэлэ былыргы хууннар, сахалар өлбүт киһини кэриэстиир, бэстилиэнэй баҕа санаатын толорор итэҕэллэриттэн үөскээбит уонна сахалыы тылынан табатык өйдөнөр гына быһаарыллар.

Туһаныллыбыт литература

1. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. (Публикации 1928 -1929 гг.) Якутск: Творческо-производственная фирма “Север-Юг”, 1992.- 318 с.

2. А. И. Эверстов. Айыы аймахтара Күн улуустара. ( Иккис түһүмэҕэ ). Дьокуускай: “Бичик” Нац. кинигэ кыһата, 1998.- 184 с.

3. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһа¬та, 1994.- 264 с.