Ходори
Ходори (кэриэйдии суруллуута 호돌이) Сеул куоракка (Соҕуруу Кэриэйэ) 1988 сыллаахха ыытыллыбыт Олимпия сайыҥҥы XXIV оонньууларын бигэргэтиллибит ымыыта.
Хайдах баар буолбута
Ымыы ойуутун худуоһунньук Ким Хюн оҥорбут. Төрүт быһыытынан Амуур баабыра буолбут. Бу ымыы кэриэй омук эйэлээх майгытын, ыалдьытымсаҕын бэлиэтэ. Ходори диэн ааты Аан дойду бары муннугуттан кэлбит 2295 этииттэн талбыттар. «Хо» кэриэйдии — «баабыр», оттон «дори» — «уолчаан» диэн эбит[1].
Дьүһүнүн-бодотун уратыта
Ымыы сүрүн мала - кулгааҕын туһунан кэтиллибит кыра хара бэргэһэ. Бу - төрүт таҥас биир уратыта. Маннык бэргэһэлээх дьон былыр улахан бырааһынньыкка үҥкүү кэмигэр кэтэллэр эбит[1].
Ходори кыыс доҕоро
Ходори баабырга маҥнай утаа кыыс доҕору эмиэ толкуйдаабыттар эбит — Хосуни баабыры, ол эрэн кини ымыы суолталамматах, онон кини туһунан кэлин умнан кэбиспиттэр[1].