Хаспах хахайа
Хаспах хахайа | ||||||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Билим классификацията | ||||||||||||||
|
||||||||||||||
Латыынныы аата | ||||||||||||||
Panthera spelaea |
Хаспах хахайа (Panthera) симэлийбит көрүҥэ буолар, 600000 сыл анараа өттүгэр, үһүс кромердааҕы муус үйэлэр икки ардыларыгар Европаҕа үөскээбит буолуон сөп. Төрүттэрин ырытан көрбүттэригэр билигин Африкаҕа уонна Азияҕа олорор хахайдааҕар (Panthera leo) чыҥха атын уонна генетиката отой туспа эбит[2].
Морфологиятын уратытын ырытыы түмүгүнэн уонна митохондриятын бэлиэлэринэн таксономияҕа хахайдартан 1,9 мөлүйүөн сыллааҕыта генетика өттүнэн арахсыбыт хаспах хахайа туспа көрүҥ быһыытынан бигэргэтиллибитэ.[3][4] Ядротыгар баар геннар хойутуу 500000 сыллааҕыта арахсыбыттарын уонна кэлин эт-хаан өттүнэн билиҥҥи хахайдар өбүгэлэрин кытта булкуспатахтарын туоhулууллар.[5] Отой былыргы биллэр уҥуохтара Саха сиригэр хаһар үлэлэр түмүктэригэр булуллубуттара уонна радиоуглероднай анализ кинилэр саастарын 62400 сыллааҕыта олоро сылдьыбыттар диэн көрдөрбүтэ. 13000 сыллааҕыта симэлийбиттэр.[6]
Tаксономия
1810 сыллаахха Германия соҕуруу өттүгэр баар хайа хаспаҕар хаһар үлэ түмүгэр булуллубут, сиртэн хостоммут хахай баhын уҥуоҕун Георг Август Гольдфрус Felis spelaea (хаспах куоската) диэн билим аатын иҥэрбитэ, бэлиэтээбитэ.[7] Арааhа ити олоро сылдьыбыт кэмэ Вюрм мууһуруутугар сөп түбэһэр.[2][6][8]
Сорох автордар хаспах хахайын (Panthera spelaea) билиҥҥи хахайтан кыра уратылаах уонна биир көрүҥ буолаллар диэн сабаҕалыыллара уонна Panthera leo spelaea диэн ааттыыллара.[2][9][10][11] Биир автор хаспах хахайын баһын уҥуоҕун форматын чинчийэн баран баабыры кытта чугас онон билимнээҕи аатын Panthera tigris spelaea ааттыахайыҥ диэн этии киллэрбитэ.[12]
Морфологиятын чинчийии түмүктэринэн баһын уҥуоҕун уонна тиистэрин анатомията туспа уратылаахтар, онон хаспах хахайа ойдом турар диэҥҥэ кэлбиттэрэ.[13][14] Филогениятын, төрүттэрин, ырытыылар эмиэ итинник түмүккэ кэлбиттэрэ..[3][4][15]
2001 сыллаахха Сибииргэ уонна Юкоҥҥа булуллубут 7 экземплярга кыра уратылаах көрүҥҥэ, тиистэрэ арыый кыралар орто хаспах хахайынааҕар, Верещагин хаспах хахайын (P. spelaea vereshchagini ) аатын иҥэрбиттэр.[16] 2020 сыллаахха диэри генетикаларын ырытыы туспа кыра уратылаах көрүҥ буолалларын бигэргэппэт эбит, Европатааҕы уонна Аляскатааҕы ДНКларын бэлиэлэрэ уратылара суох эбит, ол бэйэ-бэйэлэрин кытта булкуhaр биир улахан бөлөх буолалларын бэлиэтинэн буолар.[3][17] Ол эрээри 31 хаспах хахайын митохондриятааҕы геннарын утумнарын-ситимнэрин чинчийии биир төрүттээх эрээри икки салааҕа хайдыhалларын көрдөрбүт. Плейстоцен кэмигэр биирдэстэрэ Арҕаа Европаҕа олорбут, иккиhэ Берингия сиринэн муҥурдаммыт. Итинтэн сылтаан Берингияҕа олоро сылдьыбыт хаспах хахайын бөлөҕө кыра уратылаах туспа көрүҥ быһыытынан ааҕыллар, Верещагин хаспаҕын хахайа (P. s. vereshchagini).[17][18]
Эволюция
Куоскалар дьиэ кэргэннэригэр киирсэр хахайга майгылыыр пантералар аан бастаан 1,7-1,2 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр Танзанияҕа баар Олдувай хайатын хапчааныгар үөскээбиттэрэ. Ол куоскалар Орто Европаҕа Илин Африкаттан орто плейстоцен бастакы аҥарыгар тарҕаммыттара, 610000 сыл анараа өттүгэр сиртэн хостонор хахай (Panthera fossilis) диэн ааттаах көрүҥү үөскэппиттэр.[20] 460000 сыл анараа өттүгэр Орто Европаҕа хойукку Сааль мууhуруутун кэмигэр эбэтэр эрдэтээҥи Эем мууhуруутун кэмигэр хаспах хахайа (Panthera spelaea) сиртэн хостонор хахайтан (P. fossilis) үөскээбитэ уонна 450000 сыл анараа өттүттэн 14000 анараа өттүгэр диэри Евразияҕа барытыгар тарҕаммыта. Соторутааҕыта ыытыллыбыт ядроҕа баар геннарын үөрэтиилэр түмүктэрэ билиҥҥи хахайдар өбүгэлэрэ бары евразиятааҕы хаспах хахайдарын кытта 500000 cыл анараа өттүгэр иссиhэ сылдьыбыттар диэн туоhулаабыттар, ол кэнниттэн 470000 сыл анараа өттүттэн бэттэх ити икки линия иссибэтэхтэр.[2][5][20]
Польшаҕа хостоммут хаспах хахайын уҥуохтарын кырамталара радиоуглеродунан эрдэтээҥи уонна хойукку Вейхзелев мууһуруутун саҕанааҕы кэм диэн дааталаммыттар уонна саастара 109000 сыл анараа өттүттэн 57000 сыл анараа өттүгэр диэри диэн буолбут.[21] Евразияҕа кини 14900 сыл анараа өттүттэн 14100 сыл анараа өттүлэригэр диэри кэмҥэ симэлийбит уонна Берингияҕа 13800 сылтан 13300 сыл анараа өттүлэригэр диэри олоро сылдьыбыт, Вейхзелев мууhуруута бүтүөр диэри.[22][23] Митохондрияларыгар баар ДНК-лар утумнарын-ситимнэрин чинчийии түмүгэр америкатааҕы хахай (Panthera atrox) хаспах хахайыгар балтылыы бөлөх буоларын көрдөрбүт уонна арааhа эрдэтээҥи хаспах хахайдарын бөлөхтөрө 340000 сыл анараа өттүгэр Кордильер муус хаххата бүөлээн туспа барбыттарыттарыттан үөскээбиттэр.[24]
Характеристикалара
Ласко уонна Шове хайаларын хаспахтарыгар баар хаспах хахайдарын уустаан-ураннаан быһан оҥоруулара уонна сымара тааска уруһуйдара 15000-тан 17000-ҕа диэри саастаахтар диэн дааталаммыттар.[19][25] Шове хаспаҕар баар уруhуй икки хахай тэҥҥэ хаамсан иһэллэрин ойуулаан көрдөрбүт. Инники өттүгэр сылдьар хахай кэнники өттүгэр баар таhахтаах уонна сиэлэ суох уруhуйдаммыт хахайдааҕар арыый кыра гына көрдөрүллүбүт.[26] Итинник сымара тааска баар уруһуйдартан сабаҕалаатахха хаспах хахайдарын атыырдара отой сиэлэ суохтар эбэтэр сиэллэрэ олус кыра диэн көрдөрөллөр.[6]
Ориньяк культуратыгар киирсэр хахай-киhи (ниэм. {{{1}}} Löwenmensch) статуэтката Германия соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр баар Шваб Альпаларын Фохельхерд диэн хайатын хаспаҕар булуллубута. Итинник археология булумньулара таас үйэтинээҕи итэҕэл ритуалларыгар хаспах хахайын ойуулара уонна уус-уран оҥоһуктара туһаныллыбыт буолуохтарын сөп диэн сабаҕалааһыны үөскэтэллэр.[27][28]
Хаспах хахайа олус бөдөҥ хахайдартан биирдэстэрэ диэн өйдөбүллээҕэ. 1985 сыллаахха Германияҕа Зигсдорфтан чугас булуллубут атыыр хахай уҥуоҕун саннытыгар диэри үрдүгэ 1,2 м чугаhыыр эбит уонна кутуруга суох төбөтүн кытта этин-сиинин устата 2,1 м эбит, уҥуоҕунан билиҥҥи бөдөҥ хахайдарга тэҥ. Ити атыыр уҥуоҕунан атын экземплярдары баһыйар эбит, онтон атын атыыр кутуруга суох устата 2,5 м тиийэр эбит. Ону таhынан, хаспах хахайын атыыра хаалларбыт суола диир суоллара кэтитэ 15 см эбит. Сабаҕалыылларынан, хаспах хахайын муҥутаан ыараабыт ыйааһына 339 кг тиийиэн сөп эбит[29]
Онон итилэр хаспах хахайдара билиҥҥи хахайдардааҕар 12% улаханнарын көрдөрөллөр, ол да буоллар эрдэтээҥи сиртэн хостонор хахайдардааҕар (Panthera fossilis) уонна америкатааҕы хахайдартан (Panthera atrox) кыралар эбит. Сымара тааска баар уруһуйдар хаспах хахайдарын наар сиэлэ суох бултуулларын көрдөрөллөр, онон сабаҕалаатахха атыырдара сиэлэ суохтар эбит.[30][31] Хаспах хахайын сирэйдэрэ билиҥҥи хахайдар сирэйдэриттэн уһун уонна синньигэс эбиттэр. Ол да буоллар, ити икки көрүҥ морфологияларыгар улахан уратылара суох.[6] Билиҥҥи хахайдар курдук тыһылара атыырдарынааҕар кээмэйдэринэн кыралар.[32]
2016 сыллаахха Малый Анюй диэн ааттаах өрүскэ булуллубут сиэли ДНК аналиһын түмүгүнэн хаспах хахайын гиэнэ диэн бигэргэтиллибитэ. Билиҥҥи хахай түүтүн кытта тэҥнээһин өҥүнэн билиҥҥи хахай гиэнигэр майгылыыр, ол эрээри арыый сырдык диэн көрдөрбүтэ. Ону таhынан, ааҕылларынан, хаспах хахайдара араҕастан маҕаҥҥа диэри өҥнөөх бүтэй, хаптайбыт нуолур түүлэртэн турар олус хойуу, чиҥ ньуолах түүлээхтэр уонна олортон аҕыйах кыллаахтар эбит, ол мууhуруу кэмигэр адаптация буолар.[33]
Тарҕаныыта уонна олорор сирдэрэ
Хаспах хахайа сэлии хонуу куйаардарын сирдэрин нөҥүө Беринг муостатытан Европаттан Аляскаҕа диэри биир кэлимсэ бөлөҕү үөскэппитэ.[34] Пиреней тумул арыытыттан, Соҕуруулуу-Илиҥҥи Европаттан, Улуу Британияттан, Орто Европаттан, Илин Европа көнө ньуурдаах сирдэриттэн, Хоту Евразия улахан өттүттэн ылата Канадаҕа, Аляскаҕа диэри кини олус киэҥник тарҕаммыта. Отой былыргы биллэр тааhырбыт уҥуохтара Саха сирин хотугулуу- илин өттүгэр булуллубуттара уонна радиоуглеродунан саастарынан 62400 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыттар диэн дааталаммыттара. Отой эдэр, хойукку биллэр тааhырбыт уҥуохтара 11925 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыттар, итилэри Аляскаҕа Фэрбенкс чугаhыгар булаттаабыттар.[6]
Испанияҕа Ла Гарма диэн хайаларын хаспахтарын комплексыгар хаһар үлэлэр түмүктэригэр булуллубут тарбахтарын уҥуохтара 14300-14000 сыллааҕыта диэн радиоуглеродунан дааталаммыттар.[35] Словакияҕа бастарын, бууттарын уонна таастарын уҥуохтара карст (уу үөскэппит) хайа хаспахтарыгар 240 м-тэн 1133 м-ҕэ диэри үрдүктээх булгунньахтаах уонна хайалаах сирдэригэр булуллубуттара.[36]
Саха сиригэр Хайырҕас хайа хаспаҕар хаспах хахайын уҥуохтара дьон, бөрө, хотугу таба, плейстоцен сылгытын уонна балык уҥуохтарын кытта 13200-21500 саастаах сир араҥатыттан булуллубуттара.[37]
2008 сыллаахха Россияҕа Чукотка автономиялаах уокуругар Малый Анюй өрүс аттыгар хаспах хахайын түүтэ онон-манан ордон хаалбыт үчүгэй туруктаах экземпляра булуллубута.[38] Хаспах хахайа арааһа үксүгэр аһаҕас хонуу сирдэргэ олорбут, ол эрээри аһаҕас ойуурдарга эмиэ көстүтэлиэн сөп курдук.[6]
Арыйыылар
2015 сыллаахха Саха сиригэр Уяндина өрүс аттыгар 25000 уонна 55000 саастаах икки тоҥ хаспах хахайын оҕолоро ирбэт тоҥҥо булуллубуттара.[39][40][41] Чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн хахай оҕолоро саҥардыы нэдиэлэ эрэ буолбуттар, тоҕо диэтэр тииһиир тиистэрэ ситэ тахса иликтэр эбит. Салгыы үөрэппиттэриттэн көрдөххө хахай оҕолоро билиҥҥи хахайдар курдук ийэлэрин батыһан прайдка төттөрү киирэр гына күүһүрүөхтэригэр диэри ордууларыгар саһа сылдьыбыттар. Чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан хахай оҕолоро буор сиҥнэн өлөртөөбүтэ буолуо дииллэр, буор анныгар абалык суоҕа сытыйыыга тиэрдибэтэх уонна күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри үчүгэй туруктаах кэлбиттэригэр тиэрдибит. 2016 сылга хахай оҕолоруттан үһүстэрин буларга уонна баҕар ийэлэрин көрдүүргэ иккис экспедиция былааннаммыт.[42]
2017 сыллаахха атын тоҥмут экземпляр, сабаҕалыылларынан, хахай оҕото, Саха сиригэр Тирэхтээх өрүс аттыгар, Индигирка өрүс салаатыгар, булуллубута. Өйдүүллэринэн ити булуллубут хахай оҕотун атыыра 2015 сыллаахха булуллубут оҕолортон арыый обургу эбит, аахпыттарынан балтараа ыйтан икки ыйга диэри улаатан баран өлбүт.[43] 2018 сыллаахха ити булуллубут сиртэн 15 м-ҕэ тэйиччи үчүгэй туруктаах атын хахай оҕотун көрдөөн булбуттар. Өйдүүллэринэн биир ыйыгар 50000 сыл анараа өттүгэр өлбүт уонна сабаҕалыылларынан эрдэ булуллубут хахай оҕотун атыырын бииргэ төрөөбүтэ быһыылаах эбит.[44] Ол эрээри радиоуглерод даататынан кинилэр 15000 сыл уратылаах бэйэ-бэйэлэриттэн туспа олоро сылдьыбыттар, олортон тыhыта аахпыттарынан 28000 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт, онтон атыыра 43448 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт.[18] Икки оҕолор үчүгэй туруктаахтар, кыратык буорту да буоллаллар, олортон тыһыта Мууhуруу Кэмиттэн булуллубут кыыллартан күн бүгүҥҥэ диэри "муҥутуур үчүгэй туруктааҕынан" биллиэн сөп.[45][46][47][48]
Палеобиология
Хаспах хахайа сэлии хонуу куйаардарын уонна бореальнай ойуурдар курдук аһаҕас сирдэргэ олорбут. Кини сэлии хонуу куйаардарын биир тутаах көрүҥэ эбит, бороҥ бөрөнү, хаспах гиенатын уонна хагдаҥ эһэни кытта сиэмэх кыыллар чыпчааллара буоларын быhыытынан.[50] Олус элбэх хаспах хахайын уҥуохтара хайа хаспахтарыгар хаһар үлэлэр түмүктэригэр булуллубуттара, ол сирдэргэ кинилэри кытта хаспах гиенатын, хаспах эһэтин уҥуохтара уонна таас үйэтинээҕи артефактар булуллубуттара.[51][52] Билиҥҥи хахай курдук элбэх төбөлөөх үөрү үөскэтэрэ биллибэт, сорох бэлиэлэр соҕотох сылдьарын ордорор курдук көрдөрөллөр эбит.[50]
Уҥуохтарыгар баар коллагены изотоп анализтарын түмүгэ көрдөрбүтүнэн хаспах хахайын аһылыгын рационугар сүрүннээн хаспах эһэтин, хотугу таба уонна атын моонньулаах табалар көрүҥнэрин оҕолоро киирсэллэр эбит. Арыый хойукку хаспах хахайдара арааhа аан бастаан хотугу табалары тарҕаммыт сирдэринэн иккиэн эстиэхтэригэр диэри бултаhаллар эбит.P. pardus spelaea), ону кытта хаспах гиеналарын, хаспах эһэлэрин уонна бөрөлөрү кытта күрэстэспит буолуон сөп.[54] Изотоп анализтарын үөрэтии түмүгэ хаспах хахайдара үксүгэр хотугу таба этин сииллэр этэ диэн көрдөрбүт.[50]
Салгыы көр
- History of lions in Europe
- Panthera atrox
- Panthera blytheae
- Panthera gombaszoegensis
- Panthera palaeosinensis
- Panthera shawi
- Panthera youngi
- Panthera zdanskyi
- Panthera leo sinhaleyus
- Panthera leo fossilis
Сигэлэр
- Paleontology Journal 2014: 1–34. DOI:10.1155/2014/106203.
- ↑ Molecular Phylogenetics and Evolution 30 (3): 841–849. DOI:10.1016/j.ympev.2003.07.020. PMID 15012963.
- ↑ Molecular Ecology 18 (8): 1668–1677. DOI:10.1111/j.1365-294X.2009.04134.x. PMID 19302360.
- ↑ DOI:10.5334/oq.24.
- ↑ Proceedings of the National Academy of Sciences of the United States of America 117 (20): 10927–10934. DOI:10.1073/pnas.1919423117. PMID 32366643. Bibcode: 2020PNAS..11710927D.
- ↑ DOI:10.1016/j.quascirev.2010.04.023. Bibcode: 2011QSRv...30.2329S.
- ↑ Goldfuss, G. A. (1810). Die Umgebungen von Muggensdorf. Erlangen: Johann Jakob Palm.
- DOI:10.1111/j.1096-3642.2008.00425.x.
- ↑ Kurtén, B. (1968). Pleistocene Mammals of Europe. London: Weidenfeld and Nicolson.
- ↑ Hemmer, H. (1974). «Untersuchungen zur Stammesgeschichte der Pantherkatzen (Pantherinae) Teil 3. Zur Artgeschichte des Löwen Panthera (Panthera) leo (Linnaeus, 1758)». Veröffentlichungen der Zoologischen Staatssammlung 17: 167–280.
- ↑ Turner, A. (1984). «Dental sex dimorphism in European lions (Panthera leo L.) of the Upper Pleistocene: palaeoecological and palaeoethological implications». Annales Zoologici Fennici 21: 1–8.
- Neues Jahrbuch für Geologie und Paläontologie (7): 399–414. DOI:10.1127/njgpm/1996/1996/399.
- ↑ Spassov, N.; Iliev, N. (1994). "Animal remains from the submerged Late Eneolithic – early Bronze Age settlements in Sozopol (South Bulgarian Black Sea Coast)". Proceedings of the International Symposium VI. Thracia Pontica. pp. 287–314.
- DOI:10.1016/j.quaint.2005.03.019. Bibcode: 2006QuInt.142..218S.
- Cladistics 24 (6): 977–992. DOI:10.1111/j.1096-0031.2008.00226.x. PMID 34892880.
- ↑ (2001) «The Pleistocene cave lion, Panthera spelaea (Carnivora, Felidae) from Yakutia, Russia». Cranium 18 (1): 7–24.
- ↑ DOI:10.1038/s41598-020-69474-1. PMID 32724178. Bibcode: 2020NatSR..1012621S.
- ↑ Quaternary 4 (3). DOI:10.3390/quat4030024.
- ↑ 19,0 19,1 Chauvet, J.-M.; Brunel, D. E.; Hillaire, C. (1996). Dawn of Art: The Chauvet Cave. The oldest known paintings in the world. New York: Harry N. Abrams. https://archive.org/details/dawnofartchauvet0000chau.
- ↑ DOI:10.1111/1749-4877.12082. PMID 24382145.
- DOI:10.1127/0077-7749/2010/0117.
- ↑ Цитата сыыһата: Сыыһа
<ref>
тиэк (тег);Stuart20118
диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох - ↑ Цитата сыыһата: Сыыһа
<ref>
тиэк (тег);Manuel_al20208
диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох - ↑ Цитата сыыһата: Сыыһа
<ref>
тиэк (тег);Barnett20097
диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох - ↑ Leroi-Gourhan, A.; Allain, J. (1979). Lascaux inconnu. XXIIe supplement à "Gallia Préhistoire". Paris.
- DOI:10.1017/S0952836904005242.
- ↑ Bahn, P. G.; Vertut, J. (1997). Journey Through the Ice Age. London: Weidenfeld & Nicolson. ISBN 9780297835882. https://archive.org/details/journeythroughic00bahn.
- ↑ Guthrie, R. D. (2005). The Nature of Paleolithic Art. Chicago: University of Chicago Press.
- DOI:10.7287/peerj.preprints.2327v2.
- ↑ Koenigswald, W. v. (2002) (in de). Lebendige Eiszeit: Klima und Tierwelt im Wandel. Stuttgart: Theiss. ISBN 978-3-8062-1734-6.
- ↑ Koenigswald, W. v. (2002). Lebendige Eiszeit. Darmstadt: Theiss-Wissenschaftliche Buchgemeinschaft. ISBN 3-8062-1734-3.
- DOI:10.3140/bull.geosci.1263.
- DOI:10.1016/j.quascirev.2016.04.018. Bibcode: 2016QSRv..142...61C.
- DOI:10.5334/oq.aa.
- DOI:10.1371/journal.pone.0163591. PMID 27783697. Bibcode: 2016PLoSO..1163591C.
- ↑ Sabol, M. (2011). «A record of Pleistocene lion-like felids in the territory of Slovakia». Quaternaire (4): 215−228.
- DOI:10.1017/RDC.2016.39.
- DOI:10.1016/j.quascirev.2015.03.029. Bibcode: 2015QSRv..117..135K.
- ↑ "Extinct lion cubs found in Siberia are up to 55,000 years old – latest test results reveal". The Siberian Times. 3 November 2016. http://siberiantimes.com/science/casestudy/news/n0796-extinct-lion-cubs-found-in-siberia-are-up-to-55000-years-old-latest-test-results-reveal/.
- ↑ Koryakina, Anastasia (26 October 2015). "Meet this extinct cave lion, at least 10,000 years old – world exclusive". The Siberian Times. http://siberiantimes.com/science/others/news/n0464-meet-this-extinct-cave-lion-at-least-10000-years-old/.
- ↑ Black, Riley (28 October 2015). "Frozen Cave Lion Cubs from the Ice Age Found in Siberia". National Geographic News (National Geographic). https://www.nationalgeographic.com/science/article/151028-cave-lion-frozen-permafrost-science/.
- ↑ "Whiskers still bristling after more than 12,000 years in the Siberian cold". The Siberian Times. 17 November 2015. http://siberiantimes.com/science/casestudy/news/n0491-whiskers-still-bristling-after-more-than-10000-years-in-the-siberian-cold/.
- ↑ "Extinct cave lion cub in 'perfect' condition found in Siberia rising cloning hopes". The Siberian Times. 9 November 2017. http://siberiantimes.com/science/casestudy/news/extinct-cave-lion-cub-in-perfect-condition-found-in-siberia-rising-cloning-hopes/.
- ↑ Gertcyk, Olga (12 September 2018). "Cute first pictures of new 50,000 year old cave lion cub found perfectly preserved in permafrost". The Siberian Times. https://siberiantimes.com/science/casestudy/news/cute-first-pictures-of-new-50000-year-old-cave-lion-cub-found-perfectly-preserved-in-permafrost-of-yakutia/.
- ↑ Hunt, K. (5 August 2021). "Perfectly preserved cave lion cub found frozen in Siberia is 28,000 years old. Even its whiskers are intact". CNN. https://edition.cnn.com/2021/08/05/world/frozen-cave-lion-cubs-siberia-scn/index.html.
- ↑ Fitzsimons, T. (6 August 2021). "Scientists unveil extinct Ice Age lion cubs pulled from Russian permafrost: The scientists believe that the cave lion cubs, dubbed Boris and Sparta, each briefly roamed the steppe of what is now eastern Russia thousands of years ago". NBC News. https://www.nbcnews.com/science/science-news/scientists-pull-extinct-cave-lion-cubs-russian-permafrost-n1276137.
- The Siberian Times. https://siberiantimes.com/other/others/news/meet-sparta-the-best-preserved-ice-age-animal-ever-found/.
- Smithsonian Institution).
- ↑ Bölsche, W.; Harder, H. (1900). Tiere der Urwelt. Serie III. Wandsbek-Hamburg: Verlag der Kakao-Compagnie Theodor Reichardt.
- ↑ DOI:10.1016/j.quascirev.2015.03.018. Bibcode: 2015QSRv..117...42B.
- DOI:10.1080/08912963.2010.546529.
- DOI:10.4000/quaternaire.5897.
- DOI:10.1016/j.quaint.2011.02.023. Bibcode: 2011QuInt.245..249B.
- DOI:10.1016/j.quascirev.2013.05.009. Bibcode: 2013QSRv...76..167D.
Тас сигэлэр
Халыып:Wikispecies
- Prehistoric cats and prehistoric cat-like creatures, from the Messybeast Cat Resource Archive
- The mammoth and the flood, volume 5, chapter 1, by Hans Krause.
- Hoyle and cavetigers, from the Dinosaur Mailing List. (Groiss)
- Photo-reconstruction of Panthera spelaea, by paleoartist Roman Uchytel
Халыып:Taxonbar
- Страницы с ошибками в примечаниях
- УРУБИИКИ:Харамайдар тустарынан Биики ыскылаакка ойуута суох ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Харамайдар тустарынан ойуута суох ыстатыйалар
- Викивид бырайыакка сигэммэт ыстатыйалар
- Биологияҕа сыһыаннаах NCBI турбатах ыстатыйалара
- Таксобокс тупсарыллыахтаах
- Харамайдар алпабыытынан
- Саха УРУБИИКИ:Халыып «Тас сигэлэр» кураанах