Хамсаа уонна хамнаа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хамсаа уонна хамнаа диэн тыллар хамсааһыҥҥа өй-санаа баарын дуу, суоҕун дуу быһаараллар. "С" дорҕоон ыс диэн ааттанар уонна ыһар, тарҕатар суолталаах.

Саха тыла олус былыргы кэмҥэ үөскээн оннун булуммут тыл. Саха тыла Айылҕа дорҕоонноруттан үөскээбит тутулугун билигин да сүтэрбэккэ иҥэринэн илдьэ сылдьар. «Ы» дорҕоон уһаатаҕына «ыы» диэн дорҕооҥҥо кубулуйдаҕына ытааһын илэ саҕаланар, «р» диэн дорҕоон уһаатаҕына, хатыланнаҕына ырдьыгынааһыны, кыыһырыыны биллэрэр. Хас биирдии тус-туспа Айылҕа дорҕооннорун иҥэринэн үөскээбит тыл ураты күүстээх, иччилээх, ол курдук дорҕоон киһиэхэ дьайыыта хаһан да уларыйбат.

Тыл иччитэ дорҕоонноругар саһан сылдьар. Элбэхтик «ыы» дорҕоону саҥара сырыттахха сотору кэминэн дьиҥнээх ытааһын тиийэн кэлэр. Үгүстүк «рр» дорҕоону туттар киһи кыыһырымтаҕай буолара ханнык да саарбаҕа суох. Саха тылын дорҕооннорун суолталарын билэн сэрэнэн, кэмнээн туһаныы ирдэниллэр.

Саха тыла олус былыргы кэмнэргэ, киһи өйө-санаата саҥа үөскээн, сайдан истэҕинэ үөскээбит тыл буолан тыыннааҕы уонна тыына суоҕу эбэтэр өйдөөҕү уонна өйө-суоҕу туспа арааран быһаарар аналлаах тыллардаах. Бу тыллар; оҥоһуу уонна оҥоруу диэннэр, бэйэ-бэйэлэриттэн биирдии эрэ дорҕоонунан, ол эбэтэр суруйдахха биирдии буукубанан уратылаһаллар эрээри дьиҥнээх суолталара букатын тус-туспалар.

Үлэ-хамнас туһунан суруйууну саха тыла ити уратыларыттан тирэх ылан саҕалааһын ордук оруннаах. Дьоҥҥо киһи буолуу өйө-санаата үөскээбитин кэнниттэн аан маҥнай өйө-санаата суохтартан, сүөһүлэртэн уонна тыына суохтартан бэйэни туспа араарыныыга тириэрдибитэ саха тылыгар чуолкайдык киһини атыттартан туспатык ааттааһынтан биллэр.

Манна аан бастакынан саха киһитэ бэйэтин эрэ атын тыынар-тыыннаахтартан барыларыттан туспа араарынан «Ким», «Кимий?», «Кини» диэн ааттаан ыҥырарын бэлиэтэнэр. Бу киһи өйө-санаата саҥа үөскээн, сайдан эрэр кэмигэр Сир үрдүгэр баар өйө-санаата суох тыынар-тыыннаахтартан бэйэтин туспа араарынар, үрдүктүк туруорунар бэлиэтэ буолан саха тылыгар иҥмит. Саха тылын бу уратыта киһилии өй-санаа, атын кыылларга буолбакка, киһиэхэ эрэ баар буоларын чопчулаан быһаарар.

Бэйэтиттэн, киһиттэн атын бары тыынар-тыыннаахтары, кыыллары, көтөрдөрү, үөннэри уонна атын Сир үрдүгэр туох баары барытын саха киһитэ «Ол», «Бу», «Туох», «Тугуй?» диэн ааттаан ыҥырар. Бары киһилии өй-санаа кыайан иҥмэт тыынар-тыыннаахтара уонна араас маллар-саллар, оттор-мастар бары бииргэ, холбуу итинник ааттаналлар.

Өйдөөн-санаан туран уонна ханнык да өйө-санаата, быһаарыыта суох оҥоруллар быһыылары саха тылыгар араарар ураты тыллар эмиэ бааллар. Бу тыллар төһө даҕаны бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспыттарын, биирдии эрэ дорҕооннорунан, буукубаларынан уратыласпыттарын иһин суолталара уонна хайдах үөскээбиттэрэ букатын тус-туспалар.

Сахалыы киһи өйдөөн-санаан туран тугу эмэ оҥороро «Хамсаа» диэн тылынан бэриллэр. Бу тыл «Хам» уонна «Саай» диэн тыллартан холбонон үөскээбит буолан өйдөөн-санаан, анаан-минээн оҥоруллар хамсаныылары, бу хамсаныылартан үөскүүр үлэни быһаарар. Бу хамсааһынтан туох тахсарын, үөскүүрүн, туохха сабыдыаллыырын киһи өйдөөх-санаалаах буолан эрдэттэн билэрин, өйүгэр-санаатыгар оҥорон көрбүтүн быһаарар.

Киһи бэйэтэ тугу эмэ оҥороору хамсанара барыта «Хамсаа» диэн тылынан бэриллэрэ ордук табатык өйдөнөр. Киһи өйдөөн-санаан, быһаарынан баран хамсаатаҕына эрэ тугу эмэ туһалааҕы оҥороро табылларын биллэрэр.

Айылҕаҕа араас хамнааһыннар элбэхтэр, туох барыта мээнэ хамныыра элбэх. Ол курдук тыал мас төбөтүн куруук хамнатар. Туох да туһата суох икки өттүгэр иэҕэҥнэтэр. Өрүскэ муус хамнаата дииллэр. Муус бэйэтэ сүүрүк хоту устан ааһарын, хамныырын итинник этиллэр.

Өйө-санаата, ханнык да быһаарыыта суох, эппит хоту тугу эмэ оҥоруу «Хамнаа» диэн тылынан бэриллэр. Хамнаа диэн тыл «Хам» уонна «Наай» диэн тыллартан холбонон үөскээбит. Мээлэ, туох да быһаарыыта, өйө-санаата суох «наай барбыт» хамнааһыны эрэ бэлиэтиир.

Сахаларга үлэ-хамнас тус-туспа араарыллыыта, баай уонна дьадаҥы, үлэ биэрээччи уонна үлэһит хаһан үөскээбиттэрэ букатын биллибэт былыргы төрүттээхтэр. Хамнаа диэн тылтан хамначчыт диэн хамнаска үлэлиир үлэһити бэлиэтиир аналлаах тыл үөскээн оннун булуммут. Бу тыл туох да толкуйа, быһаарыыта суох хамныыбын, ким эрэ эппитин, соруйбутун толоробун диэн олох көнө өйдөбүллээх. Хамначчыт буолууну сахалар соччо сөбүлээбэттэрэ итинтэн тутулуктаах. Тоҕо диэтэххэ саха киһитэ бэйэтэ быһаарынан, тугу эмэ тобулан үлэлиирин, хамсыырын, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарарын ордук сөбүлүүр.

Бэйэтэ өйдөөн-санаан, тугу эмэ быһаарынан үлэлиир киһи хаһан да хамначчыт буолбат. Хамсыыр диэн тылтан хамсатар диэн тугу эмэ саҥалыы оҥорор, сыҕарытар диэн туспа тыл үөскээн син биир өйдөөн-санаан туран оҥоруллар дьыалалары быһаарар.

Бу икки олус маарыннаһар тыллар уратылара ити курдук олус киэҥ уонна дириҥ силистээхтэр. Бу тылларбыт дорҕооннорунан уратылара аан маҥнай киһиэхэ өйө-санаата киирэн киһилии быһыыланар, өйдөөн-санаан туран бары дьыалаларын оҥорор кэмиттэн ыла үөскээбиттэр. Саха тыла олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитин уонна билигин даҕаны бэйэтинэн, уларыйбакка сылдьарын дакаастыыллар. (1,13).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.