Хаан суолтата

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хаан киһи этин-сиинин тутаах чааһа. Хаан киһи этигэр-сиинигэр хаһан да тохтообокко эргийэрин сүрэҕэ тохтоло суох үлэлээн хааччыйар. Сүрэх тохтообокко эрэ үлэлиирэ сахаларга үлэһит буолууну бэлиэтииргэ анаан туттуллара элбэх. Сүрэхтээх диэн эттэхтэринэ тохтообокко үлэлии-хамсыы сылдьар киһини этэллэр.

Сахалар хаан туһунан билиилэрэ элбэх. Былыргы кэмнэртэн ыла олохторугар быһаччы туһанар өс хоһооннорунан “Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй” диэн буолар. Бу өс хоһооно ыраах сирдэртэн кэргэн ылан ыалы тэрий диэн биллэр өйдөбүллээх.

Хаан тупсарыыта” диэн этии ыраах сирдэртэн тус-туспа хааннаах аймахтар ыал буолан оҕолоннохторуна оҕолоро бөҕө доруобуйаланан төрүүрүн быһаарар. Бу этиини сахалар олохторугар быһаччы туһаналларыттан хас эмэ тыһыынчанан сылларга саха омуга уларыйан хаалбакка бэйэтинэн сылдьар, улахан тымныылаах хоту дойдуну баһылаан билигин да сайдыыны ситиһэр кыахтаах.

“Кыыһырдахха – хаан хойдор” диэн сахалар этиилэрэ билигин сүрэх, тымыр ыарыылара дэлэйбиттэрин кэнниттэн ордук улахан суолталанна. Улаханнык кыыһыран уора киирбит киһи хаана хойдон, санаата хараастан, тыына-быара ыгыллара кыра тымырдарыгар улахан баттааһыны оҥороруттан инфаркт, инсульт ыарыы буолан хаалыан сөп. Билигин бу ыарыылар олус дэлэйдилэр уонна эдэрдэр ыалдьаллара элбээтэ.

Хаан хойдор ыарыыта олус сэрэхтээх ыарыы. Эти-сиини ханан эрэ бааһыртахха, дэҥнээтэххэ, хаан онно хойдон баас бүөлэнэ оһоро эт-сиин айылҕаттан аналлаах, хаана тохтон хааларыттан харыстанар ньыматыгар киирсэр.

Киһи иһигэр хаан туохтан олус түргэнник хойдоро өссө наукаҕа биллэ илик. Сорох дьон хааннарын баттааһына холкутук да сырыттахтарына биирдэ эмэтэ олус өрө тахсан ылар кэмнэрдээх.

Киһи оҥорор быһыыта этигэр-сиинигэр, ордук хааныгар уларыйыылары үөскэтэр. Улахан буруйу, ыар быһыыны оҥорбут киһини хаана алдьанар, ыарыыр диэн сахалар этэллэр. Киһи туох эмэ олус куһаҕаҥҥа түбэһиитэ хаанын уларытан кэбиһэриттэн олус киҥнэнэрэ-наарданара, майгына холлоро сөп.

Куһаҕан санаата киирэн санаата алдьаммыт киһи хаана хамсыыр, ыгыллар, хойдор. Хаан хамсааһына диэн киһи оҥорор быһыыта олус түргэнник куһаҕан өттүгэр уларыйан хаалыан сөбүн биллэрэр.

Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин буккуйбутуттан хаан диэни аанньа ахтыбат буоллубут, ордук хаан аймахтарбытын кытта. Хаан аймах диэн биир хааннаах аймахтар, былыргы кэмнэргэ биир төрүттээх дьон ааттаналлар. Ол аата биир хаан аймахтар хааннара элбэх биир састааптанар эбит. Билигин наука хааны үөрэтэн былыргы аймахтыылары булан быһаарар кыахтанна.

Сахалар хаан аймах дьон биир буор куттаахтарын билэллэр. Хаан аймах дьон буор куттара биириттэн, хаан аймах киһи санаата аймахтарыгар ордук күүстээхтик дьайыыта тиийэр кыахтанар, биир санааланыыны ситиһэр кыахтара лаппа улаатар.

Былыргы кэмнэргэ биир хаан аймахтар сайдан, үүнэн, ахсааннара биллэрдик эбиллэн, атыттары, аҕыйахтары бас бэриннэрэн иһиилэриттэн үөскээбит улахан государстволар баар буола сылдьыбыттар. Биир хаан аймахтар баһылыыр, салайар государстволарын нууччалыы ханство диэн ааттыыллар, былыргы кэмнэргэ сахалар баһылыы сылдьыбыт дойдуларыгар элбэх ханстволар үөскээн сайда сылдьыбыттар.

Монголлар-татаардар үөскэппит государстволара сахалыы тииптээх салайыныылаах ханстволар буолаллар. Чыҥыс Хаан аймахтара уһун үйэлэргэ баһылаан салайбыттара.

Хаан диэн баһылыктаах былыргы государстволар сахалар олохтообут государстволара буолаллар. Ол курдук бу государстволары биир хаан аймахтар солбуйса сылдьан салайаллар. Россия импиэрийэтэ ыраахтааҕы кэмин саҕана биир хаан аймахтар баһылаан салайалларыттан улахан ханство эбитэ быһаарыллар.

И.Грознай салайар кэмигэр государство салайааччытын “царь” диэн уларытан ааттаабыттар. Хаан диэн государство салайааччытын “царь”, саар диэҥҥэ уларытан ханствоны кистии сатаабыттар.

Сахалар былыргы кэмнэргэ хаан аймахтар салайар дойдуларыгар олоро сылдьыбыттарын бэлиэтинэн “Тойон ууһа” диэн этии уонна тойон ууһа бэйэтинэн баара биллэрэр. Ол курдук тойон ууһунан сахаларга Хаҥалас улууһа ааттанар. Бу улуус дьонуттан бары улахан салайааччылар талыллан тахсаллар этэ. Ол эбэтэр бу улуус олус улаатан, ахсааннара элбээн бэйэтэ баһылаан-көһүлээн государство тэринэ сылдьыбытын биллэрэр.

Хаан диэн саха тыла. Хаан диэн былыргы улахан салайааччы аата. Ол аата биир хаан аймахтартан үөскээн тахсыбыт улахан баһылык ааттанар. Ханство диэн сахалар салайыныыларын тутуһар государство ааттанар. Кэнники монгол-татаардар үөскэппит элбэх государстволарын барыларын хаан диэн баһылыктар салайбыттара.

Олус киэҥник биллибит хаан аймахтар государстволарынан Соҕуруу Азияҕа сайдыбыт Караханидтар, сахалыы Хара Хааннар государстволара буолар. Бу киэҥ сирдэри баһылаабыт государствоны кытта сахалар тапсыбакка арахсыбыттарын бэлиэтинэн хара диэн сирэллэрин, куһаҕаннарын быһааран биллэрэр тылынан хос ааттаабыттара иҥэн, билигин бары оннук ааттыыллар.

Тыыннаах буолуу, олох олоруу хаантан улахан тутулуктаахтар. Былыргы кэмнэргэ хаан аймахтар бэйэ-бэйэлэрин көмүскэһэллэрэ ордук күүстээҕэ. Хаан аймахтар бэйэлэрин харыстанар кыахтарын маннык холобуртан булуохха сөп.

Александр Таран кыыстаах уолун ханнык да биллэр биричиинэтэ суох утуу-субуу өлөртөөн кэбиспиттэрин кэнниттэн силиэстийэ ханнык да буруйдааҕы булан суукка киллэрбэтэх. Утуу-субуу быраас, бизнесмен, участковай уонна милиционер автоматынан ытыллан өлөрүллүбүттэр. А.Тараны уорбалаан хаайыыга сытыаран силиэстийэлээбиттэр эрээри буруйдааҕы булуу уустугурбут.

А.Таран камератыгар этэн биэрээччи силиэстийэ үлэһитин олордубуттар. Сотору А.Таран бу киһиэхэ хайдах өлөртөөбүтүн кэпсээн биэрбититтэн, кини өлөртөөбүтүн быһааран сууттаабыттар. Оҕолорун иэстэспит киһиэхэ 23 сылы биэрбиттэр.

Кавказ омуктарыгар хаанынан иэстэһии билигин да умнулла илик. Онно киһини мээнэ өлөрөн кэбиһии ханнык да иэстэбилэ суох хаалбат. Суут-сокуон буруйдааҕы булан сөптөөхтүк сууттаан миэрэ ылбатаҕына өлбүттээхтэр аймахтара бэйэлэрин былыргы сууттарынан сууттуохтарын сөп.

Киһини өлөрөн кэбиһии диэн ханнык да сиэргэ баппат, олус улахан хара айыы буоларынан хайаан да эппиэтэ, иэстэбилэ кэлиэхтээҕэ былыр-былыргыттан олохсуйбут. Ол аата оҥоруллубут буруйга эппиэтинэһэ тэҥ буолара былыргыттан тутуһуллар эбит.

Киһини кырбаан өлөрбүт киһини тааһынан тамнаан өлөрүү иэстэбил тэҥ суолталанарын, дьайыыланарын үөскэтэр. Билигин дьону кырбаан өлөрөөччүлэр элбээн туралларыттан, бу былыргылар туттар ньымаларын туһаныахха сөп буолла.

Сахаларга “Хаан-хааҥҥа” диэн биллэр этии эмиэ ити иэстэбил сокуонугар олоҕурар уонна тохтубут хаан хаанынан төлөнүөхтээҕин быһаарар. Итини тэҥэ “Өлөрсүбүтү өлөрөн кэбиһиллэр” диэн этиини билигин даҕаны туһаныахха сөп. Ол курдук биир эмэ киһини өлөрбүтэ чахчы биллэр киһи араас сабынар ньымаларынан туһанан суукка-сокуоҥҥа түбэспэккэ сылдьарын туһунан суруйуулар бааллар. Буруйа суох киһини өлөрбүт киһи күн сиригэр сылдьыа суохтаах.

Соруйан киһини өлөрбүт киһи өлөрүллэрэ ордук буолуо, олоххо тэҥнэһиини олохтуо этэ. Киһини өлөрбүт киһи хаана ыарыыр, бу быһыытын өссө хатылаан оҥорор кыахтанар. Элбэх киһини өлөрөр маньяктар бастакы өлөрүүлэриттэн тутуллубатахтара тардан, өссө өлөрөн иһэллэрин салгыылларыттан элбэх киһини өлөрөллөр.

Ыар буруйу оҥорбут киһи буруйун билинэн өр кэмҥэ үлэлээн уонна үчүгэй быһыылары оҥорон көннөрүннэҕинэ эрэ, саҥа үчүгэй үгэстэр үөскээннэр киһилии быһыыланыан, өйө-санаата көнүөн, үчүгэй быһыылары оҥоруон сөп.

Бу “Өлөрсүбүтү өлөрөн кэбиһэр – өбүгэ үгэһэ” диэн өс хоһооно сокуон суруллан туттуллуон иннинэ киһи киһини атаҕастаабатыгар, өйө-санаата тупсуутугар оҥорбут өҥөтө ханнык да кээмэйинэн кыайан кээмэйдэнэр кыаҕа суох. (1,46). Ол курдук киһи киһилии быһыылары оҥороругар ханнык эрэ ыгааһын, хааччах баар буолара эрэ тириэрдэр кыахтааҕын билиниэхпит этэ. “Көҥүлүнэн барыы, талбытынан сылдьыы” киһи быһыыта буолбатах, хааччахтаннаҕына эрэ табыллар. Итини тэҥэ киһини өлөрөн куһаҕан майгыламмыт киһини суох оҥоруу, үчүгэй майгылаахтар элбээһиннэригэр тириэрдибитэ ордук улахан суолталаныан сөп.

Киһи доруобуйатыгар хаана олус улахан оруолу ылар, эккэ-сииҥҥэ наадалаах эттиктэри тарҕатар, хомуйар аналлаах. (2,0). Сахалар киһини “Хабахтаах хааҥҥа” холууллар, кыра эрдэхтэн сэрэннэрэ үөрэтэллэр, эттэрин-сииннэрин харыстыырга ыҥыраллар.

Төһө да сайдыыны ситистибит диэтэрбит дьон өйө-санаата сайдара, бары киһилии быһыыланаллара билигин да ыраах курдук. Дьону өлөрүүлэр, хааннарын тоҕуулар билигин да таһаарылла тураллара аҕыйаабат.

Туһаныллыбыт литература

1. Саха өһүн хоһоонноро=Якутские пословицы и поговорки. – Якутск: Бичик, 2017. – 256 с.

2. Каженкин И.И. Айылҕа бэйэтин ыраастанар. – Дьокуускай: РИО ГУ РИМЦ, 2008. – 80 с.