Фреска

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Рим фреската, б. э. инн. 40-30 с.

Фре́ска (ит. fresco — сибиэһэй), aффреско (ит. affresco) — сииктээх сыбахха оҥоһуллар живопись көрүҥэ, эркиҥҥэ уруһуйдааһын ньымата, «а секко» (кураанах, сиигэ суох эркиҥҥэ уруһуйдааһын). Сыбахха баар испиэскэ куурарыгар чараас дьэҥкир суба үөскэтэр, ол суба фресканы үйэлээх оҥорор.

Устуоруйата

Хаһан баар буолбута чопчу биллибэт эрээри, Эгей култууратын кэмигэр киэҥник тарҕаммыта (б. э. инн. 2-с тыһ. с.). Үйэлээх буолан Антик эйгэҕэ киэҥник туттуллубута. Кэлин христиааннар таас храамнарын ис бараанын (сороҕор тас өттүн кытта) киэргэтэргэ туһаммыттара. 

Европаҕа Барҕарыы кэмигэр эркиҥҥэ уруһуйдааһын худуоһунньук таһымын сүрүн кээмэйэ буолбута[1]. Ол саҕана Италияҕа фреска ньыматынан уруһуйдааһын чыпчаал сайдыыта бэлиэтэнэр.

Быһаарыылар

  1. С. Дзуффи Большой атлас живописи. — М.: Олма-Пресс, 2002. — С. 134. — 431 с. — ISBN 5-224-03922-3

Литэрэтиирэ

  • Чернышёв Н. М. Искусство фрески в Древней Руси: Материалы к изучению древнерусских фресок / Художник С. И. Колемаскин. — М.: Искусство, 1954. — 104, [64] с. — 10 000 экз. (в пер.)
  • Методика реставрации монументальной живописи из археологических раскопок. Государственный Эрмитаж. Лаборатория научной реставрации монументальной живописи. — СПб., 2002.
  • Киплик Д. И. Техника живописи. — М.: Сварог и К, 1998. — ISBN 5-85791-034-4.
  • Лентовский А. М. Технология живописных материалов / А. М. Лентовский. — Л.; М.: Искусство, 1949. — 220 с. — 5 000 экз.

Сигэлэр