Федоров Михаил Александрович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Федоров Михаил Александрович, (1936 с. кулун тутар 10 күнэ, Күүкэй нэһилиэгэ, Сунтаар оройуона, Саха АССР2018 с.), РСФСР үөрэҕириитин туйгуна.

Олоҕун олуктара

1936 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бүлүүтээҕи педучилишены 1961 сыллаахха бүтэрэн төрөөбүт дойдутугар алын кылаас учууталынан ананан үлэтин саҕалаабыта. Оскуола хаста да сабылла сыспыта эрээри, Михаил Александрович уонна Прокопий Филиппович туруорсууларынан сабыллыбатаҕа, иккиэйэҕин да буоллар үөрэнээччилэргэ чиҥ билиини биэриигэ айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Михаил Александрович идэтигэр олус бэриниилээх, ис дууһатыттан олус кыһаллан үгүс сыратын биэрэн, ааҕарга-суоттуурга үөрэтэн, билии киэҥ аартыгын арыйарга тирэх буолбут учуутал.[1][2]

Наҕараадалара, ытык ааттара

  • РСФСР үөрэҕириитин туйгуна.
  • Саха АССР үөрэҕириитин министиэристибэтин Бочуотунай Грамотата[3].

Аатын үйэтитии

  • Федоровтар оҕолоро учуутал ийэлэрин, аҕаларын ааттарын үйэтитэн алын кылааска эбиэт кэнниттэн ыытыллар эбии дьарыкка элбэх ситиһиилээх, киэҥ көрдөрүүлээх үөрэнээччигэ 2016 сылтан анал стипендия олохтообуттара.

Кини туһунан суруйуулар

  • “Учительская семья – хранитель лучших традиций” - // Күүкэй: сүүс саастаах оскуола сэһэнэ. – 2019с – 160 с
  • Педагогическая энциклопедия  V том - //2015 г стр.  431
  • А.К.Акимов аатынан Күүкэй орто оскуолата - // Сунтаар улууһугар норуот үөрэҕириитин сайдыыта – 2009 с. стр 106

Быһаарыылар

  1. А.К.Акимов аатынан Күүкэй орто оскуолата - // Сунтаар улууһугар норуот үөрэҕириитин сайдыыта – 2009 с. стр 106
  2. “Учительская семья – хранитель лучших традиций” - // Күүкэй: сүүс саастаах оскуола сэһэнэ. – 2019с – 160 с
  3. Педагогическая энциклопедия  V том - //2015 г. стр  431

Сигэлэр: