Федоров Иннокентий Аполлонович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Федоров Иннокентий Аполлонович - Саха сирин үүнээйилэрин чинчийэр ботаник учуонай, киһи үүннэрэр үүнээйилэрин популяциятын биологиятынан, экологиятынан уонна физиологиятынан дьарыктанар, урут үүнэ сылдьыбыт үүнээйилэри айылҕаҕа үүнэллэрин ситиһэр үлэннэн Саха сиригэр бастакылартан биирдэстэринэн дьарыктаммыта, ону таһынан эмтээх үүнээйилэри чинчийэр.

Олоҕун олуктара

1959 сыллаахха Дьокуускайга төрөөбүтэ. Криолитозона биологиятын кыһалҕаларын үнүстүүтүгэр үлэлиир. 1989 с. — ботаника саадын олохтоох үүнээйилэри интродукциялыыр лабораториятын үрдүкү билим үлэһитэ. 2001 – 2009 сс. Дьокуускайдааҕы ботаника саадыгар салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ.

Чинчийэр үлэтэ

Саас ыһыллар рапс 100 суордун олордон, ону чинчийэн 1989 с. “Обоснование элементов региональной технологии ярового рапса в Центральной Якутии” диэн үлэни суруйбута, уонна Ленинградка тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаатыгар диссэртээссийэтин көмүскээбитэ.