Уорума
Уорума диэн сахалар таҥараларын үөрэҕин этиитэ.
Олус былыргы Уоруу диэн киһи өйүн-санаатын туругуттан улахан тутулуктаах куһаҕан майгы буоларынан аналлаах хааччахха наадыйарын бары государстволар сокуоннара уорууну боболлоро бигэргэтэр.
Уоруу диэн бэйэ киэнэ буолбатаҕы, атын дьон бас билиилэрин ыйыппакка, көҥүллэппэккэ, биллэрбэккэ эрэ ылыы, туһаныы ааттанар. Итини тэҥэ дьон билбэтинэн, кистээн тугу эмэ оҥоруу эмиэ уорууга киирсэр. Олус былыргы кэмнэргэ бас билии саҥа үөскээн эрдэҕиттэн ыла уоруу баар буолбутугар сөп. Ол кэмнэртэн ыла салҕанан баран иһэр уоруйахтары кытта тохтообот охсуһуу, оннооҕор сайдыылаах дойдуларга суох буолара ыраах.
Уоруу хас да суол араастардаах:
1. Дьон олоҕор уонна бэйэ-бэйэлэрин сыһыаннарыгар улахан куттала суох кыра уоруулары оҥорооччу кыраһыт эбэтэр бытархайдьыт диэн ааттанар уонна кыра, бытархай маллары «кып» гыннаран биллибэтинэн ылар, уорар. Бу киһи оҕо эрдэҕинэ элбэхтик бобууга-хаайыыга сылдьыбыт, «Тугу да тыытыма, ончу ылыма» диэн бобууну элбэхтик билбит оҕо буолар. Сонургуу көрбүтүн барытын атын киһи билбэтинэн, көрбөтүгэр тыыта, ыла үөрэммитэ иҥэн хаалан кыраһыт буолан хаалар.
2. Ылыгас – ылыахха сөптөөх сытары барытын ылан, хомуйан иһэр киһи. Кини ымсыырар санаатыттан элбэхтэ ыла үөрэммитэ үгэс буолан иҥэн хааллаҕына, ылан иһэр дьарыгыттан бэйэтэ эрэйдэниэн, элбэх харчылаах да сылдьан ыла үөрэммитэ тардарыттан, ыларын тохтотумуон сөп.
Кыра эрдэҕиттэн кыра-кыралаан ыла сылдьар киһи кэлин, онто үгэскэ кубулуйдаҕына, аны ылбатаҕына табыллыбат, туга эрэ тиийбэт буолбут киһиэхэ кубулуйуон сөбө үгэс үөскээһинин уонна салгыы дьайыытын, киһини бэйэтин салайарын толору быһаарар.
Биирдэ эмэтэ арыгыны аһара иһэн кэбиһэр аҕаларын быстахха туттуом диэн хайа эрэ сиэбин түгэҕэр хаһааммыт аҕыйах харчытын кыра оҕотунан булларан ылларар ийэ оҕотун уоруйах, бытархайдьыт оҥорор. Оҕо ол оҥорор быһыыта куһаҕан үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэн хааларыттан хаһан баҕарар, бу быһыытын оҥоро сылдьара, кэнники ылыгас оҥорор.
Ымсыыта аһара барбыт киһи бэйэтэ атыылаһан, хайаан кыайан булумматаҕына, ымсыырарын, баҕарарын кыаммакка, ылыгаһа улаатан уоруйахха кубулуйар. Уоруу диэн оҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэнэн хаалбыт үгэһэ буоллаҕына, кыайан бырахпакка өр эрэйдэнэр.
3. Уоруунан дьарыктанар, дьоҥҥо улахан хоромньуну биллэрбэккэ эрэ оҥорор киһи уоруйах диэн ааттанар уонна дьон быраабын, көҥүлүн, баайын-малын харыстыыр сокуоннардаах государствоҕа табыллан олорбот.
Кыра эрдэҕиттэн сыыһа иитиллэн хаалбыта кыраһыт оҥоруон сөп буоллаҕына, улаатан өйө-санаата сиппитин кэннэ түргэнник, улахан эрэйэ, үлэтэ-хамнаһа суох элбэҕи түргэнник булунуу, байыы-тайыы өйө-санаата эдэр киһини уоруу диэки үтүрүйэр.
Оҕо уорбута, ыйытыыта суох ылбыта биллэрин кытта төрөппүттэр бу дьыалаҕа сыһыаннарын оҕолоругар хайаан да биллэрдэхтэринэ эрэ табыллар. Бу оҥорбут быһыытын куһаҕан диэн эттэхтэринэ, тохтоттохторуна, кырдьык куһаҕан эбит диэн итэҕэйэн аны оҥорбот буолуон сөп эбэтэр хайҕаан эҥин, тэптэрэн биэрдэхтэринэ, өссө элбэхтэ хатылаан уоруйах буоларыгар олук ууруохтара. Ылбыт, уорбут оҕону тэптэрэн, киһиргэтэн биэрии эбэтэр көннөрү билбэтэҕэ-көрбөтөҕө буолуу «Уоруйаҕы кытта олордоххуна, уоруйах буолуоҥ» диэн этии дакаастабылынан буолар.
Оҕо улаатан иһэн туох оҥорор быһыытын барытын атыҥҥа, урут оҥорбутугар тэҥнээн көрөн быһааран ылынарынан бэйэтигэр туһалаах быһаарыыны уруттаан оҥорор. Баҕара саныыр туга эмэтэ тиийбэтиттэн онтун ситэрээри, толороору биирдэ эмэ уорбута табыллан, туһалааҕа билиннэҕинэ өссө уорууну оҥорор.
Уоруллубуту хайдах туһанартан уонна тугу уорбуттан уоруу тус-туспа араастанар:
1. Бэйэ туһугар туһанаары ыллахха, уоран ылыы диэн ааттанар.
2. Тугу эмэ биллэрбэккэ ылан атын дьоҥҥо биэрдэххэ, уоран биэрдэ диэн этэллэр. Уоруу бу уратыта уорааччыны уонна туһанааччыны тус-туспа араарарынан улахан уоруйахтар туһанар ньымаларыгар киирсэр.
3. Дьон билбэтинэн уоран ону-маны, бэйэҕэ туһалааҕы оҥоруу эмиэ уорууга киирсэр.
Биэрбит тылы толоруу киһиттэн улахан эппиэтинэстээх буолууну эрэйэр. «Мин эппит тылбын хайаан да толоробун» диэн этии эппиэттээх үлэҕэ киириигэ олус наадалаах көрдөбүл буолар. Үлэһит үлэтигэр эппиэттээхтик сыһыаннаһара, тэрилтэтин баайын-малын харыстыыра, уорбата ханнык баҕарар үлэҕэ тутуһуллуохтаах сүрүн көрдөбүлүнэн ааҕыллар.
Элбэх массыыналар турар гаражтарын харабыллыы олорор уолга түүн табаарыстара тиийэн кэлбиттэригэр арыгы уонна пиибэ испиттэр, тойоннорун «Тойота-Сурф» диэн улахан джибигэр киирэн кэпсэтэ-кэпсэтэ олорон, тутан-хабан көрбүттэр. Холуочуйбут уолаттар ымсыырбыт санааларыгар маннык үчүгэй массыынанан ким да билбэтигэр кыратык хатааһылыырга сөп курдук буолбут.
Массыынаны гаражтан таһааран куорат устун хатааһылыы сылдьыбыттар. Бу сырыттахтарына ГАИ үлэһитэ түбэһэ түһэн тохтотоору илиитин ууммутугар ааһа көтүтэн куоппуттарын, эккирэппиттэр. Прокуратура дьиэтин таһынан олус түргэнник ааһан иһэннэр уулусса кытыытыгар турар «Волга» массыынаны таарыйан, онтон оҕустаран, уулуссаттан туора сүүрдэн тахсан мэһэйгэ түспүттэр.
ГАИ үлэһиттэрэ ыытан испит уолу саба түһэн тутан ылбыттар, бу кэмҥэ табаарыстара ойон түһүтэлээн куота охсон хаалбыттар. Тоҕо түһүүттэн джип крылота, бампера улаханнык алдьаммыттар. Алдьаммыт массыына хаһаайына массыыната оҥоруллар сыанатын түргэнник төлөөбөтөххүтүнэ уолу хаайыыга да ыытыам диэн төрөппүттэригэр тиэтэллээх илдьит ыыппыт.
Билигин эдэрдэр арыгы иһэн холуочуйдулар даҕаны ханнык да сиэри-туому, сууту-сокуону, үөрэҕи-билиини таһы-быһа умналлар, омуннурбуттарын күүһүттэн өйдөрүн туома көтөр, харахтарын тиэрэ көрөллөр, оннооҕор үлэлии сылдьар үлэлэрин умналларыттан харабыллыы олорор массыыналарынан күүлэйдээһини тэрийэллэр.
Арыгы испит улахан киһи маннык быһыытын арай сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ эрэ табатык быһаарар. Кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр олус атаахтык иитиллибит, көрүллүбүт киһи итирдэҕинэ өйө көтөн ийэ кутун салайыытыгар киирдэҕинэ «үчүгэйи уонна куһаҕаны» араарбата таайан, «Көҥүлүнэн баран», ымсыы санаата баһыйан итинник күүлэйдээһини оҥорор. Арыгы иһэн өйө-санаата буккуллан сырыттаҕына, миэхэ бары-барыта көҥүллэнэр диэн кыра эрдэҕинээҕи атаахтыыр санаата баһыйан сиэрэ суохтук быһыыланар кыахтанар.
Кыра эрдэҕиттэн атаахтык, көҥүллүк иитиллэн ханнык да эппиэтинэскэ үөрэтиллибэтэх киһи үлэтигэр эмиэ эппиэтинэһэ суохтук сыһыаннаһарыттан уоран күүлэйдиир санааланар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр былыргы сахалар харахтаахха көрдөрбөккө, бэйэлэрэ, кыра эрдэхтэринэ хайдах иитиллибиттэрин курдук иитэн-үөрэтэн улаатыннараллара билигин даҕаны улахан туһалаах буолар.
Бэйэтэ үлэлии-хамсыы, оҥоро-тута үөрүйэҕэ суох киһи онто-манта тиийбэт, баҕара саныыра суох буолан хааллаҕына, кыра эрдэҕинэ атаахтык, барыта бэлэмҥэ үөрэммитэ тардан, чэпчэкитик кэлэри, дьон бэлэмин, уоран ылан туһаныы диэки салаллан хаалар. Барыта бары чэпчэкитик, туох да эрэйэ суох көстөрүгэр, бэлэмҥэ үөрэниитэ бэйэтэ үлэлээн-хамсаан ону-маны булунар өйүн-санаатын суох оҥорон, уоруйах буолуутугар тириэрдиэн сөп. Олус бэлэмҥэ үөрэммит оҕо туга эмэтэ тиийбэтэҕинэ өссө дөбөҥнүк, туох да эрэйэ суох көстөрү көрдүү сатыыр санаатыттан бэлэми ылыы, уоруу диэки өйө-санаата урут-бастаан салаллар кыаҕа улаатар.
Киһи кыра эрдэҕиттэн үлэлии-хамсыы үөрэммэтэҕинэ, үлэттэн-хамнастан, бэйэтэ оҥорбутуттан, ситиһиититтэн кэлэр үчүгэйи, туһалааҕы билбэт, үөрбэт буоллаҕына, тугу эмэ булунар баҕа санаата киирдэҕинэ түргэнник уонна улахан эрэйэ суох көстөрү ситиһэ охсоору уоруу диэки салаллар кыахтанар.
Үтүктэр, батыһар дьоммутугар «Вор в законе» диэн үйэлээх өйдөбүл баара уоруйахтар туспа сокуоннардаах бөлөхтөрүн өйүн-санаатын тарҕатарынан, эдэрдэри угуйар күүскэ кубулуйан уоруйахтар аҕыйыылларыгар көмөлөспөт. Эдэрдэргэ атын, үчүгэйгэ туһуламмыт, ол диэки ыҥырар, хамсааһыны үөскэтэр үйэлээх өйдөбүллэр туһалыа этилэр. Биһиэхэ олохпут сайдыытын, тупсуутун, үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта улаатарын ситиһиигэ саха эдэр ыччата бары кыаҕын ууруон сөптөөх кэмэ буолла. Атын сирдэргэ холоотоххо биһиэхэ араас; тыа сирин, промышленность үлэтэ-хамнаһа сайдан иһэринэн эдэрдэр сайдыыны ситиһэр баҕа санааларын олоххо киллэрэр кыахтара элбэх.
Үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта кыччааһына, аҕыйааһына уоруйахтар элбээһиннэригэр тириэрдэр диэн этии өй-санаа төрүт тутулуктарыгар сөп түбэспэт. Киһи өйө-санаата ханнык дьыалалары, быһыылары бастаан оҥорору быһаарара барыта ийэ кута хайдах иитиллибититтэн уонна үлэлии үөрэммититтэн ордук улахан тутулуктаах. Кыра эрдэҕиттэн уорума диэн үөрэҕи билэр оҕо, бэйэтигэр төһө да суоҕун иһин, хаһан да уорумуон, атын киһи бас билиитигэр илиитин уунан, ылымыан сөп.
Хас биирдии төрөппүт оҕото улаатан, үөрэнэн, үлэлээн-хамсаан киһи быһыылаахтык олоҕун олороругар, аймахтара салҕанан, быстан, симэлийэн хаалбаттарыгар баҕара саныыр. Оҕо өйө-санаата, бэрээдэгэ, баайга-малга, үлэҕэ-хамнаска сыһыана кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үөскээн олохсуйарын төрөппүттэр хайаан да билэллэрэ, оҕолорун иитиигэ туһаналлара эрэллээх, туруктаах өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэрдээх буолууларыгар тириэрдэр суол буолар. (1,67).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.