Уломжинскэй Василий Романович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Уломжинскэй Василий Романович (1911—1997) — Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Ытык киһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэhитэ.

1911 сыллаахха алтынньы маҥнайгы күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Иккис Наахара нэhилиэгэр тѳрѳѳбүтэ. 1934 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педтехникуму, 1938—1940 сс. пединституту үѳрэнэн бүтэрэн история учуутала идэни ылбыта.

Уломжинскай В. Р. педагогическай үлэтин Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Дьаҥхаады ситэтэ суох орто оскуолатыттан саҕалаабыта. Иккис Наахара, Мэлдьэхси, Төҥүлү оскуолаларыгар өр сылларга учууталлаабыта, саабыстаабыта, дириэктэрдээбитэ. Бастакы Холгума, Ходоро нэhилиэгин 81 киhитэ байыаннай үѳрэ5и барбыта.

Үѳрэтии методикатын толору баhылаабыт учуутал этэ. Үѳрэнээччилэрин былыр буолан ааспыт кэмҥэ сатаан тиэрдэр уус-уран тыл маастарын уруоктара умнуллубаттар. Кини үѳрэппит о5олоро киэҥ билиилэринэн, картанан сатаан үлэлиилэринэн сѳхтѳрѳллѳрѳ.

Василий Романович үѳрэнээччилэрин кытта сайын да арахсыбакка бииргэ сылдьара. Сүүрбэhис үйэ 60-ус сылларыгар улууска биир бастакынан сайыҥҥы үлэ-сынньалаҥ лаа5ырын тэрийбитэ уонна уонтан тахса сыл салайбыта. Лааҕырга оҕолор оттууллара, кирпииччэ үктүүллэрэ, оҕуруот аhын үүннэрэллэрэ. Улууска куруук бастыҥ кѳрдѳрүүлэнэллэрэ. 70-ус сылларга улууска бастакынан эдэр лектордар группаларын тэрийбитэ. Нэhилиэк агитзоналарынан араас бэсиэдэлэри, лиэксийэлэри ааҕаллара.

Уломжинскай В. Р. общественнай олоххо актыыбынайдык кыттара. Лектор, общественнай корреспондент этэ. Нэhилиэк устуоруйатын сирийэн үѳрэппитэ. Ол матырыйааллара билигин даҕаны туhаныллаллар. Эдэригэр уhулуччулаах спортсмен этэ, кылыыга тэҥнээҕэ суоҕа.

Наҕараадалара

«А5а дойдуну кѳмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иhин» мэтээлинэн, Үѳрэх Министиэристибэтин Бочуоттаах грамоталарынан наҕараадаламмыта. Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Ытык киһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүѳлээх үлэhитэ.