Угут Күөл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Угут Күөл (нууч. озеро с обильной водой) — Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр баар киэҥник биллэр сыһыы (62°29'48.5"N 117°37'24.3"E). Элгээйи нэһилиэнньэлээх пуунуттан 5 км. тэйиччи сытар. Угут Күөлгэ ыһыахтыыр паарка, оҕо сынньалаҥ лааҕыра, сайылыктар бааллар.

Географията

Бүлүү өрүс сүнньүтүгэр хочотуҥу сыһыы. Иэнэ 998 га. Урукку кэмнэргэ ситимниир уу тымырдара суох буолан бэйэтэ бэйэтигэр күөлүн уута элбиир уонна аҕыйыыр этэ. 2017 сылтан хоруу хаһыллан толору ууланнаҕына Харыйалаах үрэххэ түһэр. Угут Күөл түөлбэ сыһыылартан (хонуулартан) турар: Батакай - (арҕаалыы-соҕуруу), Силип Солооһуна (арҕаа), Турку - (хотугулуу-арҕаа), Уһун Атах (хотугулуу-арҕаа), Харба (хоту) Көлүйэ (хотугулуу-илин), Дьөссөк (илин), Мэчэкэ (соҕуруулу илин), Торулуур (соҕуруу), Бэрэ. Соҕуруу сытар тиит, бэс уонна хатыҥ булкаастаах арыы ойуур ыһыахтыыр сиргэ кубулуйбут. Урут-уруккуттан биэс күөллээх: "Билии", "Угут Күөл", "Турку", "Харба", "Көлүйэ", угут дьылларга бу күөллэр бэйэ-бэйэлэрин кытта силбэһэллэр. Күөллэригэр собо балык сөбүлээн үөскүүр, кус-хаас түһэн ааһар, кураанах кустар үөскүүр сирдэрэ.

Климат

Историята

Угут Күөл дириҥ историялаах, былыр-былыргыттан сахалар үөскээн олорбут түөлбэлэрэ, Угут Күөл сыһыыларын тула хас да өтөх онно бааллара туоһулууллар. Ситэ чинчийиллэ-үөрэтиллэ илик. Киэҥник биллиитин Семен Максимович Журавлев, Элгээйи совхоһун бастакы директора Угут Күөлү ыһыахтыыр сир оҥостоллоруттан саҕаланар.

Совхоз саҕана Мэчэкэ фермата, Көлүйэ диэн сайылык, Угут Күөл диэн нэһилиэнньэлээх пуун бааллара биллэр.

Билигин Угут Күөлгэ 50-тан тахса сири туһанааччы оттуур сирдээх.