Төлкө (арамаан)
Төлкө (арамаан) — Саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай XIX уонна XX үйэлэр кирбиилэригэр Саха сиригэр буолбут тыҥааһыннаах быһыыны-майгыны ойуулаан суруйбут арамаана.
Арамаан суруллуута
1940-с сыллар иккис аҥаардарыгар проза уустук уонна бөдөҥ жанрыгар ылсыбыта. Суруйааччы өр сыллаах үлэтин түмүгэр "Төлкө" диэн ааттаах трилогия (1947-1964) суруллубута. Саха норуотун олоҕун тосту уларыйар кэмин, норуот уонна киһи дьылҕатын көрдөрөр бу бөдөҥ айымньыны чинчийээччилэр эпопея-арамааҥҥа киллэрэллэр. Арамаан киэҥ кэми, элбэх буолан ааспыт событиелары хабан көрдөрөр, оччотооҕу саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын, дьылҕатын сиһилии көрдөрөр историческай хабааннаах арамаан буолар. Николай Якутскай бу айымньытыгар норуот сэһэннэрин, үһүйээннэрин тоҕоостоохтук туһанар. Ол курдук Орто Бүлүү кулубатын Харатаайап кыыһын туһунан Саха сирин араас муннуктарыгар тарҕаммыт норуот сэһэнин туһаммыта биллэр.
Сүрүн дьоруойдара
Арамаан сүрүн дьоруойдара Маайа уонна Сүөдэр буолаллар. Маайа - Орто Бүлүү кулубатын Харатаайап баар-суох соҕотох кыыһа. Сүөдэр - Нам Дьаакыбылап кулуба хамначчыта, сылгыһыт уол.
Арамаан чаастара
I кинигэтэ "Хараҥа түүн"
Бастакы кинигэҕэ Орто Бүлүү кулубатын Харатаайап кыыһа Маайа уонна хамначчыт, сылгыһыт Сүөдэр бэйэ-бэйэлэрин таптаһан, турар бэйэлэрэ тахсан баралларын туһунан бэрт кэрэхсэбиллээхтик суруллар.
II кинигэтэ "Халлаан сырдыыта"
Иккис кинигэтигэр Маайалаах Сүөдэр бириискэлэригэр тиийэн дьол-соргу тардыһалларын ойуулуур. Бу манна Ленатааҕы событиелар, үлэһит кылаас ыраахтааҕы былааһын утары турбут маҥнайгы хабыр киирсиитэ сиһилии ойууланар.
III кинигэтэ "Күн тахсыыта"
Үһүс кинигэҕэ революция уонна гражданскай сэрии сылларыгар саха норуота бэйэтин көҥүлүн иһин охсуһуута, саха советскай автономията олохтонуута сүрүн миэстэни ылаллар.
Быһаарыылар
Бу кинигэҕэ сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |