Түүртэн төрүттээх устудьуоннар университеттара. (Бу ыстатыйа күрэскэ кыттар)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Түүртэн төрүттээх устудьуоннар университеттара. (Бу ыстатыйа күрэскэ кыттар)

Профессор Кулбек Сарсенович кэпсииринэн, Ахмед Яссави аатынан Туркестан куораттааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы Казах уонна турок университетыгар 18000 устудьуон үөрэнэр эбит. Кинилэр 32 араас түүр төрүттээх норуоттартан сүүмэрдэнэн кэлэн үөрэнэллэр. Турция түүр оҕолоро үөрэнэллэригэр анаан хас сыл аайы 200 миэстэни арыйар. Оҕолору университет үлэһиттэрэ бэйэлэрэ түүр түөлбэлэрин кэрийэ сылдьан хомуйаллар эбит. Холобура, 2013 с Саха сирин оҕолоругар 15 миэстэни анаан үөрэххэ ылбыттар. Саамай киһи сэргиирэ оҕолор үөрэххэ туттарсыыларын, барыы-кэлии төлөбүрүн университет бэйэтэ уйунар. Өссө оҕо устудьуон буоллаҕына, 150 доллар истипиэндьийэлэнэр. Бу биһиги харчыбытынан 9-10 тыһыынча буолар. Үчүгэйдик үөрэнэр буоллаҕына эбии 75 дуоллары ылар. Устудьуон бастакы сылыгар дьону кытары болоруһарыгар ыарырҕаппатын диэн, холобур, Саха сириттэн сылдьар оҕолору сахалыы билэр үөрэтээччигэ сыһыараллар эбит.

Бу университекка үөрэнэр оҕолор араас идэни барытын баһылыахтарын сөп. Ол курдук тюрколог идэтиттэн саҕалаан, экэнэмиискэ тиийэ үөрэниэхтэрин сөп эбит.

Мин, түгэн көстүбүччэ, бу университеты бүтэрэн «Гостиничное хозяство, туризм» идэтинэн «Риксос Хадиша Шымкент» диэн 5 сулустаах бизнес-отельга үлэлии сылдьар Игорь Янков диэн эдэр киһи туһунан сырдатыахпын баҕарабын. Игорь оскуолаҕа үөрэнэр кэмиттэн төрөөбүт норуотун историятын интэриэһиргээн араас научнай кэмпириэнсийэлэргэ кыттан улааппыт. Кини суруйааччы А.Г.Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа оскуолатын бүтэрбит. Билигин учууталларыгар махтанарын биллэрэр. Бу оскуолаҕа үлэлиир учууталлар үөрэтэр оҕолорун инники дьылҕатыгар, идэтин таба тайанарыгар үтүө сабыдыаллаахтара, билиҥҥи оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕолорго, учууталларга, уһуйааччыларга үтүө холобур буолар. Биһиги оҕолорбут уруулуу түүр омуктары үөрэтэр кыһаҕа үөрэнэн идэ ылаллара, киһи быһыытынан сайдаллара олус кэрэхсэбиллээх, суолталаах, олоххо умнуллубат түгэн буолар.

Ааптар Хабырыыл кыыһа.

Туһаныллыбыт литература:

1. Бүөтүр Бөтүрүөп. Биир силистээх-мутуктаах дьоммут. «Кыым» хаһыат. 2013. от ыйа.

2. Игоь Янков. Казахстантан махтал Кэскил. 2019. Ыам ыйа.