Түмэн (түмсүү)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Түмэн — Саха Сирин кэскиллээх ыччатын түмсүүтэ. 1992 с. «Тобул» диэн интеллектуальнай кулууп быһыытынан арыллыбыта. Онтон 2003 с. «Түмэн» диэн ааттанан билиҥҥэ диэри үлэлии-хамныы турар.

Түмсүү сыала-соруга:

  • Айыы күүһүн толоро, дойдубут айылҕата, өрүү чэчирии үүнэрэ;
  • Айыы киһитин сиэринэн, киһи аймах үрдүк аналын толоро, кэрэни, сырдыгы батыһа дьоллонон олороро.
  • Саха тыынын уота уостубаттыы тарҕана умайара;
  • Омукпут үйэлэр тухары бөҕө, кытаанах туруктаах сандаара сайдара;
  • Саха ыччата күүстээх ыраас санаалаах, кэскилигэр эрэллээх буолара;