Тылбаас итэҕэһэ
Тылбаас итэҕэһэ хас да көрүҥнээх, араас төрүөттээх.
1. Тылбааска тиэкис ис хоһоонун итэҕэһэ маннык араастаах:
а) информацияны токурутуу (искажение): Холобур, "К Керн": В глуши, во мраке заточения... / Хараҥа хаайыыга, түҥ тыаҕа (М. Тимофеев) - хаайыыга, Пушкин хаайыыга олорботоҕо; "Был Сережа именинник, и подарили ему... и волчки, и кони..." (Л. Толстой "Птичка") / ... киниэхэ бөрөчөөннөрү, аттары бэлэхтээбиттэр (волчок - бөрө буолбатах, юла, мас ойуун);
б) халбаҥ тылбаас (неточность, двусмысленность): П.А. Слепцов АЕК, АИС, НДН айымньыларын тылын-өһүн ырыппыта. ПАС, АЕК, АИС, НДН - б.у.ч. курдук өйдөнөр, бастакы суруйааччылар диэн кыбытыахха сөп; Государственный театр оперы и балета / государственнай опера уонна балет театра ( государственнай опера диэн суох, государственнай театр баар);
г) мунаах, өйдөммөт тылбаас (неясность): Бырайыак оҕо тэрилтэлэрин, ситимнэрин эбэтэр уопсайынан секторын эргимтэтигэр ордук көдьүүстээх (Конкурс балаһыанньата);
ҕ) информацияны көтүтүү (потеря информации) икки араастаах:
- сөптөөх көтүтүү (закономерные потери);
- сөбө суох көтүтүү (нежелательные потери).
Тылбаас ис хоһоонугар тахсар алҕас маннык төрүөттээх:
- тылбаасыт предмет ис хоһоонун билбэт (ол иһин специализация баар);
- ону өйдүү сатаабат;
- тыл суолтатын, кыаҕын араарбат (х-р, заточенье);
-санаатын сатаан эппэт.
Тылбаас ордук өйдөнөр буоларыгар сороҕор тиэкискэ тылы, информацияны эбэн биэрэр эбэтэр тылы көҕүрэтэр наада буолар:
- киһи дуоһунаһыгар, сир, тэрилтэ аатыгар: х-р, фирма, штат аата;
- уус-уран айымньы тылбааһыгар.