Тутуу проега - саҥаны айыы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тутуу бырайыага диэн саҥаны айыыга бэлэмнэнии буолар уонна айар диэн тылынан этиллэр.

Сахабыт сирэ сылтан сыл аайы сайдан, сир дойду аайы улахан тутуулар дьэндэһэллэр. Ордук киин куораппыт сүүнэ улахан, үтүө, мааны көрүҥнээх тутууларынан, дьон олорор дьиэлэринэн, көнө уулуссаларынан киэркэйэрэ кэлин биллэрдик түргэтээтэ.

Атын ханна да суох көрүҥнээх саҥа, улахан тутууну тутарга аан маҥнай, бу тутуу бырайыага оҥоруллар. Тутуу бырайыагын саҕалааччы – архитектор, саҥаны айааччы уонна онтун Архитектор санаабыт санаатын, араас саҥа идиэйэлэрин кумааҕыга уруһуйдаан бырайыак оҥоруутун саҕалыыр. Кини бу оҥорор бырайыагын бары араас элбэх тутуу урут оҥоруллубут нуормаларыгар, СНиП-тэргэ сөп түбэһиннэрэр. Бу араас нуормалар, СНиП-тэр уһун кэмнээх тутууну тутуу уопуттарыттан, тупсаран биэриилэриттэн хомуллан оҥоруллар буоланнар, бу тутуллуохтаах тутуу эрэллээх, тупсаҕай, аналлаах сыалыгар сөп түбэһэр буоларын хааччыйар сыалга туттуллаллар.

Ханнык баҕарар тутуу, саҥаны айыы эрэллээх, тупсаҕай буоларын бырайыак хааччыйарга аналланар уонна тутуу тутуллуон иннинэ араас экспертизалары ааһан эрэллээҕэ дакаастаннаҕына табыллар. Бырайыакка смета оҥоруллан, бу тутуу төһө сыаналаах буолара быһаарылларын тэҥэ, тутуу төһө уһун үйэлээхтик турарын бырайыак эмиэ быһаарар. Холобурга, дьон олорор дьиэлэрэ 50-тан 100 сылга диэри сүрүн конструкциялара хамсаабакка, алдьаммакка эрэ туралларын бырайыак хааччыйара ирдэнэр. Бу тутууга туттуллар бары матырыйаалларга, конструкцияларга уонна бу тутуу турар сиригэр итиччэ сыллар усталарыгар ханнык да уларыйыылар тахсыа суохтаахтар диэн бырайыак гарантия биэрдэҕинэ табыллар.

Элбэх дьоҥҥо туһалаах улахан тутуу үчүгэйи, туһалааҕы саҥаны айыыга, оҥорууга киирсэрэ ханнык да саарбаҕа суох эрээри, бары өттүнэн бөҕө, дьоҥҥо ханнык да кутталы үөскэппэтэ ирдэнэр. Бырайыак оҥорооччу саҥаны айан, субу баар, туттулла сылдьар тутуу конструкцияларын туһанан олоххо киллэриитэ ситиһиигэ, тутуу олоххо киириитигэр тириэртэҕинэ саҥаны айыы буолан тутуллан тахсар. Сорох, аһара барбыт санаалары олоххо киллэрэ сатааһын тутуу конструкцияларын оҥоруу ситэн сайда илигинэ кыаллар кыаҕа уустук, суох да буолуон сөп.

Өй-санаа саҥаны айарга үлэтин тутуу бырайыагын оҥоруу үлэтин хаамыыта дакаастыыр. Элбэх саҥаны оҥоро сатыыр архитектор санаатыгар олус үтүө көрүҥнээх, ханна да тутулла илик тутууну кумааҕыга уруһуйдаан баран, бу уруһуйун тутууну тутааччыны кытта сөбүлэһиннэрэрэ ирдэнэр. Тутуллуохтаах тутуу билигин баар туттулла сылдьар тутуу конструкцияларыгар, бары нуормаларга, СНиП-тэргэ сөп түбэһэр буоллаҕына эрэ тутуллар, архитектор саҥаны айбыта олоххо киирэр, айыы буолар кыахтанар.

Саҥа тутуу бырайыага дьиҥнээх, олоххо киирэрэ чугаһаабыт саҥаны арыйыы буолар. Бу саҥаны айа сатааһыммыт кумааҕыга эрэ уруһуйданарынан дьиҥнээх саҥаны айыы буолбакка, саҥаны айыыга тириэрдэр суол эрэ буолар. Ай диэн төрүттэн тахсан айар диэн тылынан этиллэрэ таба буолар. Бу уруһуйдаммыт бырайыакпытынан тутуу тутуллубакка хааллаҕына, бу саҥаны айбыппыт кыайан олоххо киирбэккэ, айыы буолбакка, таах хаалан хаалыан сөп. Үгүс бырайыактар тутуллубакка эрэ хаалаллара элбэх.

Бырайыак оҥоруута уустук, уһун кэми ылар. Ол барыта бырайыагынан тутуллар тутуу уһун үйэлээх, хаачыстыбалаах буолуутун хааччыйарга аналланар уонна өй-санаа сайдыытын, саҥаны айыы олоххо киириитэ уустугун чуолкайдаан билэргэ туһалыыр.

Киһи мэйиитин саҥаны айарга үлэтэ эмиэ бырайыак оҥоруутугар сөп түбэһэр. Элбэх саҥаны, ону-маны, үчүгэйи, куһаҕаны баспыт иһигэр, санаабытыгар саныыр, айан, оҥорон көрө сатыыр буоллахпытына, олорбутун барытын илэтигэр оҥорон таһаарар кыахпыт суох. Сорохторун оҥорорбутугар кыахпыт-күүспүт тиийбэтэ мэһэйдээтэҕинэ, атыттара аны куһаҕаннарын, дьоҥҥо туһата суохтарын эбэтэр буортулаахтарын билэрбититтэн оҥорбоппут, туттунабыт.

Аан маҥнай баспыт иһигэр айабыт, арыйабыт, онтон илэ оҥорон таһаардахпытына, оҥордохпутуна, туттахпытына, бу быһыыбыт дьэ биирдэ айыы буолан тахсар. Бары саҥаны оҥоруулар маннык суолунан баран истэхтэринэ сыыһа-халты буолан хаалыылара, куһаҕаҥҥа кубулуйуулара аҕыйаан үрүҥ, үчүгэй айыы буоланнар, дьоҥҥо туһаны аҕалаллара элбиир.

Үрүҥ айыыны, саҥаны оҥоруу халлаантан түһэн кэлбэт, олох таһымыттан, сайдыытыттан быһаччы тутулуктаах. Ханнык баҕарар киһи саҥаны, айыыны оҥороругар, бу саҥаны айыытыттан туох уларыйыылар, содуллар үөскээн тахсалларын эрдэттэн, айыыны оҥоруон инниттэн билэр буолара хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Сахалар үөрэхтэрэ оҕону, ситэ өйө-санаата сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илигинэ «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэр. Бу этии оҕону ситэ билбэтиттэн, билиитэ, уопута тиийбэтиттэн сыыһа-халты туттунарыттан көмүскүүр, харыстыыр аналлаах. Эдэрдэрбит, уолаттарбыт сыыһа-халты туттуналлара билигин "айыы үөрэҕин" сыыһатыттан элбээтэ.

Ханнык баҕарар саҥаны айыы маннык суолунан сайдан бардаҕына сыыһа-халты буолара аҕыйаан туһата элбиир:

1. Санааҕа оҥорон, айан көрүү.

2. Саҥаны айары кумааҕыга суруйан, суоттаан, өссө ырытан көрүү.

3. Дьиҥнээхтик илэтигэр оҥоруу.

Саҥаны айыыга тириэрдэр суоллары биир-биир ыламмыт арыыйда дириҥник ырытыахпыт:

1. Санааҕа оҥоро охсон көрөн саҥаны айыылар үгүстэрэ табыллыбаккалар, сыыһа-халты буолуулара элбэҕиттэн куһаҕан быһыылары элбэтэллэр. «Санаабычча быһыылаах» диэн сахалар саныы түстэр эрэ оҥоро охсор киһини этэллэр. Санаабычча оҥоруллан иһэр быһыылар быстах быһыылар диэн ааттаналлар уонна олоххо элбэхтик куһаҕаҥҥа тириэрдэллэр.

“Ким эрэ эттэ ээ” диэт даҕаны оҥоро охсуу сыыһа-халты буолара эмиэ элбэх. “Оҥоруох иннинэ толкуйдаа” диэн этии тугу эмэ оҥоруох инниттэн туох содул бу быһыыттан үөскээн тахсарын быһаарыыга аналланар.

Киһи күүһэ-кыаҕа тиийбэт араас баҕа санааларын олоххо киллэрэр кыаҕа суох. Араас элбэх фантазияһыттар, сорох философтар санаалара олохтон тутулуга суохтарыттан олоххо киирэр кыахтара суох, кыайан дьоҥҥо туһалаабаттар, ыра санаа эрэ буолан хаалаллара элбэх.

2. Киһи үгүстүк сыыһа-халты туттубатын туһугар «Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс» диэн этии баар. Тугу эмэ туһалааҕы оҥоруон баҕарар киһи субу оҥорор быһыытын санаатыгар элбэхтэ оҥорон, боруобалаан көрөн баран илэтигэр оҥордоҕуна туһата элбиир кыахтанар.

Уустук, улахан саҥаны арыйыылар бары кэриэтэ эрдэттэн кумааҕыга суруллан, суоттанан, ырытыллан баран оҥорулуннахтарына эрэ киһиэхэ, олоххо туһаны аҕалар кыахтаналлар. Киһи баһын иһигэр тутан сыаналыыра эмиэ кээмэйдээҕинэн уустугу, улаханы айарга барытын табатык сыаналыыр кыаҕа суоҕуттан, олорун кумааҕыга суруйан көрөрө, сыаналыыра быдан олохтоох, таба буолар кыаҕа улаатар.

Тутуу бырайыагын оҥоруу эмиэ кумааҕы үлэтигэр киирсэр. Бырайыагы бу оҥоруллар кэмигэр үчүгэйдик ырытан, көннөрөн, тупсаран биэрдэххэ бырайыак хаачыстыбата тупсар. Бу бырайыагынан тутуллар тутуу хаачыстыбалаах, туһалаах буолар кыаҕа улаатар.

Бары саҥаны айыылар, айыыны оҥоруулар тутуу бырайыагын оҥоруу хаамыытын курдук үктэллэри салгыы баран иһэллэрэ аныгы сайдыылаах, үөрэхтээх дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Суруйуу үлэтэ диэн дьиҥнээхтик илэ оҥоруу буолбатах, оҥорууга бэлэмнэнии, санаабыт санааны кумааҕыга киллэрэн бэлиэтээһин эрэ буолар. Кумааҕыга тугу баҕарар суруйдахха төһө баҕарар уйуоҕа, туох да буолуо суоҕа. Суруйааччы саҥаны айар эрэ, айыыны оҥорбот диэн этии итинник быһаарыллар кыахтаах. Тугу да суруйбут иһин кумааҕыга таах хаалан хаалыан эмиэ сөп. Саҥаны айыыны оҥоруу диэн киһи оҥорор быһыыта буоларынан икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсар. Бу уратыны тыл үөрэхтээхтэрэ билбэттэриттэн сахаларга суох "аньыы" диэн тылы булан куһаҕаны бэлиэтии сатаан дьону албынныыллар.

3. Кумааҕыга суруллубут, суоттаммыт, туох содул үөскүүрэ быһаарыллыбыт, бары куһаҕана барыта ылан быраҕыллыбыт саҥаны айбыппытын илэтигэр оҥорон, тутан таһаардахпытына дьэ биирдэ үрүҥ, үчүгэй айыы буолан тахсар, сыыһа-халты буолара суох оҥоруллар уонна дьоҥҥо элбэх туһаны аҕалар кыахтанар.

Дьон бары саҥаны айан олоххо киллэрэллэригэр бу быһаарыылары туһаннахтарына, элбэх тутууну тутуу курдук туһалаах, саҥаны айыылары оҥороллор. (1,134).

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ

1. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.