Турциятааҕы тимир суол
Турциятааҕы тимир суол (туур. Türkiye Cumhuriyeti Devlet DemiryollarıTürkiye Cumhuriyeti Devlet Demiryolları) (TCDD) — Турция судаарыстыбатын бас билиитигэр баар, Анкараҕа ыстаап-кыбартыыралаах, Турция өрөспүүбүлүкэтин национальнай тимир суолларын эпэрээтэрэ. TCDD 1927 сыллаахха бэс ыйын 1 күнүгэр төрүттэммитэ. Оччолорго Турция бырабыыталыстыбата Осман импиэрийэтиттэн хаалбыт бары тимир суоллары өрөспүүбүлүкэ балаансатыгар киллэрбитэ, бас билэр буолбута уонна эбии саҥа суоллары тутуунан дьарыктаммыта.[1]
TCDD Турция туох баары бары судаарыстыбаннай тимир суолларын бас билэр уонна салайар. Ону сэргэ Турция бары буойастарын көрөр-истэр, өрөмүөннүүр. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ иһигэр сылдьааччылары, эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕына уонна таһаҕас таһааччылары. 2008 сыллаахха хампаанньа тимир суолларын тиһигин уопсай устата 10 991 килэмиэтир буолбута. Ол түмүгэр Турция аан дойдуга саамай уһун тимир суоллаах дойдулар испииһэктэригэр 22-с миэстэҕэ тахсыбыта. 2009 сыллаахха TCDD уопсайа 17 105 353 туонна таһаҕаһы уонна 7 118 699 киһини тиэйбитэ. Ол түмүгэр хампаанньа аан дойду тимир суолларын хампаанньаларын ортолоругар 33-с миэстэ буолбута. 2009 сыллааҕы туругунан, TCDD хампаанньаҕа 25 593 киһи үлэлиир.
Турциятааҕы судаарыстыбаннай тимир суол хампаанньата кэккэ тимир суол хампаанньаларын уонна тимир суол көлөтүн көрөр-истэр хампаанньалар аахсыйадарын бас билэр. Ол кини İZBAN хампаанньа 50 бырыһыан аахсыйаларын, Измир куорат куорат таһыгар сылдьар электричкаларын эпэрээтэрин бас билэр. TCDD 1994 сыллаахтан InterRail чилиэнэ.
Бэлиэтээһиннэр
- ↑ История TCDD — Поезда и железные дороги Турции