Туголуков Владилен Александрович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Туголуков Владилен Александрович (1924—1986) - тоҥус тыллаах омуктары сэбиэскэй кэмҥэ үөрэппит бөдөҥ чинчийээччи.

Комсомольскай правда» хаһыакка үлэлээбит.

1951 с. Историко-архивнай институту бүтэрбит уонна икки сыл Николаевск-на-Амуре куоракка Архыып начаалынньыгынан үлэлээбит. Ол сылдьан Амыр омуктарын үөрэтиитин саҕалаабыт. 1954 с. Этнография институутун аспинатууратыгар Уһук Хоту уонна Сибиир сиэктэригэр киирбит. Бу сиэктэргэ олоҕун тухары үлэлээбитэ[1].

Билим ыстатыйалара уонна кинигэлэрэ умсулҕатыылаахтык, тыыннаах литэрэтиирэ тылынан суруллубуттар диэн ахталлар.

Кинигэлэрэ: «Следопыты верхом на оленях», 1969; «Кто вы, юкагиры?», 1979; «Идущие поперёк хребтов», 1980; «Тунгусы (эвенки и эвены) Средней и Западной Сибири», 1985[2].

"Тунгусы (эвенки и эвены) Средней и Западной Сибири" диэн кинигэтигэр арҕаа тоҥустар устуоруйаларын, уустарынан уонна сирдэринэн арахсыыларын чинчийбитэ. Архыыптан, кинигэттэн ылбыт уонна бэйэтэ хомуйбут сибидиэнньэлэрин аттаран нганасааннар, долгааннар уонна табалаах хотугу сахалар бөлөхтөрө — үөскээһиннэригэр эбэҥкилэр оруолларын көрдөрөр.

Быһаарыылар

  1. «Охотничьи просторы» альманаах ситим-сирэ
  2. Туголуков В.А. Тунгусы (эвенки и эвены) Средней и Западной Сибири. — М.: Наука, 1985. — 286 с.